СҮБЭҺИТ: Ырарга хаһан да хойут буолбат
Билигин 30-таах да 50-наах да киһини араарар уустук буолуо диэн учуонайдар бэлиэтээн тураллар. Ити олох сайдыбытын, дьон бэйэтин көрүнэр буолбутун туоһулуур. Ол эрээри аныгы олоххо эттээх, быһата, эмис киһи ахсаана аччаабат. Бу ордук дьахтар аймаҕы долгутар боппуруос.
Сыл ахсын киһи этигэр-сиинигэр уларыйыылар буолаллар. Бастатан туран, уруккуҥ курдук оронтон ойон турбат буолбуккун, түүннэри уугун хаммакка сылдьар уустугурбутун 40 сааскын ааһан баран бэлиэтии көрөҕүн. Арыый бытаарбыккын уонна түргэнник сылайар буолбуккун өйдүүгүн. Оттон саамай хомолтолооҕо, сөбүлүү көрбүт таҥастаргар баппатыҥ. Туораҕынан барбыккын, уойбуккун ыараханнык ылынаҕын…
Дьахталлар эрэ кыһалҕалара буолбатах
Ханнык да сааһыгар дьахтар аймах кэрэтик көстүөн баҕарар. Мин сааһырдым диэн ыһыктынан кэбиспит дьахтар суоҕун кэриэтэ. Ол эрээри доруобуйаларыгар буолар уларыйыылары үгүс дьахтар араастык ылынар. Ким эрэ сааһырыыны кытта уойууну ситимнээн холкутук ылынар. Оттон ким эрэ ону санаа аалыыта оҥостон ырарга дьулуһар. Ол эрээри үгүс киһи аһылык уонна битэмиин саамай наадалааҕын, ол эбэтэр тас көрүҥмүт 80%-на онтон тутулуктааҕын өйдөөбөт. Арассыыйаҕа, эспиэртэр быһаарбыттарынан, дьиэҕэ олорор дьахталлар 70%-нара тэлэбиисэргэ араас сэрийээл, киинэ дэлэйиэҕиттэн уойар буолбуттар. Ол эрээри быраастар уонна учуонайдар бэлиэтииллэринэн, 40-45 сааһын ааспыт дьахтар гормона аччыырыттан, метаболизма бытаарбытыттан уойар. Бу кыһалҕа дьахталлары эрэ буолбакка, бу саастарын ааспыт эр дьоҥҥо эмиэ баар эбит. Хомойуох иһин, саха эр киһитэ 30 сааһын ааста даҕаны истэнэн, уойан барар айылгылаах. Оттон дьахтар 45 сааһыгар диэри эрдэ сөпкө аһааһыны тутуспут, бэйэтин көрүнэр буоллаҕына, син тулуктаһар.
Анемияны бохсуохха!
Сааһырбыт киһи ылла да успуорт саалатыгар тиийэн дьарыктанан барара туһалыырдааҕар доруобуйатыгар охсуон сөбүн быраастар ыйаллар. Ол туһуттан бастаан ханнык битэмиин тиийбэтин быһаартаран анаалыс туттарар наадалааҕын ыйаллар. Ол курдук, тута успуорт саалаҕа тиийэн сүүрбэккэ, бастаан кыра-кыралаан хаамыы эбэтэр иккилии этээһи сатыы сылдьыы сүрэх үлэтигэр көмөлөһөр. Ол кэннэ кыралаан кардио-дьарыктары киллэриллиэхтээх. Ханнык да дьүөгэлэри, доҕоттору истибэккэ, уойбут киһи бастаан эндокринолог бырааска тиийэн көрдөрүөхтээх. Арассыыйаҕа биллэр эндокринолог Екатерина Янг быһаарбытынан, үгүс ыарыы анемияттан саҕаланар эбит. Элбэх киһи бу анемия диэн улахан куттала суох ааттаах ыарыыны билбэтин ыйар. Орто сааһын ааспыт дьахтар, эр киһи үксэ анемиялаах буолар эбит. Онон кинилэр рационнарыгар сүөһү быарын, тылын, индейканы, кролик этин эбии киллэриэхтээх эбиттэр. Балар белогунан уонна ферритин синтеһинэн баайдар. Ону сэргэ, баларга В битэмиин бөлөҕө элбэх. Онон дьыл кэмиттэн тутулуга суох сүбүөкүлэ салааты, хаппыыстаны хото сиэхтээх. Анемиялаах киһи ырара бытаарар. Онон аан бастаан анемияны утары үлэлииргэ сүбэлииллэр.
Аччыктаан туһа суох
Аҥаардас аччыктаан, бэйэни эрэйдээн ыйааһын түһэрии сааһыран эрэр киһиэхэ букатын куһаҕаннык дьайыан сөп. Сарсыарда, күнүс элбэҕи аһыыр киһи киэһээҥҥи аһылыгы көтүтүөн сөп. Ол эрээри кини түөртүүргэ куртахха чэпчэки аһылыгы аһыахтаах, күҥҥэ икки лиитирэттэн кырата суох ууну иһиэхтээх. Аһары аччыктаан баран остуолга олоруу үчүгэйгэ тиэрдибэт. Сарсыардааҥҥы аһылык сүрүн буоларын умнума. Чинчийээччилэр сүбэлииллэринэн, сарсыардааҥҥы аһылыгы көтүтэр киһи уойууга бэринимтиэ буолар. Тоҕо диэтэххэ, киэһэ бу аһаабатаҕын барытын толору аһыыр. Онон күн устата кыра-кыратык аһыыр туһалаах. Ас кээмэйэ улаатыа да, кыччыа да суохтаах. Аһылыгы эрэ туттунан ырар тутах. Онон аһы туттунан буолбакка, тугу аһыыры көрүнэн туран хамсаныы, хаамыы баҕалаах тас көрүҥҥэр түөрт-биэс ыйынан тиэрдиэҕэ. Үгүстэр бу бириэмэни уһун дииллэр. Оттон сааһыран истэх ахсын урукку курдук биир ыйынан буолбакка, ырааһын кырата биэс ый барар.
КБЖУ диэн тугуй?
Калорий, белок, жир уонна углевод – диэни кылгатан КБЖУ дииллэр. КБЖУ билигин аныгы дьахталлар сөбүлээн туттар тыллара. Төһө калорийдаах, белоктаах аһылыгы аһаабыттарын барытын суоттаналлар. Сорохтор дьиэлээхтэриттэн туспа астанан аһыыллар. Ол курдук ынах арыытын сиэбэттэр, сэлиэһинэй бурдуктан аһы сиэбэттэр. Ис дьиҥэр киирдэххэ, оҕолоох-уруулаах, дьиэ кэргэннээх киһи үйэ тухары маны тутуһара уустук. Ол иһин, быһа холоон, КБЖУ-ну бэйэтэ суоттанан тутуһуохтаах.
Топпуккун эрдэ билиэхтээххин
Үгүс дьон топпуттарын остуолтан туран эрэ баран биирдэ өйдүүллэр. Топпуппут туһунан сигнал аһаан бүппүппүт уонча мүнүүтэ буолбутун кэннэ кэлэр буолан, үгүс киһи аһары тото аһаан кэбиһэр эбит. Ырарга, доруобуйатын тупсарынарга туруммут киһи маны учуоттуохтаах. Остуолтан кыратык аччык туруохтаах. Күн ахсын остуолтан кыратык аччык турбут киһи доруобуйатыгар үтүөнү оҥорорун өйдүөхтээх.
Ариан Тарасов, ХИФУ Физкултуура институтун маассабай успуорт уонна туризм кафедратын дассыана:
– Урукку өттүгэр успуордунан дьарыктамматах 40-50 саастаах дьоҥҥо ыараханы көтөҕөн дьарыктаныы сэрэхтээх соҕус буолуон сөп. Ол эбэтэр, сорох дьон дабылыанньалаах, сорох киһи сүрэҕин тэбиитэ бытаарар, түргэтиир буолуон сөп. Ол иһин бастаан бырааска көрдөрөн бэйэтин этин-сиинин туругун билиэхтээх. Бу сааска сүрүннээн бэйэ ыйааһынынан үлэлээн, тардыныы, сиртэн анньыныы, приседание оҥоруон сөп. Ырыан баҕалаах ыйааһыннара улахан дьоҥҥо ыйааһыннааҕы көтөҕүүлээх дьарык сүһүөхтэригэр, сүрэхтэригэр охсуулаах буолуон сөп. Дабылыанньалара хамсыан сөп. Бастаан хаамыыттан саҕалыыллара ордук. Холобур, биир чаастан сыыйа уһатан эттэрин-сииннэрин үөрэтэн баран сүүрэргэ сүһүөхпүт ыалдьар диир буоллахтарына, успуорт саалаҕа тиийэн беговой дорожкаҕа сүүрүөхтэрин сөп. Маннык дорожка ускуораһа эмиэ эрэсиимнээх. Бэйэ пульсун көрөн 140-160 үрдэппэккэ сүүрүллүөхтээх, маны кэтэнэн көрөн дьарыктаныахтарын сөп. Эмис киһи кыратык да сүүрдэҕинэ, сүрэҕин тэбиитэ күүһүрэр. Тоҕо диэтэххэ, этэ-сиинэ улаханнык ноҕуруускаланар. Онон аргыый аҕай хааман баран дорожкаҕа кэлэн бытааннык сүүрүөн сөп. Ыйааһына түһэн бардаҕына, кыһыҥҥы өттүгэр спортивнай саалаларга, манежтарга сүүрүөн сөп. Халлаан сылыйдаҕына аспаалга буолбакка, кумахха, сымнаҕаска сүүрүөн наада. Манна, бастатан туран, атах таҥаһа сүрүн оруоллаах. Сүүрүүгэ аналлаах кроссовкалар ордуктар. Маны таһынан, аһылыгын эмиэ көрүнүөхтээх. Бурдук аһы, арыылааҕы-сыалааҕы, аһыыны сиирин аччатыахтаах. Маны кыччаппатаҕына, саахара, холестерина үрдүөн сөп. Онон кофе, табах быраҕыллыахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: