Салгыы
СҮБЭҺИТ: Төлөпүөммүт өр сулууспалаатын

СҮБЭҺИТ: Төлөпүөммүт өр сулууспалаатын

Ааптар:
16.10.2024, 20:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Төлөпүөн ис бырагыраамаларын саҥарда сырыттахха уонна сөпкө ииттэрдэххэ, өр сулууспалыаҕа диэн Роскачество сүбэлиир. Бу туһунан объясняем.рф саайт суруйар.

Сөпкө ииттэриҥ

Аныгы төлөпүөннэр литийионнай аккумулятордаахтар. Ол өр сылдьарын туһуттан маннык сүбэлэри туһаныҥ:

—  төлөпүөҥҥүт иитиитэ ньуул буоларын кэтэһимэҥ, 10-15% хаалбытын кэнниттэн ииттэрэ сатааҥ. Аны толору 100% буолуор диэри ииттэрэр эмиэ сатаммат, 80-90% буолара ордук. Төлөпүөҥҥүтүн түүнү быһа уокка холбоон хаалларымаҥ, батареята итийиэҕэ;

— ииттэрэ туран төлөпүөҥҥүтүнэн туттумаҥ;

— хаачыстыбалаах ииттэрэр устройстволары туһаныҥ.

Күнтэн харыстааҥ

Төлөпүөҥҥүтүн күн көрөр сиригэр уурумаҥ, батареята итийэн алдьаныаҕа. Күҥҥэ сыппыт төлөпүөн эмискэ арахсыан, холбонуон эбэтэр олох да эстэн хаалыан сөп.

Итиэннэ күн уотуттан төлөпүөн сирэйэ саһарыан сөп.

Ууттан сэрэниҥ

Төлөпүөн иһигэр уу киирэн, ис деталларын алдьатыан сөп.

Ииттэрэ сылдьан суунумаҥ, уокка оҕустарыаххытын сөп.

Фенынан куурдумаҥ

Төлөпүөҥҥүтүн алҕаска инчэттэххитинэ да, курууппаҕа угумаҥ, фенынан куурдумаҥ. Курууппаҕа угуу көмөлөспөт, оттон фен төлөпүөҥҥүт иһинээҕи деталларын уулларыаҕа, уматыаҕа.

Төлөпүөн иһигэр уу киирэн, кунуопкалара үлэлээбэт буоллахтарына тута араарыҥ уонна кураанах сотторунан сотуҥ. Онтон сервискэ илдьэн оҥотторуҥ.

Төлөпүөҥҥүтүн харыстааҥ

Төлөпүөн биир үксүн тоҕута-хайыта түһэн алдьанар, онон хаачыстыбалаах чехолла, хос тааста ылан иилиҥ.

Бырагырааматын саҥардыҥ

Хас биирдии төлөпүөҥҥэ операционнай систиэмэ диэн баар. Кэмиттэн кэмигэр бу систиэмэ саҥардыыны ирдиир. Маны туһамматахха төлөпүөҥҥүт бытаарар.

«Өйүн» ыраастааҥ

Төлөпүөҥҥүт «өйө» туоллаҕына, бытааннык үлэлиир, батареята түргэнник бүтэр буолар. Онон наадата суох хаартыскалары, видео-устуулары, аудио-устуулары, туһаммат сыһыарыыларгытын сотторо сылдьыҥ.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: