Дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа академик Л.К. Эрнст аатынан Федеральнай сүөһү иитиитин научнай чинчийэр институт киинигэр (ВИЖ) тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн олохтоох генофонда боруодаларын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга научнай-производственнай кэмпириэнсийэ үлэтин түмүктээтэ.
Бу туһунан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ. Тэрээhини РНА академига, тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, профессор Харон Амерханов иилээн-саҕалаан ыытта. Манна биллиилээх учуонайдар, тустаах специалистар олохтоох ынах боруода арааhын иитии кыһалҕаларын ырыттылар, сайдыы суолун тобуллулар.
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ, племенной үлэҕэ, кооперацияҕа уонна бааһынай хамсааһыныгар дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччы Галина Осипова бэлиэтээбитинэн, тэрээһин ассоциация тэриллибитэ биир сылын көрсө ыытылынна. Икки күн устата ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ дойдуга олохтоох аҕыйах ахсааннаах 14 генофонднай ынах боруодаларын ахсааннарын элбэтии, бородууксуйатын тупсарыы боппуруостарын ырыттылар.
Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара федеральнай сүөһү иитиитин научнай чинчийэр институт киин уопуту ыытар пиэрмэтигэр сылдьан, инновация технологиятын сайдыытыгар сөп түбэһэн үлэлиир молекулярнай-генетическэй лаборатория үлэтин билистилэр. Манна клоннаммыт ынаҕы уонна барааны көрдүлэр, эмбрионнары трансплантациялааһын ньыматынан 8 атыыр ньирэйи уонна чубукуну (архар) кытары барааны иссиhиннэрэн ылбыт икки саҥа төрүөх оҕолорун үөрэттилэр.
Ити курдук, институт аныгы үйэ ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, эстэн эрэр боруодалары элбэтэр, чөлүгэр түһэрэр үлэни үөрэтэр уонна олоххо киллэрэр соруктаах.