«Сыл дириэктэрэ-2024» күрэс кыайыылааҕынан Светлана Шувалова таҕыста

Share

Түөрт күн устата ыытыллыбыт, тыҥааһыннаах, долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл дириэктэрэ-2024” күрэс эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Муҥутуур кыайыылааҕынан Мииринэй куорат 7-с нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Светлана Шувалова таҕыста.

Хаартыска: Людмила Попова.

“Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр үнүстүүккэ (дириэктэр Нь.М.Павлов) махталбын биллэрэбин. Эһиги күрэскит баар буолан, биһиги хамаандабытын салайбытынан, сиэппитинэн иннибит диэки хардыылыыбыт. Бу олус үчүгэй, хамаандабар махтанабын. Мин дьоллоохпун, өйөбүллэрин иһин дьиэ кэргэммэр, кэллиэгэлэрбэр, кэлэктииппэр махтанабын. Бу үс күн устата ааспыт тургутууларбыт биһигини уларытыаҕа уонна өссө биир үктэли өрө таһаарыаҕа”, — диэн муҥутуур кыайыылаахха — Светлана Анатольевнаҕа тыл биэрбиттэригэр санаатын үллэһиннэ.

Хаартыска: Людмила Попова.

Быйылгы күрэс сүрүн уратытынан дириэктэри сэргэ кини икки солбуйааччылара кытталлар. Кыайыылаах хамаандатыгар дириэктэри сэргэ иитэр, үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччылара Оюна Цыреновна Санжиева, Оксана Николаевна Телешева кытыннылар. Кыайыылаах хамаандаҕа эҕэрдэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл дириэктэрэ” түмүктүүр түһүмэххэ Саха сирин аатыттан кыттыахтара.

Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

4 часа ago