Сүөһү иитээччилэр ханнык өйөбүлү ылыахтарай?

Share

Граннары уонна субсидиялары ылааччылар ахсааннарын улаатыннаран, бырабыыталыстыба тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын өйөбүлүн кэҥэттэ.

Сүөһү иитээччилэр 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн өйөбүл саҥа көрүҥүн ылыахтара – ынах  сүөһүнү иитии уонна бородууксуйаны салгыы оҥорон таһаарыы ороскуотун толуйууга субсидиялары. Маннык уураахха РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Кэлэр сылга бу миэрэҕэ 600 мөл солк. көрүлүннэ.

Маны сэргэ 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн производстволарын сайыннарыыга судаарыстыбаттан граннары ылар икки категория аграрийдарга маннык өйөбүлү биэрии усулуобуйата чэпчиэҕэ.

Ол эбэтэр грант үбүн материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаларын бөҕөргөтүүгэ туһанар дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин сайыннарыынан дьарыктанар пиэрмэр хаһаайыстыбаларыгар, ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр сыһыаннаах.  Бу иннинэ кинилэр ылбыт граннарын хас 3 мөлүйүөн солкуобайын аайы биир үлэһити ылыахтаахтара, билигин хас 10 мөлүйүөн солкуобай ахсын – биир үлэһити.

Грант муҥутуур сууматын кээмэйэ уруккунан хаалар: пиэрмэр хаһаайыстыбаларыгар – 30 мөл солк. диэри, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр – 70 мөл солк. диэри.

Дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин бас билээччилэргэ саҥа уурааҕынан 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн муниципальнай бас билиигэ баар тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сир учаастактарын ылыыга бу үп сорҕотун ыытар кыахтаныахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago