Салгыы
СҮБЭҺИТ: Ый халандаарынан олунньуга тугу олордобут?

СҮБЭҺИТ: Ый халандаарынан олунньуга тугу олордобут?

Ааптар:
30.01.2026, 15:00
Хаартыска: ru.freepik.com
Бөлөххө киир:

Олунньуга биэрэһи уонна баклажаны олордор ордук. Эспиэрдэр сэрэтэллэр — сылааһы сөбүлүүр үүнээйилэргэ 75 хонуктаах үүнээйи сиэмэтин буорга кэлэр ыйтан ыһар ордук, ити гынан ураты болҕомтону эрэйэр түгэннэр эмиэ бааллар.

Тохсунньуга бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллыбыт буоллаҕына, олунньуга — доруобай үүнүүнү ыларга булгуччулаах сиэмэни тылыннарыы, ыһыы ыытыллара наада. Биэрэс уонна баклажан арассаада буолуор диэри 75 хонук ирдэнэр, онон ыам ыйын бүтүүтэ буорга олордор былааннаах буоллаххытына, олунньуга ыһар табыгастаах.

Ый халандаара үүнээйи ордук силис тардарыгар уонна түргэнник үүнэригэр сөптөөх кэми таларга көмөлөһөр. Олунньуга табыгастаах кэм саҥа үүнэр Ыйга түбэһэр. Бу кэмҥэ үүнээйи уута үөһэ тардыллан, сир үрдүнээҕи үүнүүтүн күүһүрдэр.

Ый кэмнэрэ

  • Олунньу 1 к. – Толору Ый: үүнээйини олордор, ыһар уонна көһөрөр көҥүллэммэт. Буору көбүтүөххэ, уоҕурдуу кутуохха, буортулаах үөннэри уонна ыарыылары утары үлэлиэххэ сөп.
  • Олунньу 2-15 к. –  Ый эргэтэ: редиска, моркуоп, сүбүөкүлэ, лууктаах үүнээйилэри ыһарга, дьиэтээҕи сибэккилэри көһөрөн олордорго табыгастаах кэм.
  • Олунньу 16 к. – Саҥа Ый: тугу да ыһар, олордор уонна көһөрөр табыллыбат күн. Инники олордууну былаанныырга, буору бэлэмнииргэ, сиэмэни бэрэбиэркэлииргэ сүбэлэнэр.
  • Олунньу 17-28 к. – Ый үүнүүтэ: сир үрдүгэр астанар үүнээйилэри (томат, биэрэс, баклажан), күөх оту уонна сибэккилэри арассаадаҕа ыһарга саамай табыгастаах кэм.

Ыһарга табыгастаах күннэр

Оҕуруот астара:

  • Уһуннук үүнэр томаттар (тэпилииссэҕэ): олунньу 11-13, 18-19, 25-27 к.
  • Минньигэс уонна аһыы биэрэс: олунньу 11-13, 20-22, 25-27 к.
  • Баклажаннар: олунньу 11-13, 18-19, 20-22 к.
  • Сельдерей: олунньу 6-9, 11-13 к.
  • Күөх луук, порей луук, батун луук: олунньу 6-9, 18-19, 22-23 к.
  • Күөх үүнээйи (салаат, шпинат, укуруоп, петрушка): олунньу 11-13, 22-23, 26-27 к.

Сибэккилэр:

  • Биир сыллаах сибэккилэр (петуния, лобелия, виола, сальвия): олунньу 11-13, 18-19, 25-27 к.
  • Элбэх сыллаах сибэккилэр (шабо гвоздиката, дельфиниум, лаванда): олунньу 6-9, 18-19, 22-23 к.
  • Сиэмэнэн олордуллар дьэдьэн: олунньу 11-13, 18-19 к.

Табыллыбат күннэр

  • Олунньу 1 к. (Толору Ый): үүнээйини ыһар, олордор уонна көһөрөр сатаммат. Буору көбүтэргэ, бэлэм арассааданы уоҕурдарга, буортулаах үөннэртэн харыстыырга көҥүллэнэр.
  • Олунньу 16 к. (Саҥа Ый): тугу да ыһар, олордор, көһөрөр бобуллар. Олордууну былаанныахха, буору бэлэмниэххэ уонна дьаҥтан ыраастыахха, сиэмэни ууга угуохха сөп.

Табыллыбат күннэргэ сиэмэни бэрэбиэркэлиэххэ, буору уонна иһиттэри дьаҥтан ыраастыахха, саҥа үүнээйилэри үөрэтиэххэ сөп.

Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: