«Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ»

Share

Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска Улахан Чыыстай нэһилиэгин кэскиллээх ыала Елена Степановна уонна Василий Викторович Соловьевтар ситиһиилээхтик кыттан «Семья — хранитель традиций» номинация лауреата буоллулар. Бу үөрүүлээх сураҕы Муома оройуонун баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччы А.В. Кульбертинова кэпсээтэ.

— Быйыл дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт араас тэрээһиннэр ыытыллан оройуоммут ыаллара элбэх куонкурустарга кыттыннылар. Бу Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус хас да түһүмэхтэринэн ыытылынна. Бастакы түһүмэхтэр муниципальнай таһымҥа Төбүлэххэ, Улахан Чыыстайга уонна Хонууга тэриллибитэ. Бу күрэстэр тустаах кыайыылаахтара Чуумпу Кытылтан Марина, Андрей Эверостовтар «Сельская семья» номинацияҕа, Хонууттан Людмила, Георгий Алексеевтар «Многодетная семья» номинацияҕа, Сааһыыртан Елена, Василий Соловьевтар, Юлия, Николай Громовтар «Кочевая семья» номинацияҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ салгыы кыттыбыттара. Манна «Кочевая семья» номинацияҕа бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Соловьевтар дьиэ кэргэннэрэ бастаабыттара, Громовтар үһүс буолбуттара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттыбыт ыалларбыт анал сэртипикээт туппуттара. Бу күннэргэ «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус тиһэх түһүмэҕин түмүктэрэ тахсан финалистар быһаарылыннылар. Онно биһиги үөрүүбүтүгэр өбүгэ саҕаттан иитиллэр табабыт салаатын бастыҥ үлэһиттэрэ Елена, Василий Соловьевтар «Семья — хранитель традиций» номинацияҕа бастыҥ буолан аны күһүн Москваҕа ыытыллар финалга ыҥырылыннылар. Дьэ, онон билигин дойду тэбэр сүрэҕэр күрэстэһэ барар дьиэ кэргэммитин өйөөн, бары өттүнэн бэлэмниир үлэ күүтэр. Бу туһунан «Индигиир уоттара» хаһыат суруйар.

Христина Кривошапкина

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

10 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

10 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

11 часов ago