Сүдү суолталаах. Максим Аммосов үс өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбалаах буолуутугар оҥорбут үлэтэ умнуллубат

Share

Кыргызстаҥҥа Максим Аммосовка аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах конференцияҕа Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков салайааччылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегацията кыттыыны ылла. Делегация састаабыгар М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет проректора Ньургун Максимов, история факультетын декана Наталья Стручкова, журналистика кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров кытыннылар.

Сирэй кыттыылаах уонна куйаар нөҥүө холбонуу­лаах конференцияҕа Россия Федерациятын, Белоруссия, Кыргызстан, Казахстан, Саха сирин (чуолаан Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет) учуонайдара, чинчи­йээччилэрэ кытыннылар.

Александр Жирков конференция кыттыылаахтарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын анал эҕэрдэтин тиэртэ. Айсен Николаев эҕэрдэ суругар Кыргызстан уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэлэрин салалталарыгар, конференция кыттыылаахтарыгар саха но­­руотун уһулуччулаах уола Максим Кирович Аммосов туһунан үтүө өйдөбүллэрин, дириҥ кэриэстэбиллэрин иһин саха норуотун аатыттан махталын тириэртэ. Максим Кирович Аммосов кылгас эрээри, баай ис хоһоонноох олоҕор үс өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбалаах буолуутугар, түүр омук бу норуоттарыгар оҥорбут үтүөтэ умнуллубат сүдү суолталаах. Ол да иһин кини туһунан өлбөөдүйбэт өйдөбүл бүтүн дойдуга, саха, кыргыз уонна казах дьонугар өрүү тыын­наах. Кыргызстаҥҥа Максим Аммосовка аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах конференция чаҕылхай Максим олохтообут үтүө дьыалата салҕана, байытылла турарын, бииргэ үлэлээһин үгэстэрин бөҕөргөтөр аналлааҕын дьиҥ туоһутунан буолла.

Александр Жирков конференцияҕа ырытыллар боппу­руос урукку өттүгэр биирдии­лээн чинчийиилэртэн ураты, өр кэм устатыгар ахтыллыбакка сылдьыбытын туһунан эттэ. “Омук национальнай интэлигиэнси­йэтэ үөскээһинигэр, культура уонна общество сайдыытыгар омук бас-көс дьонун быһыытынан билиниллибит сала­йааччылар, лидердэр, сирдьит дьон суолталарын, өҥөлөрүн чинчийиигэ бүгүн олус кэрэхсэбиллээх кэпсэтии саҕаланна”, – диэн Саха сирин Ил Түмэнин бастакы вице-спикерэ анаан бэлиэтээтэ.

Салгыы Александр Жирков бу сырыытыгар Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин государственнай секретара Сүйүнбек Касмамбетовы, Кыргызстан парламенын – Жогорку Кенеш салалтатын, Алыкул Осмонов аатынан Национальнай биб­лио­тека уонна Кыргызстан национальнай историческай музейын салалталарын, Жусуп Баласагын аатынан Кыргызстан национальнай университетын ректорын кытта көрсүтэлээтэ.

Саха сирин делегация­та Кыргызстан Өрөспүүбүлү­кэтигэр баар кэмигэр улуу гуманист суруйааччы Чингиз Айтматов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах Россия Федерациятын культуратын күннэрэ ыытылыннылар. Россия Федерациятын культуратын күннэрин чэрчитинэн Александр Жирков КӨ нацио­нальнай библиотекатыгар уонна КӨ национальнай музейыгар «Под знаком Чингиза Айтматова» түмсүүлэргэ кытынна, бу тэрээһиннэргэ мустубут араас омук бэрэстэбиитэллэрин иннигэр Чингиз Айтматовы, Максим Аммосовы уонна Саха сирин ситим­ниир дьоһун иһитиннэриилэри оҥордо.

Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын дьаһалтатыгар көрсүһүүгэ Александр Жирков Кыргызстан государственнай секретарыгар Сүйүнбек Касмамбетовка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Чингиз Айтматов 95 сааһынан эҕэрдэтин тириэртэ. Көрсүһүү түмүгүнэн Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин государственнай секретара Саха сирин официальнай делегациятын кэлэр 2024 сылга кыргыз но­­руотун судаарыстыбаннаһын 100 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэргэ кытталларыгар ыҥырда.

Кыргызстан уонна Саха сирин парламеннарын бииргэ үлэлээһиннэрин, омуктар культураларын алтыһыыларын уонна общественнай сибээс­тэри бөҕөргөтүүгэ, уруулуу омуктар мэҥэ тойуктарын эпическай нэһилиэсти­бэлэрин харыс­таһыыга, Чингиз Айтматов, Максим Аммосов ааттарын салгыы үйэтитиигэ үлэлэр туһунан кэпсэтии буол­ла.

Алыкул Осмонов аатынан Национальнай библио­тека директорын Нурия Байсако­валыын Алек­сандр Николаевич Саха Өрөспүүбүлүкэтин Нацио­нальнай библиотекатын кытта ыкса сибээстээх үлэни ыытыы тула кэпсэттэ уонна «Айар» национальнай кинигэ кыһата таһаарбыт кинигэлэрин бэлэх туттарда.

Салгыы Александр Жирков Российскай Федерация Культу­ратын министиэристибэтин өйөбүлүнэн Кыргызстаҥҥа Арассыыйа күннэрин ыытыы чэрчитинэн туруоруллубут В.И.Даль аатынан Арассыыйа литературатын историятын Государственнай түмэлин фондатын «Под знаком Чингиза Айтматова» быыстапкатын үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. Кини тыл этэригэр кыргыз норуотун уһулуччулаах уола, улуу гуманист-суруйааччы Чингиз Торекулович Айтматов төрөөбүтэ 95 сылын Кыргызстан эрэ буол­бакка, аан дойду таһымыгар тиийэ бэлиэ­тээбиттэрин ахтан туран, кыргыз норуотугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьонун аатыттан эҕэрдэни тиэртэ.

Ону таһынан Александр Николаевич Кыргыз Өрөспүү­бүлүкэтин Нацио­нальнай историческай түмэлин дириэктэрин Жылдыз Бакашованы кытта бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр исторяларын, культураларын нэһилиэстибэтин ха­­рыстааһыҥҥа гуманитарнай хайысханан салгыы бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин делегацията Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтигэр сырыытын түмүгүнэн бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэргэ культура, билим уонна үөрэх тэрилтэлэрин гуманитарнай хайысханан бииргэ үлэлээһиннэрин салгыы бөҕөргөтүү улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр, чугастааҕы кэмнэргэ кыттыгас былааннары чопчулаатылар, тэрээһиннэри ыытары быһаарыстылар.

С.ВАСИЛЬЕВ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

31 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

5 часов ago