Хаартыска «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньаттан
Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан пассажирдары таһыы 2019 сыл от ыйын 27 күнүттэн саҕаламмыта, номнуо түөрт сыл ааһа охсубут. Саха сирин олохтоохторо тимир суолунан сылдьарга үөрэнэн эрэллэр.
Бу туһунан «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа иһитиннэрэр.
Бүгүн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээх – Благовещенскай, Аллараа Бэстээх – Владивосток уонна Аллараа Бэстээх – Иркутскай хайысхаларынан тиийэ Уһук Илин уокурук ханнык баҕарар куораттарыгар тиийэр кыахтаахтар. Дьокуускай куораттан пассажирдары Аллараа Бэстээх тимир суолун ыстаансыйатыгар диэри массыынанан эбэтэр уу суолунан тириэрдэллэр.
2019 сылы кытары тэҥнээтэххэ, поеһынан айаннааһын үс төгүл улаатан уонна 2022 с. 286 тыһыынча киһиэхэ тиийбитэ. Оттон быйыл сыл аҥарыгар 182 тыһыынчаттан тахса киһи таһылынна, ол ааспыт сыл бу кэминээҕэр 45% улахан.
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…