“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Share

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар, муҥутуур кыайыылаах аатын биллэрдилэр.

Быйылгы күрэскэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан барыта 35 бастыҥ учуутал кытынна. Муҥутуур кыайыылааҕынан Алдан улууһун Ленинскэй бөһүөлэгин 5-с нүөмэрдээх оскуолатын устуоруйаҕа, обществознаниеҕа учуутала Дарья Мельник таҕыста.

Дарья Александровна тэрээһин кэнниттэн санаатын бу курдук үллэһиннэ:

— Куонкуруска кыайыам дии санаабатаҕым даҕаны. Призердар кэккэлэригэр киирбит киһи диэн баҕалаах кэлбитим. Ол тус бэйэбэр улахан билинии, ситиһии буолуо дии санаабытым. Тоҕо диэтэххэ, бүтүн өрөспүүбүлүкэттэн талыллан кэлбит 35 саамай бастыҥ учууталлар кэккэлэригэр киирэр улахан чиэс. Муҥутуур кыайыылаах аатын эппиттэригэр олус соһуйдум, үөрдүм.

Куонкурус бэрт үрдүк таһымнаах. Интэриэһинэй үлэлээх, элбэх учууталы кытта билсэн, доҕоттордонон, салгыы үлэлиирбэр, сайдарбар кэккэ идиэйэлэри ылан баран эрэрбиттэн наһаа үөрэбин.

Саха сирин аатыттан бүтүн Арассыыйа таһымыгар кыттар улахан эппиэтинэс буолар, бу чиэскэ тиксибиппиттэн улаханнык долгуйан турабын.

Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
34
+1
2
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
+1
2

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

6 часов ago