Бэҕэһээ, тохсунньу 5 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы Арчы дьиэтигэр киһи ис туруга чөллөнүүтүгэр, этин-сиинин чэбдигирдэригэр уонна дьылҕатын салайынарыгар туһуланар «Тирэх» үөрэх сүрүннээччилэрэ Сыдьаайа уонна Байдам Филипповтар бар дьонноругар анаан сиэр-туом ыыттылар.
Саҥа үүммүт Айыыһыт ийэ хотун сылыгар киирэргэ, ааспыт сыл үтүөтүгэр махтана-сүгүрүйэ, кириттэн- хоҕуттан ыраастанан-арчыланан, сылбыт Үрдүк Айыытыгар, Айыыһыт ийэ хотуҥҥа, ыйбыт Үрдүк Айыытыгар Таҥхаһыт таҥха хааҥҥа сүгүрүйэн, алгыс ылан, саҥа сылбыт уотун саҥалыы сандаардан, ил-эйэ, чөл олох туһугар сыллааҕы баҕа санаабытын тиэрдэн, үөрэн-көтөн, санаабыт сырдаан дьиэбитигэр кэллибит. Сыдьаайа тохсунньу ыйга тоҕо сиэр-туом наадатын сиһилии быһаарда. Сыл бүтүүтэ киһи айылҕатын уота сөҕүрүйэн барар, санаа-оноо баттыыр. Ол иһин саҥа сылы көрсө ырааһыран, арчыланан, айылҕабыт уотун саҥардан, уматан биэрэрбит наада. Бэйэтин истиҥник саныыр дьоммутугар бу алгыска ылыммыт айылҕабыт уотуттан бэрсэр буолабыт.
Алгысчыттарбыт алгыска киирии иннигэр кэлбит дьон өйүн-санаатын уоскутан, намылытан, күннээҕи түбүктэриттэн кыра да бириэмэҕэ тэйитэн, санааларын, былыттарын чэпчэтэн бэлэмнииллэр. Сыдьаайа уонна Байдам көмөлөһөөччүлэрэ Арыллыы үөрэҕи бүтэрбит саха далбар хотуттара, саха саарыннара буолаллар. Кинилэр алгыс ылына кэлбит дьону алтан хобо тыаһынан, отунан ыраастыыллар, арчылыыллар. Хас биирдии ыал ийэтэ бэйэтэ дьиэтин иһигэр Айыыһыт буоларын быһыытынан, бу дьиэ холумтанын сылааһын кини тутааччы, ил-эйэ олохтооччу буолар. Онон ыал буолан баран, эрин кини сылаас тыынынан өллөйдөөн, киһи-хара буоларыгар туох баар Айыыһытын үтүө тыынын барытын киллэрэрэн өрө тардар аналлаах. Оччоҕо арахсыы да суох буолуо, аҕата суох да оҕо ахсаана адьас аҕыйыа этэ. Саха үөрэҕин эдэр дьоҥҥо, кыргыттарга уолаттарга күүскэ тарҕаттахха бэйэ омугун генопуондатын да харыстыыр, тэнитэр санаа күүһүрүө этэ.
2024 сыл Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн, оттон Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан биллэриллибитэ мээнэҕэ буолбатах. Норуоппут туругура сайдарыгар, элбэх саха ыала үөскээн, баччыр оҕону төрөтөн, үс саханы үөскэтэр, түөрт саханы төрүттүүр аналларын толороллоругар туһуланар.
Суруйда Арылыйаана Хотун Атас кыыһа.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…