Сыл аҥаарыгар 5 тыһыынча ыал «100 сыл оҕолоро» хапытаалы туһаммыт

Share

Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн, ону тэҥэ Оҕо саас сылын алта ыйыгар “100 сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы 5018 ыал ылбыт.

Быйыл индексацияламмыт хапытаал кээмэйэ 110 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Бу көмө миэрэтэ  2027 сылга диэри уһатыллыбыта. Хапытаал 2022 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт, эбэтэр, иитэ ылыллыбыт бары оҕолорго, төрөөбүт бэрээдэгиттэн уонна дьиэ кэргэн дохуотун таһымыттан тутулуга суох бэриллэр.

От ыйын 3 күнүнээҕи туругунан, «100 сыл оҕолоро» хапытаалы биэрэргэ барыта 16 689 быһаарыы ылылынна. Итинтэн 11 191 ыал үбү ылан, номнуо туһанна. Үксүн  дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыыга туһаналлар – 841 мөл. солк. суумалаах хапытаалы 8410 ыал туһаммыт. Маны тэҥэ, 250,3 мөл.солк. суумалаах үбү 2503 ыал тырааныспары ыларга ыыппыт.

71 ыал оҕо аатыгар счет арыйан уурдарбыт, 69 ыал – оҕо үөрэҕэр, 61 – тус бэйэ хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, 42 ыал – оҕоҕо үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга уонна сонотуоруй-куруорт эмтээһинигэр, 27 ыал – Арассыыйа устун дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥҥа, 7 ыал — олорор дьиэни гаастааһыҥҥа уонна 1 ыал оҕо олоҕун, доруобуйатын страховкалааһыҥҥа ыыппыттар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

7 часов ago