СҮБЭҺИТ: Уҥуоҕу бөҕөргөтүү
Бу күннэргэ Саха сиригэр тимир көлөлөөххө да, сатыы да киһиэхэ уулуссаҕа тахсыы туспа түбүккэ кубулуйан эрэр. Күн-дьыл тымныйан, сарсыарда уонна киэһэ өттүгэр тоҥорон, суол-иис мууһунан бүрүллэр. Халтараан буолуута аҕам саастаах дьоҥҥо ордук сэрэхтээх. Онон хас биирдии киһи бэрт сэрэхтээх буолан, эчэйииттэн харыстаныан наада. Итини кытта уҥуоҕу бөҕөргөтүүгэ норуот сүбэлэриҥ уонна ньымаларын туһаныҥ. Дьэ уҥуох кэбирээһинин, рахит ыарыытын хайдах сэрэтиэххэ сөбүй?
Киһи уҥуоҕа 23-27 сааһыгар диэри бөҕөргүүр, онтон төттөрү түһүү барар, атыннык эттэххэ, кальций аҕыйаан уҥуох чарааһыыр, көмүрүө курдук буолар. 50-60 саастаах дьон ортолоругар остеопороз саҕаланар.
Саамай туһалаах уонна ороскуота суох ньыма — сымыыт хаҕын туһаныы. Сымыыт хаҕын дьон былыр-былыргыттан эмп курдук туттар. Сымыыты буһарыах иннинэ сылаас ууга мыылалаан, хос-хс сайҕаан сууйаллар, 1,5-3 г сымыыт хаҕын бороһуогун хааһыга, иэдьэгэйгэ, кэпииргэ, үүккэ булкуйан биэрэллэр. Улахан киһи 2-3 г бороһуогу эмиэ аһы кытта булкуйан сиир. Сотору кэминэн киһи тыҥыраҕа тосторо, баттаҕа түһэрэ тохтуур. Утуйара тупсар, ньиэрбэтэ уоскуйар. Кыһыҥҥы бириэмэҕэ кальций олус наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: