СҮБЭҺИТ: Ыам ыйыгар олордуллар үүнээйилэр

Share

Дойдуга хааччахтааһынынан, экология киртийиитинэн сибээстээн, ис ырыынагы сайыннарыыга, олохтоох аһы-үөлү, оҕуруот аһын дэлэтиигэ улахан болҕомтону уураллар. Бэйэ ылбыт сиэмэтин хааччыныы эмиэ улахан оруоллаах. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина кабачогу олордууга үгүс сыллаах уопутуттан үллэстэр.

КАБАЧОК

Аҕыйах сылтан бэттэх бэйэлэрин бэйэлэрэ куоппаһырдар кабачоктар суортара киэҥник тарҕаннылар. Сарсыарда эрдэ тура-тура киһи бэйэтэ куоппаһырдара ирдэммэт. Бу суор­тар Арассыыйа киин өттүгэр киэҥник тарҕанан эрэр эбит буоллахтарына, Саха сиригэр дьон соччо билбэт. Былырыын университеппытыгар (АГАТУ) ылан ыһан, атыыга аҕыйах көрүҥү таһаарбыппыт, дьон сэҥээрэн ылбыта. Холобур, бэйэлэрин бэйэлэрэ куоппаһырдары олордубуттарбыт “Кавили F1”, “Искандер F1”, “Хьюга F1” аһылыктарын толору биэрэн биһирэннилэр. Балары быйыл эмиэ атыыга таһаарабыт. Маны таһынан, “F1 Суха”, “Арал F1”, “Сангрум”, “Диамон” суортар бааллар.

СУОРТАР:

Хьюга F1 – эрдэ ситэр, бэйэтин бэйэтэ куоппаһырдар. Быгыаҕыттан бастакы хомуурга диэри 40-ча күн барар. Цилиндирдиҥи быһыылаах, муҥутаан 20 см диэри уһуур, 0,5-0,7 кг ыйааһыннаах буолар. Аһа маҥан, сымнаҕас, амтана олус үчүгэй. Быһыллыбыт кабачогу 3 ыйга диэри хара­йыахха сөп. Халлаан уларыйыытын тулуйумтуо. Аһаҕас да, сабыылаах да сиргэ үүннэриэххэ сөп.

Искандер F1 – эрдэ ситэр, үрдүк үүнүүнү биэрэр. Буортан быгыаҕыттан бастакы хомуурга диэри 40-45 хонук ирдэнэр. Цилиндирдиҥи быһыылаах. Ыйааһына – 0,7 кг, аһа чиҥ, сымнаҕас. Бэйэтинэн астанан сииргэ, кэнсиэрбэлииргэ барсар.

Кавили F1 – эрдэ ситэр, буортан быгыаҕыттан аһын биэриэр диэри 40-ча күн ирдэнэр. Аһа цилиндирдиҥи, тэҥ быһыылаах, уулаах, уһуна – 16-20 см, ыйааһына – 0,4-0,7 кг. Үрдүк үүнүүнү биэрэр, кэнсиэрбэҕэ ордук барсар. Мучнистай роса ыарыыга бэриммэтинэн, истириэһи, итиини тулуйарынан биһирэнэр.

Арал F1 – олус эрдэ ситэр суорт (30 күн). Цилиндирдиҥи быһыылаах, 12-15 см уһуннаах, 4-6 см диаметрдаах, 0,5-0,8 кг ыйааһыннаах. Чиҥ, сымнаҕас, олус минньигэс амтаннаах. Кабачоктар сүрүн ыарыыларын тулуйумтуо. Бэйэтинэн ас­­таан сииргэ уонна кэнсиэрбэҕэ барсар. Сиппит, улахан астарын 4 ыйга диэри тиийэ хаһааныахха сөп.

F1 Суха – олус эрдэ ситэр, буортан быгыаҕыттан аһын биэриэр диэри 35-37 күн ирдэнэр. Цилиндирдиҥи быһыы­лаах, 300-700 г ыйааһыннаах, ыарыыга дэбигис бэриммэт. Аһа минньигэс, чиҥ, уулаах. Дьиэҕэ бэйэ астаан сииригэр, кэнсиэрбэлииргэ барсар. 1 кв.м 13 кг диэри аһы ылыахха сөп.
Бу кабачоктар өҥнөрүнэн сырдыктар, астара хойуу уонна түргэнник үүнэллэр. Курааны аахсыбакка астаналлар. Олус куйааска кабачок сибэккитэ итиини тулуйбакка ас биэрбэт (пустоцвет). Онтон бу “Хьюга F1”, “Кавили F1” ордук тулуйумтуолар.

КӨРҮҮ-ХАРАЙЫЫ:

Кабачок соҕуруу сылаас дойдуттан төрүттээх. Онон күн уота эргиччи көрөр, аһаҕас сиргэ олордор табыгастаах. Сиргэ, ордук хортуоппуй аттыгар олордору сөбүлүүр. Хайаан даҕаны кирээдэ оҥоһуллара ирдэммэт.

Ууну төһө куурарыттан көрөн кутуллар. Сарсыарда эрдэ кутар табыгастаах. Кабачок кыра сииктээх буолуохтаах, ол иһин олус куйаас күннэргэ күнүс үөһэттэн уу кутан кыратык сөрүүкэтэр (душ) наада.

Көрүү-харайыы уустуга суох: уу кутуута уонна 2 төгүл эбии аһатыы. Дьиэ сылааһын көрөн 7–10 хонук арыт­таан арассаада буора тилэри сиигирэрин курдук 1 ыстакаан кэриҥэ сылаас ууну кутуллар.

Бастакы эбии аһылыгы куорсун тахсыбыта 7—8 хонук ааспытын кэннэ биэрэҕит. Иккис эбии аһылыгы бастакы аһылык кэнниттэн 8—10 хонук аастаҕына кутуллар.

Кабачок арассаадата кирээдэҕэ олордору бэрт ыараханнык ылынар, эмсэҕэлиэн, устунан кэхтиэн сөп. Бастатан туран, арассааданы былыттаах (ардахтаах) күн эбэтэр киэһэ салгын сөрүүтүйбүтүн кэннэ олордор табыгастаах. Иккиһинэн, олордуох иннинэ арассаадаҕа үчүгэйдик уу кутаҕыт уонна сэрэнэн силиһин буорун тохпокко-хорбокко бүтүннүү түөрэн ылаҕыт уонна бэлэмнэммит көһүйэҕэ лөкөччү олордоҕут. Олордоот бүрүөһүнүнэн (ханнык баҕарар сабыы барар) сабаҕыт.

Киин улуустарга үүнээйи сибэккилиэн иннинэ нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ уу кутуллар. Биир үүнээйигэ 4—5 л тиксэрин курдук кэмнээн сэбирдэҕин таарыйбакка көһүйэ тула сылаас ууну кутаҕыт. Сибэккилиир уонна астанар кэмигэр нэдиэлэҕэ үстэ биир көһүйэ тула 8—10 л уу тиксэрин курдук кутаҕыт. Уу кутаргытыгар, ордук үүнээйи сибэккилиир кэмигэр, ууну үүнээйи үрдүгэр олох ыстарбаккыт, аллараанан силистэригэр кутуллар. Ууну көннөрү сылааһынан кутар ордук.

(Салгыыта тахсыаҕа).

What’s your Reaction?
+1
10
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
4

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

6 часов ago