Сүдү учуонай Георгий Коротовка анаммыт экспозиция

Share

Бүгүн, Арассыыйа Наукатын күнүнэн, “Мин историям” мусуой комплексыгар М.Г.Сафронов аатынан ТХНЧИ бастакы дириэктэрэ, бэрэпиэссэр Георгий Коротов төрөөбүтэ 110 сылынан мультимедийнэй экспозиция үөрүүлээхтик аһылынна.

Институт дириэктэрин э.т. Михаил Черосов бэрэпиэссэр Г.П.Коротов олоҕун, наукаҕа уонна дьиҥ олоххо киллэрбит үтүөтүн туһунан мустубут дьоҥҥо бэрт сэргэхтик кэпсээтэ.

Георгий Павлович Сунтаар улууһун Аллаҥа нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. 1940 с. Москватааҕы зоотехническэй  институтун бүтэрэн, кыылы иитээччи-охотовед дипломун ылбыта. Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун бастакы дириэктэринэн үлэлээбитэ. Сахаттан биир бастакынан тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, бэрэпиэссэрэ буолбута.

Тэрээһиҥҥэ түмсүбүт учуонайдар, устудьуоннар, Дьокуускай олохтоохторо учуонай сиэнэ, педагогическай наука хандьыдаата, ХИФУ филологическай факультетын доцена Ольга Ильина ахтыытын сэҥээрдилэр. “Эһэм улахан буукубаттан суруллар учуонай. Олоҕун наукаҕа анаабыта. Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын өрө көтөхпүтэ уонна сайыннарбыта”, — диэн бэлиэтээтэ (кини ахтыыта “Тыа сирэ” балаһаҕа тахсыаҕа).

«Сахаагроплем» тэрилтэ зоотехнига Татьяна Протопопова этэринэн, сүдү учуонай саха ынаҕын үөрэтэн-чинчийэн  үүтүн элбэтэргэ үлэлээбит. Бу күн Георгий Павлович көмөтүнэн Саха сиригэр аан бастаан андаатары, кииһи үөскэппиттэр, булчут ыттары иитиигэ улахан болҕомто ууруллубутун биллибит. Ил Түмэн дьокутаата Андрей Находкин кыттан, саха ынаҕын иитии боппуруоһун тула учуонайдары кытта кэпсэттэ, ырытыста.

Быыстапкаҕа Раджу диэн элитнэй кылаастаах оҕус экспонатын көрдөрүүгэ аҕалан туруорбуттар. Бу оҕус 1982 сыллаахха Дьааҥы улууһун Ленинскэй сопхуоһун Дьарҕаалаах учаастагар төрөөбүт. Раджуттан  7370 доза сиэмэни тоҥорбуттар. 1985-87 сс.  бу оҕус сиэмэтиттэн  400 тахса ньирэй төрөөбүтүн преподавателлэрин кытта быыстапкаҕа кэлбит ДьГТХА устудьуоннара кэрэхсээтилэр. Кинилэр бу оҕуска экстерьеринэн сыаналааһыны оҥорон боруобалаатылар, мээрэйдээтилэр эҥин. Быһата, маастар-кылааска кытыннылар.

Тэрээһиҥҥэ “Саха сүөһүтэ” генофонднай тэрилтэ үлэһиттэрэ анаан-минээн саха сүөһүтүн этиттэн, үүтүттэн бэлэмнээбит астарын-үөллэрин амсайдылар. Хойуу күөрчэх, ынах хаана, халадьыас, быырпах, үтэһэлээх эт эҥин остуолу хотойорунан тардылынна.

Онон Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит Георгий Коротов үбүлүөйүгэр анаммыт эскпозицияны тэрийиигэ ТХНЧИ, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, “Саха сүөһүтэ”, “Сахаагроплем” тэрилтэлэр бэркэ дьаһаммыттар.

Хаартыска: ааптар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүкүүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүкүүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

4 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Быйыл икки аэропорду саҥардан оҥоруохтара

2025 сылга өрөспүүбүлбүкэҕэ икки аэропорду саҥардан оҥорууну түмүктүөхтэрэ уонна саҥаны тутуохтара. Ил Дархан Айсен Николаев…

5 часов ago