«Сыл дьиэ кэргэнэ» куонкурус кыайыылаахтара билиннилэр

Share

Саха сиригэр «Сыл дьиэ кэргэнэ» куонкурус өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.

Куонкурус сэттэ номинациянан ыытылынна. Хас биирдии номинацияҕа кыайыылаахтар  300 тыһыынча солкуобайдаах Ил Дархан бириэмийэтин ыллылар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ТГ-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Сыл бастыҥ ыал номинацияларын хаһаайыттарынан буоллулар:

«Элбэх оҕолоох ыал» — Валерий уонна Розалия Новгородовтар дьиэ кэргэттэрэ, Нам улууһун Хамаҕатта сэлиэнньэтэ;

«Эдэр ыал» — Константин уонна Валерия Владимировтар, Ньурба куората;

«Тыа ыала» — Руслан уонна Марфа Сидоровтар дьиэ кэргэттэрэ,  Мэҥэ Хаҥалас улууһа;

«Көһө сылдьар ыал» — Василий уонна Елена Соловьевтар, Муома улууһа;

«Иитэ ылбыт ыал» — Александра уонна Оксана Павловтар дьиэ кэргэттэрэ, Дьокуускай куорат;

«Кыһыл көмүс ыал» — Иннокентий уонна Розалия Алексеевтар, Сунтаар улууһа Элгээйи нэһилиэгэ;

«Үгэстэри харыстааччы ыал» — Николай уонна Елена Рязанскайдар, Амма улууһа.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ массыынаттан электрическэй үстүрүмүөнү уорууну арыйдылар

ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааҕааччы суруга: Ыарахан ыарыыттан быыһаабыт эмчиттэрбэр аҕалыы алгыс аныыбын

Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй уһуйаанын хаар оҥоһуктара

Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…

4 часа ago
  • Сонуннар

Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда

Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

5 часов ago