Сыл аҥаарыгар 5 тыһыынча ыал «100 сыл оҕолоро» хапытаалы туһаммыт
Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн, ону тэҥэ Оҕо саас сылын алта ыйыгар “100 сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы 5018 ыал ылбыт.
Быйыл индексацияламмыт хапытаал кээмэйэ 110 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Бу көмө миэрэтэ 2027 сылга диэри уһатыллыбыта. Хапытаал 2022 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт, эбэтэр, иитэ ылыллыбыт бары оҕолорго, төрөөбүт бэрээдэгиттэн уонна дьиэ кэргэн дохуотун таһымыттан тутулуга суох бэриллэр.
От ыйын 3 күнүнээҕи туругунан, «100 сыл оҕолоро» хапытаалы биэрэргэ барыта 16 689 быһаарыы ылылынна. Итинтэн 11 191 ыал үбү ылан, номнуо туһанна. Үксүн дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга туһаналлар – 841 мөл. солк. суумалаах хапытаалы 8410 ыал туһаммыт. Маны тэҥэ, 250,3 мөл.солк. суумалаах үбү 2503 ыал тырааныспары ыларга ыыппыт.
71 ыал оҕо аатыгар счет арыйан уурдарбыт, 69 ыал – оҕо үөрэҕэр, 61 – тус бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, 42 ыал – оҕоҕо үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга уонна сонотуоруй-куруорт эмтээһинигэр, 27 ыал – Арассыыйа устун дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥҥа, 7 ыал — олорор дьиэни гаастааһыҥҥа уонна 1 ыал оҕо олоҕун, доруобуйатын страховкалааһыҥҥа ыыппыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: