Саргылаах саҥа дьылбыт чугаһаата. Онон Саха сирин олохтоохторо Саҥа дьыллааҕы остуолларыгар тоҥ балыгы кыһан уураары бэлэмнэнэллэр. Ол эрээри үгүстэрин хайдах, ханнык балыгы талар ордугуй диэн боппуруос мунаардар.
Саҥа дьыллааҕы остуолга саха ыалыгар тоҥ чыыр бастыҥ миэстэни ыларын күүтэн, болкуоҥҥа дуу, хочуоҥкаҕа дуу салапааҥҥа чороччу эриллэн сыттаҕа.
Саҥа дьыл киэһэ, итии ас-үөл кэннэ, “тоҥ балык сиэххэ” диэн саҥа аллайыы минньигэстик иһиллэр. Таһырдьаттан, туманы бүрүммүтүнэн ойутан киллэрэн, кыһан барыллар. Хас биирдии киһи ону астыыр кистэлэҥнээҕэр саарбахтаабаппын.
Тоҥ балык бүлүүдэтигэр ханнык баҕарар хоту күөл балыга барсар. Өрүс балыга сыата арыый кыра буолар.
Тоҥнуу сииргэ икки-үс киилэлээх чыыр саамай минньигэс. Кыһарга да табыгастаах. Устурууската олус кыра да, олус улахан да буолбат. Атыыга дэлэй. Сатаан талыахха эрэ наада. Мап-маҥан хатырыктаах, сырдык уонна ыраас буолуохтаах.
Бөлтөркөй, төгүрүк харахтааҕы талыллар. Тоҥ чыыр араҕастыйар дьүһүннээх буоллаҕына, бу сайыҥҥы балык, рефрижераторынан кэлбит диэххэ сөп. Тоҥ балык сөбүгэр бөкүнүк, хаһалаах, сиһэ сыалаах буоллаҕына минньигэс.
Тоҥ чыыры таһырдьаттан киллэрээт да, тута кыһар ордук. Ириэрбэккэ эрэ. Бастаан тириитин араарыллар. Лапчааннарын бысталанар. Саха быһаҕынан туттар ордук. Хотуобай кынчаалынан кыстахха, устурууската сүгүн эриллибэт. Сатаан кыһарга, биллэн турар, үөрүйэх наада. Саамай эмис миэстэтэ – хаһата. Ол иһин өрөҕөтүттэн кыһан саҕаланар. Ол аата, сииргэ саамай кэлин буолар гына, бүлүүдэ түгэҕэр ууруллар. Төгүрүччү дуу, көнөтүк дуу кыһартан балык амтана тутулуга суох. Онон ким хайдах сатыырынан кыһар. Халтарыйбатын диэн хаптаһыҥҥа дьөлө хаһыллыбыт дьөлөҕөскө тумсунан туруоран туран кыһар табыгастаах. Билигин балтурмас диэн тэрил баар. Балыгы туруоран кыһарга аналлаах мас. Үчүгэй тэрил диэн туттар дьон биһирииллэр.
Тус бэйэм ыһаарыламмыт эриэппэ луукка томат соуһун, хара биэрэһи, тууһу булкуйан, тума оҥосторбун ордоробун. Тоҥ чыыр устуруускатын уймаан сииргэ олус минньигэс буолар.
Онон саргылаах Саҥа дьылбытын тоҥ балыктаах көрсүөҕүҥ!
Василий Аржаков, Ньурба.
2023 сыллааҕы архыыптан.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…