Салгыы
Таракааны суох оҥорорго судургу сүбэ баарын билэҕит дуо?

Таракааны суох оҥорорго судургу сүбэ баарын билэҕит дуо?

Ааптар:
09.11.2024, 15:45
Е.Попова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бу сүбэ хаһаайкаларга туһалыыра саарбахтаммат.

Сорох ыаллар, ордук элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ олорор дьон, сөп-сөп таракааны хайдах суох оҥоробут диэн ыйыталаһаллар. Ыалбытыттан киирдэ, хантан эрэ кэллэ, баар буолбут диэн буолар. Хантан, төһө сыанаҕа таракаан дьаатын ылар туһунан толкуйдууллар. Оттон сорох дьаат сыта-сымара киһини сөтөлүннэрэр, хараҕы аһытар, кытардар, сүрэх көбүөн сөп, о.д.а. элбэх.

Маныаха таракааны маннык ньыманан суох оҥорор туһунан истибиккит дуо?

Таракаан аһылыга суох өр олоруон сөп. Ол гынан баран, уута суох уһуннук тулуйбат.

Химиянан сутуллубут эбэтэр тапочканан охсуллан бааһырбыт таракаан алҕас түспүт 1 хааппыла да ууттан тиллэр.  Онон ууну суох оҥорон кинилэртэн өрүһүнүөххэ сөп диир сыыһа.

Таракааннары суох оҥорор саамай көдьүүстээх дьаатынан борнай кислота буолар. Борнай кислотаны бытыгынан да таарыйдаҕына өлөр, эбэтэр дьиэттэн куотар.

Муостаҕа, бөх тоҕор биэдэрэҕэ, плинтустарга, вентиляция дьөлөҕөстөрүгэр борнай кислоталаах ууну таммалатыахха сөп. Бу бороһуок киһи доруобуйатыгар куттала суох. Эбэтэр сымыыт араҕаһыгар 30-50 г борнай кислотаны кутан, булкуйан баран, кыра төгүрүктэри оҥорон, таракаан сөбүлээн сылдьар сирдэригэр уурталааҥ — иһит уурар ыскаап үрдүгэр, суунар хоско… Бытыктарынан даҕайдылар да сутуллаллар. Өскөтүн сутуллубут таракаан чэгиэн таракааны таарыйда да, анарааҥҥыта эмиэ сутуллар.

Саха ыалын халандаара,

«Айар» кинигэ кыһата, 2015 с.

+1
22
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2
+1
3
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: