Сүбэһит: үөрэ отун хомуйан, аска да, эмкэ да туһаныаҕыҥ!
«Үөрэ» диэн өбүгэлэрбит хас да көрүҥү булкуйан оҥоһуллубут аһылыгы ааттыыллар. Холобур, балык үөрэтэ, бэс сутукатын үөрэтэ, сүөһү иһин үөрэтэ уо.д.а. Оттон биһиги сахалар былыргыттан астанан аһаабыт от үөрэлэрин туһунан кэпсиибит.
Бурдук аҕалылла илигинэ, оту-маһы, отону эбэннэр, үрүҥ аһы тупсараллара. Сиҥэҕэ, тарга от сэбирдэҕин, үүнээйи силиһин, бэс сутукатын, бытархай балыгы кутан, хойуннаран, бэрт тотоойу “от үөрэтэ” диэн аһы оҥороллоро. Сайын үөрэ отун хатаран хаһааналлара уонна суоракка, тарга кутан сииллэрэ. Өймөкөөннөр үөрэ отун сүөһү иһин уонна эт миинигэр куталлара биллэр. Оттон илиҥҥи дойдуларга хаппыт үөрэ отун аһылык амтанын тупсарарга, маринадтарга, соустарга, сыалаах эт аска, симэһинин арыгы састаабыгар эбэллэр эбит.
Билигин саастаах дьон саха төрүт аһын – от үөрэтин — аска туттубут буолуохтаахтар, оттон эдэр көлүөнэ үгүс өттө билбэтэ чахчы. Ол иһин, Тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр институтун учуонайдара былырыын “Үөрэ ото” диэн босуобуйаны таһаарбыттара.
Ханна үүнэрий?
Үөрэ ото, атыннык ааттанарынан, кыа уга, хаһаас от (нууччалыы: полынь обыкновенная, полынь чернобыльник) дэнэр. Саха сиригэр хоту улуустарга эрэ үүммэт. Сүрүннээн, суол, бааһына кытыытыгар, бурдук, хортуоппуй уо.д.а. бааһыналарыгар, оҕуруокка сөбүлээн үүнэр. Хайдах усулуобуйаҕа үүнэриттэн, умнаһа 30-80 см тиийэр. Элбэх сыллаах үүнээйи буолан, сыллата тахса турар. Умнаһа балачча суон, силиргэҕэ үөһээттэн аллараа синньээн түһэр, хараҥа күөх сэбирдэҕин алларата маҥхайан көстөр. От ыйыттан саҕалаан балайда өр сибэккилиир, атын эрбэһиннэр курдук элбэх сибэккилээх уонна кыракый саһархайдыҥы болчуохтардаах. Сиэмэтэ атырдьах-балаҕан ыйдарыгар ситэр. Тарҕанан үүнэр сирэ киэҥ буолан, сайын устата киһи отун, силиһин төһө баҕарар хомуйуон сөп.
Аска туттуу
От үөрэтин оҥосторго суорат, эбэтэр кефир, арыы уута, мээккэ бурдук уонна үөрэ ото туттуллаллар. Өссө аһытыытыгар биир кыракый иһит “Активиа биойогурт” (эбиитэ суох) бэрт буолааччы.
0,5 л үүккэ 0,5 л ууну кутан, сиҥэ оҥорон оргутуллар. Оргуйаатын кытта, эрдэттэн сууйан бытархай гына кырбаммыт, биир ытыс үөрэ отун кутуллар. Өссө биэс мүнүүтэ уокка тэптэрэн ылыллар. Ыаммытынан үүт курдук буолуор диэри сойутуллар уонна 1 ч ньуоска бурдугу кутан, ытыйыллар (сэлиэйдэнэр), ыстакаан аҥара суораты, кефири эбиллэр. Салгыы сылаас сиргэ ууран аһытыллар. Бөлөнүйдэҕүнэ, холодильникка уган сойутуллар. Сойбут от үөрэтэ үүт ас буоларын быһыытынан, үс сууккаттан ордук турбат. Аһытыыга арыы уутун туһанар буоллахха, үүккэ ууну эбиллибэт. Минньигэстик аһааҥ!
Састааба баай
Эмтээһиҥҥэ үөрэ ото былыргыттан туһаныллар. Улуу Авиценна үөрэ отун үөһээ өттүн бүөр тааһырыытыттан туттарга сүбэлиирэ үһү. Наука этэринэн, үөрэ отун састаабыгар эфирнэй арыы, алкалоидтар, инулин уо.д.а, сэбирдэҕэр аскорбиновай кислота, А, В1, В2 битэмииннэр, алкалоидтар, кумарин; силиһигэр эфирнэй арыы, инулин, сымалалар, дубильнай уо.д.а. эттиктэр; сибэккитигэр кумарин, аскорбиновай кислота итиэннэ үүнээйигэ барытыгар курдук, кальций, магний, марганец, медь, тимир, хром, алюминий, молибден уо.д.а. бааллар. Ирдэниллэр нуорматын тутуһан тутуннахха, бу эттиктэр киһи этигэр-сиинигэр эмп быһыытынан туһалаахтар, оттон мээнэ истэххэ, абыраныахтааҕар алдьаныахха сөп.
Ханнык ыарыыга туһанылларый?
Үөрэ отун үксүн норуот медицинэтигэр тутталлар. Ууга оргутан ыарыыны мүлүрүтэргэ, эт-сиин итийиитин, температураны түһэрэргэ, илии-атах дьарҕа ыарыытын, хаан барыытын тохтоторго, бааһы оһордорго, аһы буһарар уорганнар мөлтөөтөхтөрүнэ, хахсык сөтөлгө, утуйбат буолууга, илиистиги түһэрэргэ уо.д.а. абырыыр.
Б.И.Иванов, А.Д.Иванова “Лекарственные растения Якутии” кинигэҕэ үөрэ отуттан оҥоһуллубут икки ырысыабы аҕалбыттар. Бастакыта сөтөллөр дьоҥҥо аналлаах: 200 мл үрүҥ арыгыга 20 г үөрэ отун уон мүнүүтэ оргутуллар, биир-икки кыра ньуоска мүөтү эбэн, аччык искэ ыстакаан аҥарынан иһиллэр. Иккиһэ илиитэ-атаҕа тардар, эпилепсиялээх дьоҥҥо туһалаах: 0,5 л пиибэҕэ 30 г үөрэ отун силиһин биэс мүнүүтэ оргутан баран сиидэлээн иһиллэр.
А.П.Басыгысова суруйбутунан, ньиэрбэни уоскутарга, таттарары мөлтөтөргө уонна бүөр тааһыгар иһэн туһаныахха сөп. Атын эмтээх оттору кытта булкуйан, араас ыарыыларга эмиэ туһаныллар. Ити эрээри, оҕолоноору сылдьар дьахталлар, кыра оҕолор бу отунан эмтэнэллэрэ көҥүллэммэт. Саха отоhуттара, норуот эмчиттэрэ Владимир Кондаков, Ньыыкан кырдьаҕас, Гурий Турантаев үөрэ отун сүhүөх ыарыыларыгар түөн уурарга, сүhүөх ньиэрбэлэрин ититэргэ туhаммыттара биллэр. Оттон бэтэринээрдэр ыччат сүөһү сыптарыйарын эмтииллэр.
Үөрэ отун аска хомуйуу
Аһылыкка анаан үөрэ отун сайын баччаларга, бэс ыйыгар, ото намчы, сибэккилии илигинэ хомуйуллар. Сиртэн арыый тэйиччи, ыраас отун илиинэн хомуйан ыраас таҥаска чараас гына тарҕата кутан, күлүктээх, салгыннаах сиргэ сахсатан биэрэ-биэрэ, куурдуллар. Сөпкө кууртахха отун, силиһин туһалаах эттиктэрэ сүппэттэр. Хатарыллыбыт үөрэ ото үс сыл туһаныллар, онтон салгыы састааба дьадайар, дьайыыта мөлтүүр.
Эмкэ туһанарга хомуйуу
Үөрэ отун эмкэ туһанарга анаан сайын сибэккилиир кэмигэр хомуллар, ол аата — от ыйыгар. Сиртэн арыый тэйиччи, отун намчы өттүн ылҕанар, хаппыт өттүн, умнаһын, сыыһын быраҕыллар. Күн уота көрбөт, салгыннаах сиригэр ыраас кумааҕыга 5-7 см халыҥа суох гына тарҕатан, биитэр таҥаска тэлгэтэн куурдуллар. Сытыппат сыалтан, сотору-сотору сахсатан биэриллэр. Хаппытын кэннэ таҥас мөһөөччүккэ кутан, күн көрбөт, салгыннаах сиргэ туруоруллар.
Силиһин эмкэ хомуйуу
Ото хаппытын кэннэ, күһүн, эбэтэр саас, үүнээйитэ саҥа быгыыта, силиһин хостонор. Буоруттан тэбэниллэр, сууйуллубат итиэннэ үчүгэй өттүн талан, сыыс оттон ыраастаан, эмиэ күлүк, салгыннаах сиргэ ыйаан куурдуллар. Аныгы үйэ сиэринэн, куурдар прибордарга 50-60 кыр. диэри сытыаран куурарын түргэтэтиэххэ сөп. Эмиэ таҥас мөһөөччүккэ харайыллар.
Эмтээх оту хомуйуу ирдэбиллэрэ:
— Дьон олорор сириттэн, суол кытыытыттан, сүөһү турар сириттэн хомуйуллубат;
— Сииктээх, ардахтаах кэмҥэ хомуйуллубат;
— Хомуйарга оту имири эһэ ылыллыбат;
— Хомуллар кэмин тутуһуллуохтаах;
— Күн уота тиийбэт, салгыннаах сиргэ, сахсата сылдьан хатарыллар.
ТХНЧИ учуонайдара Анна Емельянова, Валентина Васильева, edersaas.ru саайт архыыбыттан.
2018 сыл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: