Салгыы
Сыл бүтэһигэр Кырыкыйга сүүнэ эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ

Сыл бүтэһигэр Кырыкыйга сүүнэ эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ

25.10.2022, 20:41
Бөлөххө киир:
Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый нэһилиэгэр култуурунай-спортивнай комплекс тутулла турар. 
Эбийиэк «Тыа сирин 2020-2025 сылларга кэлим сайыннарыы» өрөспүүбүлүэтээҕи  судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн  тутуллар.  Ил Дархан Айсен Николаев  «национальнай бырайыактар  уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалар өйөбүллэринэн ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга аныгы көстүүлээх сүүнэ эбийиэктэр тутуллан, дьон олорор усулуобуйатын тупсараллар» диэн  бэлиэтээн турар.
Кырыкый нэһилиэгэр тутулла турар 760,34 кв м иэннээх икки мэндиэмэннээх култуурунай-спортивнай комплекс үс саалалаах,  спортивнай уонна доруобуйаны чэбдигирдэр анал хостордоох. Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьар усулуобуйата кытта учуоттаммыт.

СӨ тутууга миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев бэлиэтииринэн,  бүгүҥҥү күҥҥэ үлэ түмүктэнэн эрэр. Электрическэй тиһиги тардыы уонна   сантехприбордары туруоруу бара турар. Эбийиэк 98% бэлэм. Сыл бүтэһигэр култуурунай-спортивнай комплекс үлэҕэ киириэҕэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: