СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах бырагырааманан сыл саҕаланыаҕыттан 4016 дьиэ кэргэн туһанна.
Бу өйөбүл Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, 2027 сылга диэри биэс сылга уһатыллыбыта. Быйыл индексацияланан тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ 110 тыһ. тахса солк. тэҥнэһэр. Бэрэсидьиэн Владимир Путин биллэрбит Дойдуга Дьиэ кэргэн, ону кытта Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар үһүс эбэтэр кэнники оҕо төрөөтөҕүнэ Саха сиринээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 2 төгүл үрдээн 300 тыһ. солк. диэри тэҥнэспитэ. Ону таһынан Саха сиригэр Дьиэ кэргэн сылыгар 25-гэр диэри саастаах эдэр дьиэ кэргэттэр олохторун холбоотохторуна 50 тыһ. солк. биир кэмнээх төлөбүр ананар.
Итини кытта Саха сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ ураты болҕомто ууруллар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ 5 уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата үлэлиир, ону кытта 10-тан тахса сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх социальнай төлөбүр бэриллэр. Оттон 10-тан тахса сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ тырааныспар атыылаһарга судаарыстыбаннай социальнай көмө оҥоһуллар.
Уһук Илин уокурук үрдүнэн Саха сирэ саамай элбэх оҕолоох ыал ахсаанынан биллэр. Оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтүнэн өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин уокурукка бастакы миэстэни уонна дойду үрдүнэн ахсыс миэстэни ылар. Саха сиригэр демографияны үрдэтиигэ федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи таһымнаах дьаһаллар көмөлөһөллөр. Кэнники биэс сылга Саха сиригэр ийэ буолуу уонна оҕолонуу хайысхатыгар үбүлээһинэ 8 төгүл улаатыннарыллыбыта.
Хаҥалас улууһун 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин олохтоохторо ааспыт өрөбүллэргэ бэлиэтэммит "Нэһилиэк күнүгэр" бэртээхэй сонуну истэн үөрдүлэр.…
Бу күннэргэ Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин кыстыкка киириигэ бэлэмнэнии чэрчитинэн улуус киинин хочуолунайдарын туруктарын…
Таатта Харбалааҕар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэлэмнэнии үлэ саҕаланна. "Дьоһуннааҕы…
Бүгүн СӨ Урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды министиэристибэ үлэһиттэригэр «Туризмы сайыннарыы уонна территориальнай…
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр "Мукучу нэһилиэгэ" МТ баһылыга Николай Иванович Левин, "Сарыал" түөлбэ салайааччыта Анна…
Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов анал дьаһалынан улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын пуондатын бырабылыанньата халаан уутуттан эмсэҕэлээбит…