СҮБЭҺИТ: Үүнээйигэ хайдах уу ордугуй?

Share

Тыа сиригэр саамай үчүгэй уу — ардах, хаар уута. Куоракка кыраантан кэлэр уу араас туустаах, хлордаах, кытаанах уу буолан, сөҥөрдөн, туруоран баран, кутуллар. Маннык ууга мас күлүн куттахха, сымныыр уонна тууһа быдан аччыыр диэн Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа саҥа саҕалааччыларга сүбэлиир.

Арассаадаларга, силистэрэ намчы эрдэҕинэ, фильтрэммит ууну, эбэтэр, оргуйбут ууну сойутан кутуллар. Ол эрээри, оргуйбут ууну куруук кутуллубат, салгына суох буолан, үүнээйи аччыктыыр.

Тымныы ууну куттахха, сибэкки силистэрэ сытыйар, бутуоннарын барытын түһэртээн кэбиһэр. Аны тымныы дьиэҕэ наһаа сылаас уу эмиэ куһаҕан, үүнээйи аһара уһаан уонна синньээн хаалар.

Наһаа сотору-сотору буолбакка эрэ, 15-20 кыраадыстаах сылаас ууну кутар ордйук, итинэн үүнээйи силистэрэ түргэнник сайдарын көҕүлүүгүт.

Уута тиийбэт сибэкки көстүүтэ кэхтэр, сэбирдэхтэрэ санньыйар, сымныыр, саһарар, устунан түһэр. Бутуоннара ситэ сайдыбакка, аһыллыбакка, кууран-хатан түһэн хаалар. Үүнүүтэ бытаарар. Буорун үрүт өттө түүнүгүрэн тахсар, умнаһын төрдүнэн бороҥ дьүһүннээх түү курдуктар үүнэллэр.

Аһара хаппыт сибэккини уулаах тааска олордон кэбистэххэ, сэбирдэхтэрэ эмиэ тилир курдук буола түһэллэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

2026-2027 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы алын баалын бигэргэттилэр

РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…

29 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Оҕобун уорбуттар» диэн федеральнай ханаалга кэпсээтэ

Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…

53 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньытааҕы «Чолбон»: Дьоллоох Дьокуускай Саҥа дьыллааҕы кэпсээннэрэ, Николай Неустроев уонна Низами Гянджеви

- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» хампаанньаҕа махтанна

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Сахатранснефтегаз» национальнай ньиэп уонна гаас хампаанньатыгар тус махталын биллэрдэ. Туһааннаах дьаһал…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Өрөгөй хомус» хомус уустарын уус-уран оҥоһуктарын күрэхтэһиитэ саҥа саҕахтары арыйар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ тэрийиилэринэн, 2025 с.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Киһи доруобуйатын ыар эчэтии, киһи эмсэҕэлээһиннээх суол быһылааннара таҕыстылар

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр икки буруйу оҥоруу тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай дьыалалары…

2 часа ago