Кэбээйи орто оскуолатыгар атырдьах ыйын 12 күнүттэн кыраайы үөрэтэр-литературнай «Сыккыс» лааҕыр үлэтин саҕалаабыта.
Салайааччыларынан саха тылын учууталлара Егорова М.И., Терехова А П. уонна кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһитэ Максимова А.А. буолаллар. Быйылгы үлэ Кэбээйи оройуонун бастакы үрдүк үөрэхтээх учуутала, поэт И.Р. Петров төрөөбүтэ 110, буойун-суруйааччы Т.Е. Сметанин төрөөбүтэ 105 сылларын көрсө уонна икки сылынан ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии, Кэбээйи фольклорун үөрэтии, чинчийии быһыытынан ыытыллар. «Сыккыс» оҕолоро атырдьах ыйын 19 күнүгэр «Ытык дьоммут суолларынан» экскурсияҕа сырыттыбыт.
Бастаан оҕолорго төрөөбүт бөһүөлэктэрин устуоруйатын билиһиннэрэ, Кэбээйи сурук өйдөбүнньүгүттэн саҕалаатыбыт. Бөһүөлэккэ киириигэ Иван Петров «Кэбээйи» хоһоонугар Серафим Павлов мелодия айан, кэбээйилэр астына, киэн тутта ыллыыр ырыабыт биир кэрэ, мааны сиргэ туруоруллубутун оҕолор астына бэлиэтээтилэр.
Ол кэннэ Учуутал, поэт, сталинскай ГУЛАГ хаайыылааҕа, уустук дьылҕалаах улахан киһи – Иван Романович Петров төрөөбүт Лиһэ алааһын таһыгар баар, Сметанин аймах уутуйан олорбут-үлэлээбит Ворошилов учаастагар сырыттыбыт.
Малыыда эбэҕэ кус арааһа үөскүүрүн-түһэрин көрөн уолаттар ордук астыннылар. Иван Петров «Малыыда» хоһоонун санаан-ахтан аһардыбыт. Кэбээйи оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Аполлон Аполлонович Марина Ивановналыын 20 тахса сыл анараа өттүгэр кыраайы үөрэтээччи, бэтэрээн-учуутал Григорий Антонович «Сыккыс» оҕолорун бу сиргэ илдьэ кэлэн, араас үһүйээн кэпсээбитин ахтыстылар. Оччолорго Аполлон Аполлонович 8 кылаас үөрэнээччитэ, лааҕыр хамандыыра этэ.
Ворошилов учаастакка лааҕыр оҕолоро сайылыкка олорор бииргэ үөрэнэр табаарыстарын көрсөн, хамаанданан арахсан олус тапсан оонньоотулар. Араас бириистэри ылан үөрүүлэрэ үксээтэ.
Күүс-сэниэ эбинэн баран,салгыы Култуураҕа (Моҕоллой алааһыгар) айаннаатыбыт. Аара Оҕус Тириитэ диэн уруккута Левиннэр, Тереховтар, Павловтар олорбут-үлэлээбит сирдэригэр тохтоон аастыбыт. Айта Анатольевна бу биир ытык сиргэ кимнээх үлэлээн ааспыттарын, бу сиргэ билигин Павлов Егор Авксентьевич дьонун-аймахтарын түмэн, өйдөбүнньүк туруортарбытын кэпсээтэ. Мастан, муустан араас оҥоһуктары оҥорон, тас дойдуларга кытта аатырар биир дойдулаахпыт Алексей Андреев дьонун-сэргэтин көрдөһүүтүн ылынан, сүрдээх үчүгэй оҕус оҥоһугу оҥорбутун астына көрдүбүт.
Аны икки сылынан Кэбээйигэ үөрэхтээһин тэриллибитэ 100 сылын туолуо. Улуус биир кырдьаҕас үөрэх кыһата — Кэбээйи оскуолата 100 сааһын бэлиэтиэ.
Марина Ивановна 1926 с. Моҕоллой алааһыгар, билиҥҥи Култуура сиригэр, таҥара дьиэтигэр оскуола арыллыбытын, Т.Е. Сметанин, И Р. Петров оскуола бастакы үөрэнээччилэрэ буолалларын кэпсээтэ. Тохтуу-тохтуу, өр сыл үөрэнэн түөрт кылаастаах оскуоланы бастакынан сэттэ оҕо үөрэнэн бүтэрбитин, кинилэр, бастакы хомсомуоллар, бөһүөлэктэрэ сайдарын туһугар туруулаһан үлэлээбиттэрин оҕолор олус сэргээн иһиттилэр.
Түмэл үлэһитэ Айта Анатольевна таҥара дьиэтэ ханан турбутун, уруккута манна хас да ыал олорбутун, сэбиэскэй кэм олохтонуутугар таҥара дьиэтин куолакалын күөлгэ түһэрбиттэрин туһунан олус интэриэһинэй кэпсээнин кэрэхсии иһиттилэр. Оҕолор олус да ыраахтан сылдьан үөрэнэллэрин сөхтүлэр.
Экскурсия бүтүүтэ оҕолор биир күн иһигэр олус элбэҕи билбиттэрин, өссө да атын ытык сирдэргэ үөрүүнэн барсыахтарын эттилэр. Полятинскай Юра Т.Е. Сметанин олорбут Чомчуһах сирин көрөргө, Максимов Петя «Кыһыл Кэбээйигэ», «Калинин» холхуоска Т.Е. Сметанин суотчутунан үлэлээбит сирин көрө барыаҕыҥ, онно олус үчүгэй диэн оҕолору ыҥырда.
Лааҕыр салайааччылара оскуолабыт салалтата анал массыына биэрэн, оҕолорго биир кэрэ бэлиэ өйдөбүнньүгү бэлэхтээбитигэр, үлэбитин куруук өйүүрүгэр махталбытын тиэрдэбит.
Марина Егорова, лааҕыр салайааччыта.
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата.…
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…