СҮБЭҺИТ: Ваннаҕыт ситимин сабымаҥ

Share

Бу сайыҥҥы кураан  күннэргэ дьиэлэрин өрөмүөннүүр дьон саамай сүүрэр-көтөр, булар-талар кэмнэрэ үгэннээн турар.

Бэйэ уопутуттан туһалаах сүбэ

Дьиэтин өрөмүөннэнэр кэмигэр киһи билэрэ-көрөрө, үөрэтэрэ үксүүр, уопутурар. Ол эрээри бүгүн мин дьиэ өрөмүөнүн хайдах ыытыахха сөбүгэр буолбакка, бэйэм тү­­бэспит түбэлтэбин холобур аҕалан, дьиэлэрин өрөмүөнүн саамай үгэнигэр сылдьар дьоҥҥо көдьүүстээх сүбэ буолуо диэммин ыстатыйа суруйарга сананным.

Турба истиэнэтин маннык аһаҕас хаалларар эбиккин

Ванна истиэнэтэ – кафель…

Биллэн турар, өрөмүөн саҕана сүрүн болҕомтобутун суунар-тараанар сирбитигэр – ваннаҕа уурабыт. Истиэнэбит хайаан да кафелынан сабыллыахтаах – онтон атыны толкуйдуу да барбаккын. Туох кистэлэ кэлиэй, дьахтар-аймах, бастатан туран, кафель өҥүн талан барабыт.  Өскөтүн өҥҥөр таба тайаммыт буоллаххына, күнүҥ, дьэ, ваннаҕыттан тахсар.

Ол эрээри хас сыл буолара биллибэт, баҕар, биэс-алта, баҕар, сүүрбэччэ сылынан мин түбэспит түбэлтэм син биир кимиэхэ эмэ тиийэн кэлиэн сөп.  Онон, күндү ааҕааччым, бу суруйуубун болҕомтолоох­тук аах уонна маннык алҕас хатыламматын туһугар тускар туһан.

Маннык сабыахха сөп

Истиэнэ сабыытын кэннигэр – тэстии

… Биир бээтинсэҕэ күнүнэн чугас улууска командировкаҕа барар буоллум. Ханна эмэ ыраата бардахпына сы­­лаас уонна тымныы уу кыраан­нарын ха­­йаан да сабан барар үгэстээхпин. Бу сырыыга эмиэ сабан бараары гынан баран, “киэһэ кэлэбин дии, туох буолар үһү” дии санаан, кырааннарбын саппатым. Киэһэ кэлэн, суунаары гыммытым, уу суох. Ити иннинэ “Водоканалга” туох эрэ саахал буолбут диэн, икки күн курдук уута суох олорбуппут. “Эмиэ туох эрэ буолбуттар” диэн аахайбатаҕым. Сарсыҥҥы күнүгэр управляющай хонтуораттан диспетчер эрийдэ: “Бэҕэһээ эбиэт кэннэ аллараа этээскэ олорор ыалыҥ эн ваннаҕыттан уу тэстэрин туһунан биллэрбитэ. Тиийэн тоҥсуйа сатаабыппыт да, аспатаҕыҥ. Ол иһин кырааннаргын саппыппыт. Ол эрээри уу тэс­­тиитэ олох тохтообот үһү. Онон сантиэхиньик билигин тиийэн көрүө-истиэ”. Мин командировкаҕа сылдьыбыт буолан, суохпуна туох буолбутун хантан билиэмий? Сотору буо­лаат, тиэхиньик кэлбитигэр кинини кытта аллараа ыалларбар киирэн көрбүтүм, кырдьык, истиниэлэрэ саккырыы аҕай турар. Исписэлиис аһаҕас бордууһуналарбын уонна түннүктэри өҥөйөн көрүтэлээн баран, тугу да булбата – барыта кураанах. Аны ваннам раковинатынан баар кырааннары көрөөрү гынна да, барыта кафелынан хам сабыллан турар. “Бу манан алдьатыаххын наада”, – диэн эттэ. Мин сантиэхиньик буолла да, бэйэтэ үстүрүмүөннээх кэлэн, ханна туох наада сиринэн алдьатан, чинчийэн көрүөхтээх диэн өйдөбүллээхпин. Ол санаабын эппиппэр киһим “хаһаайыннар дьиэҕитигэр бэйэҕит эппиэт­тиигит. Миэхэ барыта көстөр гына оҥорон биэриэхтээххит” диэтэ. Эмиэ да сөп буоллаҕа. Көстүүгэ туруохтаах турбалары кафелынан үчүгэй көстүүлээх буоллун диэн бэйэбит сабан кэбиһэр буоллахпыт. Оттон ол сабыы кэннигэр араас барыта буолар эбит…

Уу кыраантан саҕалаан ыалым муннук истиэнэтигэр тиийэ тиийбит....

Сантиэхиньиги булуу уустук эбит

Аны кафель истиэнэни алдьатар киһини көрдөөһүн саҕаланна. “Юла” диэннэригэр эрийэн көрдүм да, омук дьонугар түбэһэн истим, “итинник кыра үлэҕэ ылсыбаппыт” диэн атыыр аккаас. Хата, дьолго, ку­­йаар ситимигэр “сантиэхиньикэни оҥорор үлэ биригээдэтэ” диэни “гугллаан” буллум. Онно биир түбэһиэх нүөмэргэ эрийдим. Маладьыаһыҥ, наар сахалыы кэпсэтэбин. Төрүөтэ биир – тиэрминнэрин билбэт буолан, бэйэм тылбынан быһаарарым судургу курдук. “Сахалыы кэпсэтэбит дуо? Сүбэлэтээри гынабын”, диэбиппэр кэпсэтэр киһим ”суох, сахалыы билбэппин”, диэбитигэр “чэ, сатаан быһаарарым дуу, суох дуу, иһит…” диэн баран, кэп­сээн субурутан кэбиспиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Ыксаатахха, көр, табыллар эбит. Киһим тугу этэрбин өйдөөтө уонна “мин сакааска сылдьабын, ол эрээри балаһыанньаҥ олох ыксаллаах эбит, эйигиттэн чугас үлэлиибин, сотору тиийэн көрүөм уонна быһаарыы ылыныам” диэтэ. Өр буол­бата, эдэрчи нуучча киһитэ кэлэн, көрдө-иһиттэ уонна “сарсын анал тэриллээх кэлэн, истиэнэҕин алдьатыам” диэтэ. Ыалым кыыс сарсыныгар олох айманна “истиэнэм бэрт улаханнык таммалаан эрэр, кытаа­тан түргэнник алдьаммыт турбаҕын бүөлэтэ оҕус” диэн эрийдэ. Мин сантиэхиньикпин ыксаттым. Киһим анараа үлэтиттэн сүүрэн кэлэн,  истиэнэм аллараатын алдьатан, тэстэ турар  сири булан, өрөмүөннээтэ. Онно 5 тыһ. солкуобайы ылла. Ити иннинээҕи күн көрөн-истэн баран, 2 тыһыынча солкуобайы төлөппүтэ. Хата, истиэнэбин бэрт харыстабыллаахтык алдьаппыт. Онно махтаммыппар, “эйигин аһынан, олох сэрэнэн үлэлээтим. Биһиги итинник түгэҥҥэ кафелы хардыргаччы үнтү дьөлөн алдьатабыт. Биллэн турар, тустаахха ол – ороскуот. Сэрэнэн үлэлииргэ бириэмэ суох, хайдах баарынан хамсанаҕын” диэтэ уонна уу тэстэр сирин бэрт кичэллээхтик бүөлээн кэбистэ.

Канализация турбата эмиэ аһаҕас буолуохтаах

Сүбэни ылынар ордук

Өссө биир сүбэ. Турбам тэстибитин өрөмүөннээбит исписэлиис биир өрүккэ болҕомтобун туһаайда: “Ууну араарар түгэннэригэр тымныы уонна итии уу кэлэр кыраан­нарын сабан кэбиһэр буол. Онтон өр буолан баран, уу ыраас­таммытын кэннэ хол­боор. Уу арахсан баран хат­таан холбоноругар, турбаҕа араас кир-хах киирэн мустар, киртитэр”.  Кырдьык, ити сүбэни ылынар ордук, урут аахайбат буоллахпына, билигин  анаан туһаныам.

 … Ити курдук, быйыл сайын сантиэхиньикэ өттүгэр бу түбэлтэттэн сыл­таан бэрт үгүс билбэтэхпин биллим. Билигин ваннам турбаларын көрө-истэ сылдьарга идэтийбит сантиэхиньиктэн туох да итэҕэһэ суох уопутурдум. 

Онон, күндү доҕоттор, ваннаҕытыгар уу барар турбалара турар сирдэрин кафелынан олох бүөлээмэҥ. Хаһан эрэ син биир ол кафельгытын алдьатарга күһэллиэххит. Мин хас да билэр дьоммор сылдьан, аны наар ванналарын истиэнэтин хайдах саппыттарын көрөр буолан хааллым. Эмиэ миэнин курдук кафелынан лигиччи сабыллан тураллар! Итини көрөн баран, 36-с кыбаартал “Прометей” управляющай хампаанньатын салайааччыта Татьяна Арбатскаяны кытта көрсөн кэпсэтэргэ сананным.

– Эн түбэлтэҥ биһиги үлэбитигэр сылы эргиччи өрүү хатыланар. Кырдьык, дьон турбалара көстө турарын саба сатыыллар. Чэ, сөп, кафелынан сабан киэргэтиҥ, ол эрээри турба барар сирин хайаан да аһаҕас хаалларар наада. Турбалар холбонор сирдэригэр дьэбиннирии көстөр буоллаҕына, ол аата “сэрэтии” – манан сотору кэминэн тэстии тахсыаҕа диэн. Ол пластик да, тимир да турбаҕа аһаҕастык көстөр. Уопсайынан, сабыыта суох турбаларгытын сотору-сотору көрө-истэ сылдьаргыт ордук. Ууну арааран баран холбоотохторуна, эмиэ тэстии барарын-барбатын кэтиэхтээххит. Кафелынан истиэнэлээн баран, турба турар сирин аһыллар-сабыллар гына оҥорторуохха сөп. Онон  араас ньыма үгүс, куйаар ситимигэр көрдөрөллөр-үөрэтэллэр, ону туһаныҥ, – диэн сүбэлээтэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

12 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

1 час ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

13 часов ago