Салгыы
СҮБЭҺИТ: Унтууну быраҕарга ыксаамаҥ…

СҮБЭҺИТ: Унтууну быраҕарга ыксаамаҥ…

Ааптар:
04.11.2024, 18:30
Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн
Бөлөххө киир:

Атах таҥаһын оҥорооччутуттан билигин  хайдах баҕарар быһыылаах уонна көстүүлээх унтууну талбытынан сакаастаан ылар да, тиктэрэр да кыахтаах.  Фабрикаттан саҕалаан сыаналаах, Кытай ырыынагар турар чэпчэки сыаналаах, кырасыабай билэлээх, ол эрээри үйэтэ суох унтуу турара элбэх. Халлаан тымныйда, дьахтардыын уонна эр киһилиин бары биир киһи курдук унтууларын көрдүү ампаарга көрдүү тахсаллар, ыскаап иһин хаһыспытынан бараллар.

Дьэ манна «үчүгэй» хаһаайка эбэтэр хаһаайын быйыл саас унтууну хайдах кичэйэн, харайан уурбутуттан тутулуктанар. Оттон сорох ыскаап түгэҕэр тэбэн кэбиһэн баран, тымныы түстэҕинэ эрэ дьэ өйдөөн быыл быыһыттан ороон таһаарара баар суол.

Арай унтуугун кэтээри гыммытын түүтэ саккырыы сылдьар, онон-манан тараҕайданан хаалбыт. Ол аата сайыны быһа моль остолобуой, дьиэ оҥостубут, өлгөмнүк сымыыттаан хаалларбыт. Дьэ, бабат диибит, ылан таһырдьа кыыратабыт. Ол эрээри быраҕарга ыксаама.

Үчүгэйдик сирийэн көр. Бастаан таһырдьа таһааран тоҥор. Онтон кытаанах суокканан хаарга буккуйа-буккуйа дэлби тэбээ, сахсый, моль сымыыттарыттан босхолоо. Бу этэрбэһи, баҕар кэппэтэргин да, көтүрэн доруобай өттүн кэлин туттуоххун, эбии тыс атыылаһан , саҥа этэрбэс тиктиэххин сөп. Оттон этэрбэскин үчүгэйдик харайбыт, моль сиэбэтэх буоллаҕына, уллуҥун өйдөөн көр. Чарааһаабыт эбэтэр кэлтэччи элэйбит буоллаҕына, саҥалыы уллартарарга тиэтэйимэ. Саҥалыы уллартарарга этэрбэс биир размерынан кыччыырын умнума. Онон абыраҕы эрэйбэт буоллаҕына, арантыытыгар эрэ  диэри көтүрэн баран саҥалыы уллартарар судургу, сыаната да чэпчэки буолар.

Унтууну саҥардарга аҥардас билэтин эрэ  дауларытыахха сөп. Сыл аайы саҥа курдук көстүө. Билэ икки ардыгар норка эбэтэр мутон кыбытан  биэрэр хайаан да наада. Оччоҕо этэрбэс түүтэ соҥҥо аалыллан тараҕайданыа суоҕа.

+1
12
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: