Хаартыска: СИА
Быйылгы 2025 сыл – Иэйэхсит сыла. Сыллар ааттарын, ый бэлиэлэрин төһө билэҕит? Тыҥ хатыыта, таҥара сарыыта, түлэй түүн диэн хас чааска буоларын билэҕит дуо? Бүгүҥҥү нүөмэргэ сахалар ити туһунан өйдөбүллэрин билиһиннэрэбит.
М.А.Попова 1994 сыллаахха таһаарбыт “Саха төрүт культурата. Учууталга көмө. Итэҕэл” кинигэтигэр таҥха диэн баска сахалыы сыллар туһунан 1913 сылтан 1996 сылга диэри суруйар.
Бэлиэлэр | Сыллар | ||||||
Таҥха | 1913 | 1925 | 1937 | 1949 | 1961 | 1973 | 1985 |
Одун | 1914 | 1926 | 1938 | 1950 | 1962 | 1974 | 1986 |
Дьөһөгөй | 1915 | 1927 | 1939 | 1951 | 1963 | 1975 | 1987 |
Айыыһыт | 1916 | 1928 | 1940 | 1952 | 1964 | 1976 | 1988 |
Иэйэхсит | 1917 | 1929 | 1941 | 1953 | 1965 | 1977 | 1989 |
Үрүҥ Айыы | 1918 | 1930 | 1942 | 1954 | 1966 | 1978 | 1990 |
Сир иччитэ | 1919 | 1931 | 1943 | 1955 | 1967 | 1979 | 1991 |
Сүҥ Дьааһын | 1920 | 1932 | 1944 | 1956 | 1968 | 1980 | 1992 |
Улуу Суорун | 1921 | 1933 | 1945 | 1957 | 1969 | 1981 | 1993 |
Хотой Айыы | 1922 | 1934 | 1946 | 1958 | 1970 | 1982 | 1994 |
Байанай | 1923 | 1935 | 1947 | 1959 | 1971 | 1983 | 1995 |
Сэбэн (Билгэ) | 1924 | 1936 | 1948 | 1960 | 1972 | 1984 | 1996 |
Сыллар ити бэлиэлэринэн аахтахха, быйылгы 2025 сыл Иэйэхсит сыла буолар. Итиннэ биири бэлиэтиир оруннаах, ааптар 1992 сыллаахха “Саха төрүт культурата. II чааһа” кинигэҕэ хомуйан оҥорбут ыстатыйатыгар Сир иччитэ сылын Буор сыла, Сүҥ Дьааһын сылын Аан Дьааһын, Сэбэн (Билгэ) сылын көннөрү Билгэ сыла диэн суруйар.
Бэлиэлэр | Ыйдар |
Таҥха | тохсунньу |
Одун | олунньу |
Дьөһөгөй | кулун тутар |
Айыыһыт | муус устар |
Иэйэхсит | ыам ыйа |
Үрүҥ Айыы | бэс ыйа |
Сир иччитэ | от ыйа |
Сүҥ Дьааһын | атырдьах ыйа |
Улуу Суорун | балаҕан ыйа |
Хотой Айыы | алтынньы |
Байанай | сэтинньи |
Сэһэн (Билгэ) | ахсынньы |
Былыргы сахалар сылы түөрт кэминэн ааҕан таһаараллара, сыл уонна дьыл диэн тыллар биир өйдөбүллээхтэрэ.
Төгүрүк сыл 366 күннээх:
Кыһыҥҥы кэм – 146 күн (22.10-17.3)
Сааскы кэм – 78 күн (17.3-3.6)
Сайыҥҥы кэм – 75 күн (3.6-17.8)
Күһүҥҥү кэм – 67 күн (17.8-22.10).
Тохсунньу Таҥха ыйа диэн мээнэҕэ эппэттэр. Таҥха кэмэ ааспытын да иһин, төрөөбүт сыл, ый киһи майгытыгар төһө сөп түбэһэллэрин көрдүннэр диэн бэлиэ майгыларын суруйабыт.
Ый. Ый диэни иһиттибит да, биһиги хараҥа халлааны, чаҕылхай сулустары саныыбыт. Сахалар күһүҥҥү күн тэҥнэһиититтэн ыла суукканы ый хаамыытынан ааҕаллар. Ол аата, хараҥа уһунунан суукка кээмэйдэнэр. Ону хонук дииллэр. Ый 29 уонна 30 хонуктана сылдьыбыта биллэр. Ый аны ый саҥата уонна ый эргэтэ диэн араарыллар. Ый саҥатыгар ый сүтүүтэ (7 хонук) уонна үүнэр ый (8 хонук) киирэллэр. Ый эргэтэ диэн Күбэ туолуута (7 хонук) уонна ый тэйиитэ (8 хонук) буолар.
Ый хонуктарын сорох ааттара манныктар:
4-с күн – Ынах муоһа
8-с күн – Айа кирсэ
14-с күн – Ый кыра толорута
15-с күн – Ый улахан толорута
16-с күн – Ый кыһыл нэдиэлэтэ
17-с күн – Күтүр ыал күөстэнэр киэһэтэ
18-с күн – Бойом бөрөтө
19-с күн – Куобах куртаҕа
20-с күн – Кыптыый буута
29-с күн – Ый ааһар киэһэтэ.
Күн, дьыл кыра кээмэйинэн түүннээх күн буолар. Ити түүнтэн ааҕыллар. Халлаан хараҥаран киһи үлэлээбэт кэмин сахалар түүн дииллэр. Бу быһа барыллаан 22 чаастан саҕаланара. Суукка 22 чаастан ааҕылларын таһынан, өссө түөрт циклгэ үллэһиллэрэ: түүн, сарсыарда, күнүс, киэһэ…
Суукканы үлэ, сынньалаҥ чаастарыгар араарыы туттуллар. Көстөрүн курдук, өбүгэлэрбит утуйалларыгар, сынньалаҥнарыгар, үлэҕэ 8-тыы чааһы аныыллара. Билигин түүннээх күн 24 чаастан ааҕыллар. Күн ортото күнүс 12 чааска тэҥнэһэр. Олох-дьаһах уларыйан иһэринэн, суукка кэмнэрин араарыы сыҕарыйа-тэлэрийэ турар.
“Саха төрүт культурата. Учууталга көмө. Итэҕэл”, 1994 С., М.А.Попова уонна “Саха төрүт культурата. II Чааһа”, “Күн-дьыл эргиирэ”, 1992 с. Кинигэлэр туһанылыннылар.
ИДьМ Дьокуускай куорат 1 №-дээх салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай олохтооҕуттан үҥсүү киирбит. Ол курдук дьахтары…
Бэс ыйын 20 күнүгэр Баһылай Манчаары төрөөбүт "Арыылаах" алааһыгар сарсыарда 10 чаастан ХХII төрүт успуорт …
Хаһыҥ түһэрин истибэтэх эбэтэр кэмин баттаһа бүрүйбэтэх элбэх улуус, куорат олохтоохторун үүнээйилэрэ бэҕэһээ, бүгүн сарсыарда…
Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэринэн, бу түүн, ол эбэтэр бэс ыйын 18 күнэ үүнэр түүнүгэр, Горнай, Хаҥалас,…
Саха сиригэр сэдэх балык көрүҥнэригэр сокуоннайа суох балыктааһын иһин ыстарааптааһыҥҥа дьокутааттар суолталаах быһаарыыны ылыммыттарын туһунан Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар,…
Анал өйөбүлү доруобуйа харыстабылын, улуустааҕы балыыһалар уонна суһал көмө сулууспатын бастакы сүһүөх звенотун үлэһиттэрэ ылаллар.…