Сүбэһит: үүнээйи өҥүнэн-дьүһүнүнэн этэр
05.08.2024, 16:56
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Үүнээйи эйгэтэ. Үүнээйи турар усулуобуйатын төһө сөбүлүүрүн, туох эттик тиийбэтин өҥүнэн-дьүһүнүнэн этэр кыахтаах.
- Сэбирдэх аанньа улааппата уонна кубарыйан, саһаран киирэн барыыта азот уонна тимир саппааһа тиийбэтин, буора аҕыйаҕын эбэтэр олус элбэх уу кутулларын кэпсиир.
- Умнаһа сиэри таһынан уһуура уонна сибэккилэммэтэ азота аһары элбэҕин этэр.
- Сэбирдэх саһарарын ааһан, тымырдарын быыһа көҕөрөн тахсара марганец наһаа үксээбитин үҥсэр.
- Сэбирдэх фиолетовай дьүһүннэнэрэ фосфор тиийбэтин, күнүскү уонна түүҥҥү салгын температураларын араастаһыыта улаханын көрдөрөр.
- Сэбирдэх түүрүллэрэ салгын аһара кураанаҕын уонна наһаа итиитин, сырдык тиийбэтин туһунан этэр.
- Алларааҥҥы сэбирдэх хараарара, түһэрэ магний итэҕэһин тыллыыр.
- «Илимнээх» ооҕуй үөскээтэҕинэ, сэбирдэххэ иннэнэн аспыт курдук толбоннор тахсаллар. Онуоха «фитоверм» сириэстибэ киниэхэ сөбүн көрдөрөр.
Е.Гаврильева — Сибэкки Дуунньа,
«Үрдүк үүнүү кистэлэҥнэрэ» кинигэтиттэн.
(«Айар» кинигэ кыһатыгар 2023 c. бэчээттэнэн тахсыбыта)
+1
2
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: