СҮБЭҺИТ: Собо барахсан туһата

Share

Саха сирэ собонон баай буолан, былыр-былыргыттан төрүт аспыт буолар. Сут дьылларга собо саханы элбэхтик быыһаабыта.

Собоҕо туһалаах аминокислоталар, фосфор, хром, дьуот, алтан, калий, селен, фтор, А, С, D, Е, В, РР битэмииннэр, сыатыгар Омега-3 бааллар. Минньигэс эрэ буолбатах, олус туһалаах ас буолар. Ордук оҕолорго, хат дьахталларга, сааһырбыт дьоҥҥо эмис собону сиэтиллиэхтээх. Собо 100 кыраамыгар ортотунан 17-18 гр белок, 1,8 гр сыа баар буолар. Ол эбэтэр, 300 кыраамы сиэтэххэ, киһи белокка күннээҕи наадыйыытын 100% толуйар.

Элбэх фтордаах, фосфордаах буолан, тиис, уҥуох кытаатарыгар көмөлөөх. Былыр өбүгэлэрбит собо, мунду уҥуоҕун тарга, сымаҕа уулларан сиир буолан, олус бөҕө уҥуохтаах, тиистээх этилэр. Ону археологическай хаһыылар туоһулууллар.

Оттон дьуот Арассыыйаҕа олорор дьоҥҥо барыбытыгар да тиийбэт. Собоҕо баар дьуот органическай холбоһук буолан, эккэ-сииҥҥэ үчүгэйдик иҥэр. Собону элбэхтик сиэтэххэ, щитовиднай былчархайга үчүгэйдик дьайар.

Ураты бүлүүдэлэр

Собону араастаан буһарыахха сөп. Нууччалар тууһууллар, оччоҕо этэ кыһыл өҥнөнөр. Буруоҕа эмиэ ыыһыыллар, маринадка буһараллар. Бэл диэтэр, соботтон борщ, халадьыас, салаат оҥороллор эбит. Сүөгэйгэ бүскүтэн, сыаҕа суулаан, иһигэр араас начыыҥкалаан буһаралларын этэ да барбаккын.

Кореяҕа «томимён» диэн бүлүүдэ баар: собону эти, тэллэйи, эриэхэни кытары паарга буһараллар.

Бытархай собону эрийтэрэн баран, кэтилиэт, билиинчик, туорт, рулет, бөрүөк, “запеканка”, о.д.а. тугу баҕарар буһарыахха сөп.

Муҥха сиэрэ-туома

Өбүгэлэрбит муҥханы өрөн, эбэтэр оҥорон (абырахтаан) бүтэрэн баран, сиэр-туом толороллоро. Анаан сүөһү өлөрөн, иһин кыра гына кырбаан, сиргэ тэлгэнэн сытар илим үрдүгэр ыһаллара. Бу манна сүөһү сүрэҕэ уонна тыҥата туттуллубат. Ол кэнниттэн оҕолор сүөһү иһин муҥха үрдүттэн хомуйаллара, ол аата бу курдук элбэх балык кэллин диэн өйдөбүллээх. Онтон сүөһү этин буһаран, тото-хана аһыыллара.

Сарсыҥҥы күнүгэр ойуун, эбэтэр алгысчыт аал уоту оттон, арчы сиэрин-туомун толороро. Муҥханы арчылыылларыгар кынатын бултуу барар сирдэрин диэки уураллара. Уот оттон, аал уот, күөл иччилэриттэн үҥэн-сүктэн көрдөһөллөрө. Үрүҥ аһынан, саламаатынан айах туталлара.

Муҥха түһүөн иннинэ алгысчыт, эбэтэр, ытыктанар кырдьаҕас киһи күөл таһыгар дэлбиргэ ыйаан, уу, тыа иччилэриттэн көрдөһөн алгыс этэр. Бастаан титириктэри ылан, аллараа өттүн хатырыгын сулуйаллар уонна күөл таһыгар илин диэки хайыһыннаран сиргэ анньаллар. Ахсаана хайаан да сэттэ, эбэтэр, тоҕус буолуохтаах. Бу титириктэргэ дэлбиргэни ыйыыллар, аттыгар алаадьыны уураллар. Дэлбиргэ диэн кыһыҥҥы муҥхаҕа, эбэтэр, булчут улахан булка барарыгар анаан оҥоһуллар бэлэх саламата буолар. Ситии быа өрөн, онно үрүҥ сиэли, кус түөһүн уҥуоҕун, кынатын, куобах чөмчөкөтүн, кутуругун, бочугурас, улар атахтарын, араас кыыл түүтүн иилэллэрэ.

Ол кэнниттэн аал уоту оттон, алгыс этэллэр. Дьон алгысчыт кэннигэр, илин диэки хайыһан тураллар. Алгыс тылыгар сир-дойду иччилэриттэн, уу иччитэ Күөх Боллох Тойонтон көмүс хатырыктааҕы бэрсэригэр көрдөһөллөр:

Күөх Далай иччитэ

Дьэбэрэ тэллэх,

Бырыы сыттык,

Көппөх суорҕан,

Туона Баай

Тойон оҕонньор,

Лоһуор собо барахсаны

Толору уган кулу даа диэн

Көрдөһөбүт-ааттаһабыт!

Иччилэри Айыы аһынан айах туталлар. Алгыс бүттэҕинэ, дэлбиргэ биир уһугун суораттаах иһиккэ, биир уһугун ойбоҥҥо угаллар. Ол икки иччи, тыа иччитэ уонна уу иччитэ ситимнэрин көрдөрөр. Туона үктээччи киһи муҥха түһүүтүн оҥорор, онтон сорох эр дьон ойбоннору аллараллар. Бастаан муҥха түһэр чардаатын алларан, үтүмэх маһы түһэрэллэр, онтон ойбонтон ойбоҥҥо үтүмэҕи атырдьах маһынан ыыталлар. Үтүмэх төрдүгэр бэчимэни баайаллар.

Чочумча буолаат, атырдьах мастаах киһи ойбон иһиттэн үтүмэҕи көхөнөн тутан ылар уонна бэчимэни эрийэр. Тохтоо диэхтэригэр диэри кэннинэн барар. Муҥха кынатын, онтон ийэтин ойбоҥҥо түһэрэллэр. Чардаат иннигэр баар ойбоҥҥо талаҕы угаллар. Ол хамсаатаҕына, балык баар буолар, оччоҕо муҥханы таһаараллар. Соһооччу киһини самахчыт диэн ааттыыллар.

Муҥхалаан бүттэхтэринэ, күөл иччитигэр алгыс этэн махтаналлар. Балыгы барытын дьиэлэригэр илдьэ барбаттар, соро5ун ууга ыытан кэбиһэллэр.

Собо искэнтэн быыһыыр

Пиэрибэй ханаалга былырыын “Жить здорово” биэриигэ  «Гастрономическая карта России” рубрикаҕа Кэбээйи соботун туһунан кэпсээбиттэрэ. Ыытааччы Елена Малышева собону бэркэ хайҕаабыта.

— Саха сиригэр Кэбээйи улууһугар биир улахан күөл баар, Иван Грознай саҕаттан бөдөҥ соботунан биллэр. Айылҕаҕа, ыраас ууга көҥүл сылдьан, оннооҕор кыһыннары аһыыр буолан, көрүҥ эрэ, бу собо хайдах курдук улаханый, эмиһий? Сэтинньигэ Саха сиригэр муҥха диэн балыктааһын буолар. Муораҕа курдук, балыгы күрдьэҕинэн баһаллар. Хас да үйэ тухары, сыл аайы маннык сүүһүнэн куулу балыктыыллар да, соболоро бүппэт эбит, баһаллар да баһаллар!.

Мэдиссиинэ өттүттэн көрдөххө, бу  балык – бүтүннүү белок, ону тэҥэ, уратыта диэн, селен баар. Киһи организмыгар селен быычыкаайык, микродозата хайаан да баар буолуохтаах. Ол онтон киһи доруобуйата тутулуктаах. Холобур, искэн ыарыылаахтарга селеннара суох буолар. Искэн килиэккэлэрэ олохпут тухары син биир үөскүүллэр, ону иммуннай систиэмэ булан, суох гынан иһэр. Селен онуоха көмөлөһөр. Онон селеннаах аһы сиэхтээхпит, — диэн кэпсээбиттэрэ.

Биэриигэ биллэр шеф-повар,  «Вкусы Якутии» гастрономическай бэстибээл кыайыылааҕа Николай Атласов ыалдьыттаабыт. Кини собо туһатын, хайдах астанарын туһунан кэпсээбитэ, амсаппыта.

Собо пааматынньыга

Собоҕо пааматынньык Дьокуускайга эрэ баар буолбатах. Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр Үрүҥ Күөлгэ байыаннай суолталаах балык артыала тэриллибитэ 80 сылыгар нэһилиэккэ киирии кыраныыссатыгар  собоҕо анаан өйдөбүнньүк бэлиэни туруорбуттара.

Түбэ орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Марита Сивцева собоҕо анаммыт бырайыак толкуйдаабыта. Өйдөбүнньүк бэлиэ ааптара — орто оскуола үлэ уруогун учуутала Алексей Сивцев.

Балыктааһын тэриллэрэ (сахалыы-нууччалыы)

Куйуур – рыболовный сак:

а) куойа – ободок сака;

б) маҥкы – рукоятка сака.

Түөрэй – деревяннай палка с отверствием, куда вставляется рукоятка сака.

Туу – морда (верша):

а) киспэ – внутренний обруч, бастакы киспэ – передний обруч, ортоку киспэ – средний обруч, кутурук киспэ – задний обруч;

б) туу сүрэҕэ – внутренняя воронка морды;

в) туу тылбыыта – зажим для верши;

г) туу чурумчута – кольцо для зажима.

Ардьаах туу – морда с редкими  ячейками (собону туулуурга).

Күөнэх туута – морда с частыми ячейками.

Муҥха тэрилэ

Муҥха ийэтэ – мотня.

Муҥха кыната – крыло.

Туос хотоҕос – берестяной поплавок.

Хаптаһын хотоҕос – поплавок из доски.

Таастыган – грузило.

а) бүлтэс уҥуоҕа – крупнай полая кость;

б) сылгы бэрбээкэйэ – щиколотка лошади;

в) сылгы туйаҕа – копыто лошади..

Ыт мас – палка на конце крыла, дающая перпендикулярное положение.

Ачаах – вилы, при помощи которых подо льдом продвигают жердь.

Олуур – палка, при помощи которой поворачивают жердь.

Көхө – крючок.

Үтүмэх – прогонная жердь (длиной до 15-16 метров).

Бэчимэ – бечева.

Нырыы – тонкая длинная березовая палка (балыгы муҥхаҕа үүрэргэ аналлаах уһун мас).

Кыл хамыйах – волосяной черпак для удаления из воды мелких льдин.

Сүүр – совок для извлечения более крупных льдин.

Бу – интэриэһинэй

Собо 15 сылга диэри олоруон сөп. Олус тулуурдаах балык, кыһын тымныыга утуйар. Көлүйэ бүтүннүү тоҥноҕуна да, собо тыыннаах хаалар. Дьиктитэ диэн, ууга олус сытымсах эбит. Ону тэҥэ, тыһыта атыырга кубулуйуон сөп: аквариумҥа хас да тыһыны ыыттахха, сотору кэминэн биир тыһы собо атыырга кубулуйар үһү – бу удьуору ууһатарга айылҕа дьиктитэ. Саха сиригэр кыһыл көмүс собо боруодата эмиэ баар.

Туһаныллыбыт литература: “Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ”, “Өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа”.

What’s your Reaction?
+1
19
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

52 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago