СҮБЭҺИТ: Ыһыахха сөпкө симэниэххэ

Share

Сахабыт сиригэр самаан сайын салаллан кэлэн, улуус-улуус аайы ыһыахтар ыһыллан саҕаланар кэмнэрэ чугаһаата. “Дьахтар кэтэһэр ыһыаҕы, саҥа ытарҕа кэтээри…” диэн норуодунай бэйиэт Наталья Харлампьева хоһоонугар хоһуйбутунуу, ыһыах күн кэрэ аҥаар бары да кэрэтик симэниэхпитин, тупсаҕайдык оҥостуохпутун баҕарарбыт ханна барыай.

Арай, маныаха симэҕи, киэргэли кэтэргэ өбүгэлэрбититтэн кэлбит эмиэ туспа быраабылалар бааллар. Саха дьахталларын симэҕин-сэбиргэлин анаан-минээн үөрэппит дьонунан Анатолий Саввинов, Александра Прокопьева, Капитолина Яковлева уо. д.а. буолаллар. Кинилэр үөрэтиилэригэр олоҕуран, сөпкө симэнии туһунан сырдатабыт.

Бөлөҕүнэн араарыы

Билигин ыһыах түһүлгэтигэр саҥа төрөөбүт кыыс оҕоттон саҕалаан аҕам саастаах кэрэ аҥаарга тиийэ ытарҕаттан саҕалаан бастыҥаҕа тиийэ симэнэр. Бу төһө сөп көстүүнүй? Былыр өбүгэлэрбит дьахтар симэҕэр болҕомтолоох­тук сыһыаннаһаллара.

Дьахтар симэхтэрин Анатолий Иванович Саввинов “Традиционные металлические украшения якутов XIX — начало XX века: историко-этнографическое исследование” диэн 2001 сыллаахха бэчээттэммит үлэтигэр маннык бөлөхтөргө наардаан араарбыт эбит:

1. 5–6 сааһын туола илик кыыс оҕолор;
2. 10–15 саастаах кыргыттар;
3. Эргэ барар сааһын сиппит кыргыттар, о. э. 15–30 саастаах эдэр дьахталлар;
4. Оҕолоох-уруулаах орто саастаах дьахталлар, о. э. 50 саастарыгар диэри;
5. Саастаах уонна кырдьаҕас дьахталлар, о. э. 50 саастарыттан үөһэ саастаахтар.

Бу сааһынан араарыллыбыт хас биирдии бөлөх саха дьахтарын олоҕор суолталаах түһүмэҕинэн буолар. Ол курдук, бу бөлөхтөр аайы симэхтэр көрүҥнэринэн, састааптарынан, ахсааннарынан, суолталарынан, дьахтар уопсастыбаҕа оруолуттан суол-суол араастаһаллар диэн учуонай суруйар. Анатолий Иванович чинчийиитигэр 40 араас симэх баарын систиэмэлээн суруйбут. Бу балартан үгүстэрэ түҥ былыргыттан кэлбит буоланнар, түүр-монгуол омуктарыгар маныаха майгынныыр симэхтэр бааллар эбит.
5–6 сааһын туола илик кыыс оҕолор. Бачча саастаах кыргыттарга да, уопсайынан оҕолорго, тимир киэргэллэри харысхал гынаары эрэ кэтэрдэллэр эбит. Кыыс төһөнөн улаатар, кэргэн тахсар сааһыгар чугаһаан истэҕин аайы киэргэлэ элбээн, арыый суолталанан иһэр.

Кыыс оҕону бу сааһыгар ытарҕа кэтэригэр бэлэмнээн саҕалыыллара, ол аата кулгаахтарын үүттэтэллэрэ. Онно улахан ытарҕалары буолбакка, “оһорор” диэн ааттаан, кыракый үрүҥ көмүс ытарҕалары кэтэрдэллэрэ. Таҥаска-сапка үрүҥ көмүс төгүрүктэри тигэллэрэ, баттахтарыгар оҕуруолары, тимир киэргэллэри тиһэллэрэ, моой киэргэллэрин, үрүҥ көмүс сыапачыкалары кэтэрдэллэрэ.

Оҕо төрүөҕүттэн сэттэ сааһын туолуор диэри төгүрүктүҥү быһыылаах үс хайаҕастаах харысхаллары таҥастарыгар иилэллэрэ. Ону дьайаа диэн ааттыыллара.

10–15 саастаах кыргыттар. Бу саастаах кыргыттарга тирииттэн хатыллыбыт быаҕа моой киэргэллэрин иилэллэрэ. Ытарҕа кэтэрдиэхтэрин сөп.

Эргэ барар сааһын сиппит кыргыттар. Саамай элбэх симэҕи кэрэ аҥаар кэргэн тахсар сааһын уонна оҕо төрөтөр сааһын ситтэҕинэ кэтэр. Бу саастаах кыргыттар ийэ быһыытынан сыаналанар, иэримэ дьиэ иччитэ буолар кэмнэрэ кэлэр диэн харыстыыр, араҥаччылыыр сыалтан өбүгэлэрбит кыргыттарын көмүһүнэн-симэҕинэн симииллэрэ. Бу кэмҥэ дьахтар уон араас симэҕи кэтэр эбит.

СИА хаартыската.

Бастыҥаны ким кэтиэхтээҕий?

Бу — дьахтар төбөтүгэр кэтэр киэргэлэ. Үс-түөрт илии кэтиттээх күндү таҥаска оһуор-ойуу анньан, онтон араас үрүҥ көмүс эбэтэр оҕуруо субурҕалары түһэрэн, бастыҥаны киэргэтэллэрэ. Былыр саха сиригэр сукуна, хаарыс, баархат курдук таҥастар үөдүйэ иликтэринэ, бастыҥаны сарыыттан тигэллэрэ үһү диэн Н. Е. Саввинов “Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара” кинигэтигэр суруйбут.

Илин-кэлин кэбиһэрдэр

Дьахтар симэҕин биир тутаах киэргэлинэн илин уонна кэлин кэбиһэр буолаллар. Кыргыттар, эдэрчи дьахталлар сайынын халадаай былааччыйа таһынан кэтэллэрэ, кыһынын — саҕынньах үрдүнэн. Бу киэргэл дьахтар социальнай статуһун уонна төһө баайын-дуолун көрдөрөрө. Төһөнөн бу көрдөрүүлэр улаханнара, үрдүктэрэ да, киэргэллэр көстүүлээх уонна баай буолуохтаахтар.

Салгыы Н. Е. Саввинов “Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара” кинигэтиттэн быһаарыылары ааҕыҥ:

Илин кэбиһэр. Түөс киэргэлэ, 8–12 кэккэ араас быһыылаах, ойуулаах үрүҥ көмүс субурҕалартан (киистэлэртэн) турара. Искусствовед И. Каплан суруйарынан, илин кэбиһэри дьахталлар мааныга кэтэр ырбаахыларын эбэтэр соннорун таһынан кэтэллэр эбит.

Кэлин кэбиһэр. Эмиэ илин кэбиһэр курдук араас ойуулаах, быһыылаах үрүҥ көмүс субурҕалартан турар. Ол гынан баран, кэккэлээн түһэр субурҕалара илин кэбиһэрдээҕэр аҕыйах буолар үһү (4–8 кэккэ). Серошевскай суруйарынан, былыргы кийиит баттаҕын туора дьонтон кистиир идэлээх эбит. Ол быһыытынан сыаналаатахха, кийиит, кэлин кэбиһэрин бастыҥатыгар баайан, баттаҕын туора дьонтон кистиир ньымата буолуон сөп.

Ытарҕа

Емельян Ярославскай аатынан түмэл үлэһитэ, археолог Василий Попов биһиги хаһыаппытыгар ытарҕа туһунан маннык кэпсээн турардаах:

— Оҕуруо ытарҕаны былыр дьахталлар, эр дьон (бытархай оҕуруо) кэтэ сылдьыбыттарын археологическай булуулар туоһулууллар. Оннук ытарҕалаах дьахталлары үксүгэр XVII–XVIII-с үйэтээҕи көмүүлэргэ булабыт. Бытархай оҕуруо нуучча кэлиэн инниттэн, XV үйэтээҕи көмүүлэргэ көстөн турар.

Дьахтары ытарҕатыттан көрөн кини кэргэннээҕин, оҕолооҕун, о. д.а. эндэппэккэ билэллэр эбит. Археология булууларыттан көрдөххө, дьахталлар боробулуоха (ыйытыы бэлиэтин курдук быһыылаах алтан буолар) ытарҕалара бөдөҥ төгүрүк эбэтэр хаптаҕай оҕуруо тиһиилээх буолар. Оҕуруо ахсаана — 3, 9, 11. Маҥан, хара өҥ дьүөрэлэһэр. Кулгаахха иилиллэр токурун диаметра муҥутуур улахана 4,5 см курдук. Билигин ытарҕалары булууларынан сылыктаатахха, кырдьаҕас эмээхситтэр биирдии оҕуруо ытарҕалаах буолаллар. Иккилии субурҕалаах (пааралаах) ытарҕаны кыргыттар, эдэр дьахталлар кэтэллэр.

Ыал ийэтэ буолбут, сааһырбыт дьахтар — баай көстүүлээх, элбэх салаалаах, салбырҕастаах, байбаччы таҥныбыт дьахтар курдук оҥоһуулаах, кэтит, хас да сүһүөхтээх ытарҕаны кэтэр, бу алгыс бэлиэтэ буолар диэн бэлиэтииллэр. Эдэр кыыска — нарын көстүүлээх ытарҕа. Оттон кыра кыыс оҕоҕо аҥаардас иэмэҕи эбэтэр сүрдээх намчы ытарҕаны кэтэрдэллэрэ үһү.

Бөҕөх, биһилэх

Икки бэгэччэккэ кэтиллэр үрүҥ көмүс киэргэли бөҕөх диэн ааттаан дьахталлар кэтэллэр. Куонустуҥу быһыылаах үрүҥ көмүс быластыынаттан оҥоһуллубут киэргэли былааччыйа сиэҕин таһынан иилэллэр. Кэтитэ 5–7,5 см. Кэриҥэ, диаметра — 6 см курдук. буолара. Бөҕөҕү быһан (гравировкалаан) араас ойууну түһэрэн киэргэтэллэрэ. Бастыҥа, илин-кэлин кэбиһэр курдук, бөҕөҕү бэлиэ күҥҥэ, бырааһынньыкка эрэ кэтэллэрэ. Маны тэҥэ боруонсаттан эмиэ маннык киэргэллэри оҥороллоро. Үксүгэр тымныы киирбэтин диэн, харыстанар сыалтан кэтэллэрэ.

«Саха сирэ» хаһыат 2023 с. архыыбыттан.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
4
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

5 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

10 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

4 часа ago