СҮБЭҺИТ: Уста кээмэйэ, ыйааһын мээрэйэ

Share

Ааспыт сүбэһиккэ сахалыы бириэмэ кээмэйдэрин түмэн көрдөрбүппүт. Бу сырыыга күөххэ үктэммиччэ, окко киирии кэмэ чугаһаабытынан, устаны, ыйааһыны түмэргэ холонуохпут.

Мөккүөрдээх түгэннэрдээх

Уста, ыйааһын кээмэйдэрин түмэн көрдөрөргө холонуохпут диэн ылбычча эппэтим. Тоҕо диэтэххэ, кэлин төрүт кээмэйдэр умнулла быһыытыйан, сантиметр, миэтэрэ, килэмиэтир диэн тылларга көһөн, билигин уста кээмэйдэриттэн сүрүннээн “тутум”, “атыл”, “хардыы” эрэ хаалбыттар, ыйааһын мээрэйэ букатын даҕаны туттуллубатын кэриэтэ. Уһун суһуох күрэстэригэр тутум өрүү туттуллар буолан аныаха диэри тиийэн кэллэҕэ, оттон атылы, хардыыны эр дьон хаһаайыстыбаҕа балачча туттар уонна биир үксүн судургу, өйдөнүмтүө буолан туһаныллан эрдэҕэ. Аны мөккүөрдээх да түгэннэр бааллар. Холобур, улахан киһи киэҥник хардыылыыра биллэр. Онон атылы сорохтор биир, атыттар балтараа миэтэрэ дииллэр. Эбэтэр мэһэмээни ким эрэ киилэ диир, ким эрэ 800 кыраам диир.

Уста кээмэйдэрэ

Уста кээмэйигэр, аата да этэринии, ырааҕы, чугаһы кээмэйдээһин киирэр. Биһиги кээмэйдэрбит үгүстэрэ түүр норуоттарын кээмэйдэрин кытта сөп түбэһэр диэн этэллэр.

Көс. Уста кээмэйиттэн айаҥҥа сыһыаннаах саамай киэҥник тарҕаммыт көс буолар.

Э. К. Пекарскай сарсыардаттан хойукка диэри биир күннээх айан диэн быһаарар, “күндүк” (атын кинигэлэргэ күннүгүнэн сылдьар) диэн тылы кытта туттар. Тылдьытыгар көс хас да арааһын көрдөрөр: сатыы көс — 7–8 биэрэстэ, ат көс — 10 биэрэстэ, сиэлэр ат көһө — 13–14 биэрэстэ. Итини таһынан, оҕус көһө, тииҥ көһө (бу саамай кыра кээмэй) диэн суруйар.

Билигин көс 10 км тэҥнэһэр. “Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара” кинигэҕэ “В. В. Бартольд көһү 30 биэрэстэҕэ холуур. П. А. Ойуунускай көс диэн сарсыардааҥҥы аһылыктан күнүскү аһылыкка диэри түөрт чаас кэриҥэ айаны ааттыыллар” диэн суруйаллар.

Былас. Икки илиигин туора ууннаххына, илииҥ биир уһугуттан нөҥүө илииҥ уһугар диэри (4 тоҥолох). Былас, быһа холуйан, 164–168 см тэҥнэһэр. Былаһынан былыр сахалар отторун кэмнииллэрэ. Уон быластаах от 400 бугул эбэтэр “биир от” диэн ааттанара. Итинник кээмэйинэн сүөһүлэрэ дьылы туоруулларыгар төһө от наада буолуохтааҕын суоттууллара (“Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара”, 21 сирэй).

Былас аҥаара. Түөс ортотуттан туора уунуллубут илии уһугар диэри (2 тоҥолох). Хаамыы (хардыы, атыл). Биир атыл билиҥҥи миэтэрэҕэ тэҥнэһэрэ. П. А. Ойуунускай суруйарынан, хаамыы үс араастаах эбит: муҥутуур киэҥник атыллаан хаамыы — ыллар хаамыы, ортотук атыллаан  хаамыы — орто хаамыы, кыратык атыллаан хаамыы — кыра хаамыы. Дьиҥэр, итинтэн иккитэ эрэ туттуллар: ыллар уонна орто. Итинник кэмнээһин казахтарга эмиэ баар (“Саха төрүт культурата”, 3 сирэй).

Ох тэбиитэ. Ытыллыбыт ох баран түһэр сирэ ааттанар. Ортотунан, 200‑чэ хаамыыга тэҥнэһэр. А. Е. Кулаковкай биэс ох тэбиитин биир биэрэстэнэн ааҕар эбит.

Тоҕонох (хары). Тоҕонохтоох тарбах икки сүһүөҕэр диэри.

Харыс. Сараччы туттубут эрбэх төбөтүттэн орто тарбах төбөтүгэр диэри (20 см кэриҥэ).

Ыллар харыс. Муҥутуур улахан харыс.

Сүөм. Сүөм икки араастаах: уһуктаах сүөм уонна муҥур сүөм.

Уһуктаах сүөм. Сөмүйэлээх эрбэҕи сараччы туппут кэннэ эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри кээмэй (16–17 см).

Муҥур сүөм. Эрбэҕи көнөтүк, оттон сөмүйэни ортоку сүһүөҕүнэн токутан баран атыччы тутуллубут кээмэйэ (13 см кэриҥэ).

Тутум. Киһи сутуругун үрдүгэ.

Суор холото. Тутумҥа тойон эрбэҕи өрө туппут үрдүгэ.

Биир илии. Тарбах кэтитинэн кээмэйдэнэр.

Ылгын чыҥыйа. Ылгын чыҥыйа кэтитэ.

Уллуҥах устата. Икки хаамыы үс уллуҥах устата.

Кэлин сахаҕа нуучча устатын кээмэйдэрэ эбии киирбиттэрэ: 1. Бэчээтинэй саһаан  — хаҥас атах тумсуттан үөһэ ууммут илии тарбаҕын төбөтүгэр диэри кээмэй, 213 см тэҥнэһэр. 2. Арсыын — туора уунуллубут хаҥас илии тарбаҕын төбөтүттэн санныга диэри кээмэй, 71 см тэҥнэһэр. 3. Бөрсүөк — орто тарбаҕы токуччу тутуннахха, икки сүһүөх ыккардынааҕы кээмэй, арсыын алта гыммыт биирэ, 4,4 см. (“Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара”, 22 сирэй).

Ыйааһын мээрэйдэрэ

Сахалар былыр тус-туспа алаастарынан, аҕа ууһунан олороллоро. Ол да буоллар бэйэлэрин икки ардыларыгар ылсар-бэрсэр үгэстээхтэрэ, онно өйдөһөр мээрэйдээхтэрэ. Үксүгэр иһитинэн мээрэйдииллэрэ биллэр. Чабычах, саар ыаҕас, холлоҕос, хоппо, тымтай, бэрэмэдэй, хааһах, о. д.а. иһит-хомуос бары мээрэй буолаллара.

Холлоҕос. 10–20 ыаҕас киирэр истээх туос иһит. Онно үксүн тары куталлара.

Сири иһит. 6–7 буут истээх тирииттэн тигиллэр, кымыс кутуллар иһит. Улахан ыһыахтарга кымыһы хас даҕаны сири иһиккэ куталларын туһунан суруйаллар.

Буут. 16 киилэ кэриҥэ.

Боппууда. 8 киилэ кэриҥэ.

Мэһэмээн. 1 киилэ кэриҥэ (сорох суруйууларга 800 кыраам).

Мээрэй. Биир киилэ кэриҥэ истээх туос иһит.

Муунта. 400 кыраам кэриҥэ.

Чабычах. 10 муунта истээх.

Ындыы. Бэрэмэдэй биирдии өтүгэр иккилии буут таһаҕас.

Тымтай. Биир буут балык киирэр туос иһит.

Ыаҕас. Солуур быһаҕаһа эбэтэр биэс-уон муунта кээмэйдээх.

Холлоҕос иһит. 10 ыаҕас киирэр истээх (сорохтор сүүрбэччэ ыаҕайа киирэр истээх дииллэр).

Кэриэн айах. Боппууда истээх диэн быһаараллар.

Ат тардыыта. Сыарҕалаах ат тардарыгар сөптөөх ыйааһыннаах таһаҕас.

Оҕус тардыыта. Сыарҕалаах оҕус тардарыгар сөптөөх ыйааһыннаах таһаҕас.

Былыр аныгы курдук тимир көлө суох. Онон мастарын-муустарын атынан, оҕуһунан тиэнэллэр. Улахан ыйааһыны кээмэйдээһиннэрэ даҕаны итиниэхэ ханыылыы. Аны уокка оттор мастарын сыарҕа мас, хонук мас, көтөх мас диэн араараллар. Балары аныгы киһи аахта да өйдүүр кыахтаах.

Күөс эт. 10 муунта кэриҥэ эт. Маны таһынан, кырбас эт, үтэһэ эт, үтэһэ мунду, ытыс бурдук курдук өйдөбүллэр бааллар, аныгы кэмҥэ ытыс бурдуктан ураты туттуллар диэххэ сөп.

Саамай кыра мээрэйдэргэ кымаах, сыҥсыыр, кутуу чэй, хамса табах киирэллэр. Итини тэҥэ кыыннаах быһах саҕа, тыҥырах харатын, чыычаах тумсун саҕа уо. д.а. өйдөбүллэр бааллар эбит. Бу аныгы кэмҥэ туттуллубат, бары кыраамынан ааҕабыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

6 часов ago