Салгыы
Сыл саҕаланыаҕыттан «Үйэ оҕолоро» хапытаалынан 4 тыһ. тахса ыал туһанна

Сыл саҕаланыаҕыттан «Үйэ оҕолоро» хапытаалынан 4 тыһ. тахса ыал туһанна

Ааптар:
04.06.2024, 12:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах бырагырааманан сыл саҕаланыаҕыттан 4016 дьиэ кэргэн туһанна.

Бу өйөбүл Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, 2027 сылга диэри биэс сылга уһатыллыбыта. Быйыл индексацияланан тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ 110 тыһ. тахса солк. тэҥнэһэр. Бэрэсидьиэн Владимир Путин биллэрбит Дойдуга Дьиэ кэргэн, ону кытта Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар үһүс эбэтэр кэнники оҕо төрөөтөҕүнэ Саха сиринээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 2 төгүл үрдээн 300 тыһ. солк. диэри тэҥнэспитэ. Ону таһынан Саха сиригэр Дьиэ кэргэн сылыгар 25-гэр диэри саастаах эдэр дьиэ кэргэттэр олохторун холбоотохторуна 50 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүр ананар.

Итини кытта Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ ураты болҕомто ууруллар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ 5 уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата үлэлиир, ону кытта 10-тан тахса сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх социальнай төлөбүр бэриллэр. Оттон 10-тан тахса сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ тырааныспар атыылаһарга судаарыстыбаннай социальнай көмө оҥоһуллар.

Уһук Илин уокурук үрдүнэн Саха сирэ саамай элбэх оҕолоох ыал ахсаанынан биллэр. Оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтүнэн өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин уокурукка бастакы миэстэни уонна дойду үрдүнэн ахсыс миэстэни ылар. Саха сиригэр демографияны үрдэтиигэ федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи таһымнаах дьаһаллар көмөлөһөллөр. Кэнники биэс сылга Саха сиригэр ийэ буолуу уонна оҕолонуу хайысхатыгар үбүлээһинэ 8 төгүл улаатыннарыллыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: