Атах таҥаһын оҥорооччутуттан билигин хайдах баҕарар быһыылаах уонна көстүүлээх унтууну талбытынан сакаастаан ылар да, тиктэрэр да кыахтаах. Фабрикаттан саҕалаан сыаналаах, Кытай ырыынагар турар чэпчэки сыаналаах, кырасыабай билэлээх, ол эрээри үйэтэ суох унтуу турара элбэх. Халлаан тымныйда, дьахтардыын уонна эр киһилиин бары биир киһи курдук унтууларын көрдүү ампаарга көрдүү тахсаллар, ыскаап иһин хаһыспытынан бараллар.
Дьэ манна «үчүгэй» хаһаайка эбэтэр хаһаайын быйыл саас унтууну хайдах кичэйэн, харайан уурбутуттан тутулуктанар. Оттон сорох ыскаап түгэҕэр тэбэн кэбиһэн баран, тымныы түстэҕинэ эрэ дьэ өйдөөн быыл быыһыттан ороон таһаарара баар суол.
Арай унтуугун кэтээри гыммытын түүтэ саккырыы сылдьар, онон-манан тараҕайданан хаалбыт. Ол аата сайыны быһа моль остолобуой, дьиэ оҥостубут, өлгөмнүк сымыыттаан хаалларбыт. Дьэ, бабат диибит, ылан таһырдьа кыыратабыт. Ол эрээри быраҕарга ыксаама.
Үчүгэйдик сирийэн көр. Бастаан таһырдьа таһааран тоҥор. Онтон кытаанах суокканан хаарга буккуйа-буккуйа дэлби тэбээ, сахсый, моль сымыыттарыттан босхолоо. Бу этэрбэһи, баҕар кэппэтэргин да, көтүрэн доруобай өттүн кэлин туттуоххун, эбии тыс атыылаһан , саҥа этэрбэс тиктиэххин сөп. Оттон этэрбэскин үчүгэйдик харайбыт, моль сиэбэтэх буоллаҕына, уллуҥун өйдөөн көр. Чарааһаабыт эбэтэр кэлтэччи элэйбит буоллаҕына, саҥалыы уллартарарга тиэтэйимэ. Саҥалыы уллартарарга этэрбэс биир размерынан кыччыырын умнума. Онон абыраҕы эрэйбэт буоллаҕына, арантыытыгар эрэ диэри көтүрэн баран саҥалыы уллартарар судургу, сыаната да чэпчэки буолар.
Унтууну саҥардарга аҥардас билэтин эрэ дауларытыахха сөп. Сыл аайы саҥа курдук көстүө. Билэ икки ардыгар норка эбэтэр мутон кыбытан биэрэр хайаан да наада. Оччоҕо этэрбэс түүтэ соҥҥо аалыллан тараҕайданыа суоҕа.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…