Сүбэһит: Ыраастаныы ньымалара
Киһи этэ-сиинэ бэйэтэ ыраастанар ньымалардаах, айылҕа оннук айбыт. Хаана, этин сүмэһинэ (лимфата) сүүрүгүрэн, мунньуллубут кири-хоҕу сууйан-сотон, ыраастаан таһаарар.
Ону тэҥэ, көлөһүнүнэн, салыҥынан-сыраанынан, хойуунан-убаҕаһынан таһааран, ыраастанар. Былчыҥнар үчүгэйдик үлэлээтэхтэринэ, ыраастанарга эмиэ көмөлөһөллөр. Ол эрээри, бу айылҕа анаабыт ыраастанар ньымалара киһи бары систиэмэлэрэ доруобай, сөпкө аһыыр уонна сүүрэ-көтө, хамсана сылдьар буоллаҕына эрэ, үчүгэйдик үлэлииллэр.
Отунан ыраастаныы
1 остолобуой ньуоска сенна оту (аптекаҕа атыыланар) 1 ыстакаан ууга кутан, 5 мүнүүтэ устата мөлтөх уокка оргутаҕыт, хаппахтаан баран, 20 мүнүүтэ туруора түһэҕит. Киэһэ аһаабыт кэннэ 1,5-2 чаас буолан баран, иһэҕит уонна аһаабаккыт.
Бастакы күн ыстакаан үс гыммыт биирин иһэҕит. Сарсыарда хойуугут убаан тахсыаҕа. Ис кыратык ыалдьар буолуон сөп. Күүскэ ыалдьар буоллаҕына, бу күн тохтуугут. Тулуйуохха сөп буоллаҕына, киэһэ эмиэ 1/3-1/2 ыстакааны иһэҕит. Бу курдук 7-10 күн ыраастаныахха сөп.
Оһоҕоско өр сылларга мунньуллубут, кытааппыт хойууну, шлагы сымнатан таһаарар, ону тэҥэ, бүөргэ баар кумаҕы, тааһы ыраастыыр. Киһи оһоҕоһо 5-6 миэтэрэ уһуннаах, өр сылларга хас да киилэ шлак мунньуллар дииллэр.
Үөннэртэн ыраастаныы
Үгүс дьоҥҥо чиэрбэ да буолбатар, лямблия курдук киһи хараҕар көстүбэт паразиттар бааллар. Биллэн турар, маны быраастар быһааран, эмтииллэр. Ол эрээри дьон былыр-былыргыттан эмтээх оттору эмиэ туһаналлар.
Гвоздика — 1,5 гр., үөрэ (полынь) – 1 гр., тимэх (пижма) – 3 гр. оттору мэлийтэрэн, бороһуок оҥорон баран, кыра ньуосканан ыстакаан ууну кытары иһэллэр.
Бастакы күҥҥэ – аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ, иккис күҥҥэ – сарсыарда уонна эбиэккэ аһыах иннинэ, үһүс күнтэн саҕалаан биир нэдиэлэ устата күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ (30 мүнүүтэ) сииллэр.
Аһыыта бэрт буоллаҕына, мүөтү, хара килиэби кытары сиэххэ сөп. Бу оттору оргуппакка, бороһуок курдук кураанахтыы сиэтэххэ, ордук үчүгэй дьайыылаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: