СҮБЭҺИТ: Ынах үүтэ тылыгар
Ынахтан үүтү ыаһыҥҥа саамай абыраллаах кэминэн сайын буолар, ол кэмҥэ (3,5-4 ый) сыллааҕы үүт аҥаарын кэриҥэ ыанар.
Биһиги усулуобуйабытыгар сүөһү сайын эбии аһылыга суох, минеральнай туустартан ураты, тото-хана мэччирэҥҥэ аһыыра саамай үчүгэй кэм. Манна мэччирэҥ үчүгэй хаачыстыбалаах ото сүөһү тото-хана аһыырыгар толору эппиэттиир. Сайын ото 1,5 төгүл иҥэмтиэлээх эттиктэринэн баай, 10 төгүл каротина элбэх уонна Д, С, Е битэмииннэринэн толору. Халтаҥнаатаҕына, биллэн турар, эбии аһатыыны элбэтэн бэриллэр.
Сайын сүөһүттэн саамай элбэх бородууксуйаны ылыы соругун сэргэ, кыстык кэмигэр сүөһү этиттэн-сииниттэн көҕүрээбит иҥэмтиэлээх эттиктэрин толорунара наада. Биир ынахха 1 га мэччирэҥ сирэ баар буолуохтаах, онно сууккаҕа 40-60 кг күөх аһылыгы сиэхтээх. Сүөһү сайыҥҥы мэччирэҥтэн аһылык единицатын сыллааҕы нуорматын
60 %-ын, буһумтуо протеинын 70 %-ын ылар.
Сайын устатын кэмигэр сүөһү этигэр-сиинигэр минеральнай эттиктэр элбэх битэмииннэри кытта хардары-таары сибээстэрэ үрдүүр. Ол түмүгэр, ынахтан ылыллар бородууксуйата (үүтэ, төрүөҕэ) элбиир.
Холобура, ортотунан, 12-14 киилэ үүтү биэрэр ынахха күннээҕи аһылыгын нуормата: мэччирэҥ ото – 55-65 киилэҕэ, комбикорм – 4-5 киилэҕэ тэҥнэһэр. Күҥҥэ хайаан да туус бэриллиэхтээх (нуормата сууккаҕа – 70-75 г.). Ынах күн аайы дуоһуйа уулуурун бостуук ситиһиэхтээх, 10-12 ч мэччитиэхтээх. Биир төбөҕө эбии аһылык быһыытынан күөх маассаны 10 тахса киилэни биэриэххэ сөп.
Сүөһү аһылыга төһөнөн дэлэй уонна үрдүк хаачыстыбалаах буолар да, соччонон сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа хаачыстыбата эмиэ быһаарыллар. Ол иһин үчүгэй хаачыстыбалах оту, сиилэһи бэлэмнииргэ ходуһалары тупсарыыга, минеральнай уонна органическай уоҕурдуулары киллэриигэ ураты болҕомто ууруллуохтаах.
Кылгас болдьоххо, үүнээйи ситэр кэмигэр
Сүөһүнү үчүгэй хаачыстыбалаах тотоойу аһылыгынан хааччыйыыга оттонор от хаачыстыбата үчүгэй буолуута улахан оруоллаах. Оттооһуну кылгас болдьоххо, ходуһа үүнээйилэрин ситэр иҥэмтиэлээх эттиктэрдээх бириэмэлэригэр оттуохха наада. Биһиги усулуобуйабытыгар айылҕа ходуһаларын отторо сиэмэлэрэ ситиэр эрэ диэри белоктарынан, углеводтарынан, минеральнай эттиктэринэн баай буолаллар (Абрамов А.Ф., Давыдов Е.А., Попов Н.Т., 1986) (таблица).
Таблицаттан көстөрүнэн, үүнээйи ситэн истэҕин аайы аһылыктарын единицата, буһумтуо протеиннара, каротиннара аҕыйаан, клетчаткалара элбээн иһэр, ол түмүгэр кыстык бириэмэтигэр сүөһү ити сүрүн иҥэмтиэлээх эттиктэринэн кыайан хааччыллыбат. Бу сүрүн биричиинэтинэн үүнээйи кырдьан истэҕин аайы сэбирдэхтэрэ, лабаалара иинэн аҕыйаан, оттон умнастара улаатан, кытаатан иһэллэриттэн буолар. Холобур, туорахтаах оттор саҥа куоластаныыларыгар сэбирдэхтэрэ 38-50 % буоллаҕына, сиэмэлэрин ситиитигэр 15-30 % эрэ хаалар, ити түмүгэр ситэн-кырдьан истэхтэрин аайы иҥэмтэлээх эттиктэрэ аҕыйаан иһэр.
Култуурунай ходуһалар отторун маҥнай от ыйын саҥатыгар, сибэккилэрэ ситиэн иннинэ, онтон иккис үүнүүтүн атырдьах ыйын 20-25 күннэригэр охсуллар.
Айылҕа ходуһаларын отторо араас кэмҥэ ситэллэр. Ол курдук кураанах, хордоҕой сирдээх ходуһалар отторо от ыйын 3-с дэкээдэтигэр, оттон намыһах, сииктээх ходуһалар отторо атырдьах ыйын саҥатыгар ситэллэр.
Оттон күһүн, үүнэн турар оттор ситэн, кэхтэн бардахтарына, сүөһүгэ ананан ыһыллыбыт өр сыллаах оттор, эбэтэр бурдуктар күөх маассаларын, комбикорму эбии сиэтии көмөлөһүөҕэ.
Өссо биир сүрүн болҕомтону – оттооһун технологиятын тутуһуохха, ардахха былдьаппат гына кэмигэр хомуйуохха. От сиигэ 17 %-н буолуохтаах, оттон биһиэнэ 22-30 %-тан тахсар.
Оттуур ходуһалары, мэччирэҥнэри чөлүгэр түһэриэххэ, тупсарыахха. Сайылыктар үчүгэй типовой оҥоһуктаах буолуохтаахтар. Кинилэргэ илии ыарахан үлэтэ, сүөһүгэ эбии аһылыктары бэлэмниир үлэлэр механизацияланыахтаахтар, автодоилкалар хайаан да үлэлиэхтээхтэр.
Күөх аһылыкка, ортотунан, 60-85 % уулаах, оттон химическэй анаалыс көрдөрөрүнэн, хатарыллыбыт аһылыкка
25 % тиийэ протеиннаах, 5 % тиийэ сыалаах, клетчатката 16 % тиийэр, 11 % тиийэ күллээх. Күөх аһылык иҥэмтэлээх эттиктэрэ сүөһү этигэр-сиинигэр туһаныллыылара 70-80 %, онтон да ордук буолар.
Сайын бастакы аҥаарыгар мэччирэҥҥэ күөх аһылык өлгөмнүк үүнэр, ынах сүөһү ону барытын мэччийбэт, тэпсиллэр. Оттон күһүҥҥү өттүгэр мэччирэҥҥэ күөх от үүнүүтэ мөлтүүр, хаһыҥнар түстэхтэринэ хагдарыйар. Бу бириэмэҕэ күөх маассаҕа анаан бааһыналаах буолар ордук. Үүннэриллибит күөх аһылыгы пиэрмэҕэ тиэйэн аҕалан күҥҥэ биирдэ ыанньык ынаҕы эбии аһатар биллэр көдьүүстээх.
Онно эбии сайыҥҥы ыйдарга мэччирэҥҥэ ыанньык ынахтар киһи сиир тууһунан күннэтэ хааччыллалларын тэрийэр наада. Манна сүөһү этэ-сиинэ күөх аһылыкка баар иҥэмтиэлээх эттиктэри толору иҥэриниигэ усулуобуйа үөскүүр, ыраас ууну тото-хана уулуур. Ити барыта сүөһү доруобуйата тупсарыгар, элбэх үүтү, эти биэрэригэр, үчүгэй төрүөхтээх буоларыгар көмөлөһөр.
Онон, түмүкпэр этиэм этэ, сүөһү аһылыгын хаачыстыбатын тупсарыыга улахан болҕомтону уурдахха, аһылык бэлэмнээһинин технологиятын тутустахха, үүтү уонна эти элбэтиини ситиһиэххэ сөп.
Ходуһа отторун иҥэмтэлээх эттиктэрэ
Иҥэмтэлээх эттиктэр | Сибэккилэрэ ситиэр диэри (от ыйын 3 декадатыгар диэри) | Сиэмэлэрин ситиитэ (от ыйын 3 декадатыттан атырдьах ыйын ортотугар диэри) | Атырдьах ыйын орто-туттан |
Аһылык единицата от 1 киилэ кураанах маассатыгар |
0,75 |
0,55 |
0,40-0,45 |
Сүтүүтэ, % | — | 20-25 | 40 |
Буһумтуо протеин 1 аһылык единицатыгар, г |
115-120 |
100 |
70-90 |
1 киилэ от кураанах маассатыгар | 85 | 55 | 28 |
Сүтүүтэ, % | — | 15 | 35-40 |
Каротин, мг:
1 киилэ кураанах от маассатыгар 1 киилэ дьиҥнээх ыйааһыныгар |
200-300 40-60 |
150-155 25-40 |
30-40 10-20 |
Сүтүүтэ, % | — | 50-60 | 70-80 |
НАТАЛИЯ НИКОЛАЕВА,
М.Г. САФРОНОВ ААТЫНАН ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН НАУЧНАЙ-ЧИНЧИЙЭР
ИНСТИТУТУН СҮРҮН НАУЧНАЙ СОТРУДНИГА,
ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН БИЛИМИН ХАНДЬЫДААТА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: