Сүгүрүйэбит, киэн туттабыт!
Уһулуччулаах судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, Саха сирин автономиятын төрүттээччилэртэн биир чаҕылхайдара И.Н.Барахов олунньу 12 күнүгэр төрөөбүтэ.
1926 с. Баку куоракка, киһи аймах историятыгар аан бастаан, түүр тыллаахтар мөрүөн тардан тылларын кэскилин торумнаспыттарын син аныаха дылы истибэтэх, билбэт аҕыйах ини. Аан дойдуттан хомуллан 131 дэлэгээт, биллиилээх нуучча академиктара, профессордара, тас дойдулартан икки турок, биир перс, икки немец, биир австрийскай, биир венгр омуктар үөрэхтээхтэрэ кыттыбыттара. Ити улуу мунньахха саха үөрэхтээхтэрэ Барахов, Алампа, Күндэ буолан баран кыттан кэлбиттэрэ. Ити сийиэскэ Барахов сайдыылаах омуктар улахан учуонайдарын кытары Президиумҥа олорбута! Сийиэскэ Барахов тыл эппитин тезистэрин, киинэ лиэнтэтин уонна да атын матырыйааллары билэлиэгийэ наукатын хандьыдаата, түүрдэр Аан дойдутааҕы академияларын академига Ю.И.Васильев — Дьаргыстай анаан Бакуга баран архыыпка хасыһан, тыл университетыгар үлэлэһэн, булан норуот билиитигэр таһаарбыта. Бу мунньах (сийиэс) оччотооҕуга дьон-норуот патриотическай тыына, өйө-санаата уһуктубут, дойду үрдүнэн интернациональнай, национальнай бэлиитикэ кырдьыктаахтык ыытылла турар кэмигэр буолбута үтүө түмүктэри аҕалбыта.
Оччолорго ити мунньах докумуоннарын бүтүннүү уурунан, харайан, азербайджан омук үөрэхтээхтэрэ чинчийэн туһаналлар эбит. Барахов аатынан судаарыстыбаннас музейыгар Бакутааҕы тыл университетыгар преподаватэллээбит, кафедра сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит профессор, лингвист, ф.н.дуоктара Бабаев Адил Момед оглы ити сийиэс туһунан суруйбута баар. Бу азербайджан омук тылын сайдыытыгар улахан өҥөлөрдөөх биир бөдөҥ учуонайдара киһи: «Долг нынешнего поколения ученых — найти и опубликовать и довести до сознания нового поколения все материалы, связанные с жизнью и общественно-политической деятельностью этого великого человека как Барахов», — диэбиттээх. Архыыптарга Барахов үлэлэрэ хараллан сыталлар. Күн-дьыл аастаҕын ахсын ааҕар ыараан иһэр: чэрэниилэ өҥө кубарыйар, суураллар, аны буочарбыт мээнэ киһи аахпат буочара. Барахов үлэлэрин үөрэтии сыал-сорук буолан институттар, биир эмэ кэскиллээх учуонай ылсара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Ытык киһибитигэр сүгүрүйэбит, киэн туттабыт!
Светлана Копыленко,
Үөһээ Бүлүү
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: