Сүбэлэр: оҕуруоччуттарга ый халандаара
2024 сылга оҕуруот аһын олордуунан дьарыктанааччыларга куйаар ситимиттэн сүбэлэри түмэн, ый халандаарын (лунный календарь) таһаарабыт. Быйыл ыам ыйыгар хаһан уонна тугу олордор табыгастааҕый?
Ыам ыйыгар быйылгы ый халандаарынан үүнээйини олордууга ордук табыгастаах күннэринэн ыам ыйын 12–13, 17, 21, 22, 30, 31 күннэрэ буолаллар. Оттон ыам ыйын 23 күнүгэр тугу да олордубаккытыгар сүбэлииллэр. Мантан атын күннэргэ үүнээйи олордор буорун бэлэмнииргэ, арассаадаларга эбии уоҕурдуу кутарга, учаастагы ыраастыыр, хомуйар үлэлэрэ ыытыллыахтаах.
Ыам ыйын 12-13 күннэригэр сүбүөкүлэ, эрэдиискэ, дайкон, эриэппэ, горох сиэмэлэрин буорга ыһыллыахтаах. Маныаха биири өйдүөх тустаахпыт – сир 18 кыраадыс сылаас буолуохтаах. Бу кэмҥэ элбэх сыллаах сибэккилэр, талахтар сиэмэлэрин арассаадалыыллар.
Ыам ыйын 12, 13, 19, 20, 21 уонна 22 күннэригэр кабачки, патиссон уонна баклажан сиэмэтин ыһар ордук.
Ыам ыйын 17, 21 уонна 22 күннэригэр эрдэ үүннэриллибит элбэх сыллаах үүнээйилэри араартыыллар.
Ыам ыйын 20 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри хортуоппуйу олордуллар.
Бэс ыйын 5-15 күннэригэр дьиэҕэ арассаадалаабыт сибэккилэри таһырдьа таһаарыллар.
Бэс ыйын 1-30 күннэригэр эрэдиискэни, салааты, укуруобу, шпинаты, луугу сиэмэнэн буорга ыһыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: