«Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ-2023″ өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кыайыылаахтара билиннилэр
Бүгүн, от ыйын 6 күнүгэр «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ-2023″ өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кыайыылаахтарын эҕэрдэлээтилэр.
Ол иннинэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэстибээл кыайыылаахтарын быыстапкатыгар кытынна. Хас биирдиилэрин кытары көрсөн кэпсэттэ, туох ситиһиилээхтэрин, кыһалҕаларын ыйыталаста.
Айсен Николаев кыайыылаахтары эҕэрдэлээн, кинилэргэ наҕараадалары -– Ил Дархан бириэмийэлэрин туттарда.
«Саха сирэ куруук бигэ тирэхтээх уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэринэн сураҕырар. Биһиги кыайыылаахтарбыт бары -– төрөппүт эппиэтинэһин уонна дьиэ кэргэн сыаннастарыгар эрэллээх буолуу холобурдара. Чуолаан маннык дьиэ кэргэттэр биһиги үгэстэрбитин -– кырдьаҕас көлүөнэҕэ кыһамньыны, оҕолору төрөөбүт дойдуларыгар, дойдуга ытыктабыллаах сыһыаҥҥа иитиини илдьэ сылдьааччыларынан буолаллар», -– диэтэ Айсен Николаев.
Кыайыылаахтар маннык номинацияларынан быһаарылыннылар:
«Кыһыл көмүс дьиэ кэргэн» -– Наталья Николаевна уонна Павел Павлович Бурмаколар (Өлүөхүмэ улууһа);
«Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн» — Саргы Владимировна уонна Ян Андреевич Боягирдар (Өлөөн эбэҥки национальнай улууһа);
«Тыа сирин дьиэ кэргэнэ» -– Туйаара Ивановна уонна Данил Данилович Павловтар (Чурапчы улууһа);
«Оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэн» -– Светлана Афанасьевна уонна Владислав Владимирович Ксенофонтовтар (Хаҥалас улууһа);
«Дьиэ кэргэн -– үгэстэри харыстааччы» -– Марина Ильинична уонна Геннадий Ильич Слепцовтар (Дьокуускай куорат);
«Эдэр дьиэ кэргэн» -– Мария Анатальевна уонна Петр Петрович Стручковтар (Булуҥ улууһа).
«Эдэр дьиэ кэргэн» номинация кыайыылаахтара — Булуҥ улууһуттан сылдьар Мария, Петр Стручковтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: