“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

14.12.2024, 15:00
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Муҥутуур кыайыылааҕынан ким буолла? Лауреаттар кэккэлэригэр кимнээх киирдилэр?

Быйылгы күрэскэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан барыта 35 бастыҥ учуутал талыллан кэлэн кытынна. Күрэс талааннаах педагогтары булар, өйүүр, учуутал үлэтин аатын-суолун өссө үрдэтэр, кинилэр инники күөҥҥэ сылдьар бастыҥ уопуттарын тарҕатар  соруктаах ыытыллар.

Күрэс ирдэбилинэн учууталлар уруок да ыыттылар, сэһэргэһиини да аастылар, маастар-кылаас да биэрдилэр, ыйытыыларга да хоруйдаатылар. Ити курдук хас да түһүмэхтээх тургутуу кэнниттэн бэҕэһээ үөрүүлээх быһыыга-майгыга тэрээһин сабыллыыта буолла, муҥутуур кыайыылаах уонна лауреаттар ааттарын биллэрдилэр. Саамай элбэх ахсааны ылбыт кыттааччы – муҥутуур кыайыылаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала” күрэс түмүктүүр түһүмэҕэр Саха сирин аатыттан кытта барар чиэскэ тиксэр.

Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы учууталларга туһаайан: “Бэйэ-бэйэҕититтэн саамай үчүгэйи иҥэриниҥ, бу күүстээх эниэргийэҕититтэн үллэстиҥ уонна иннигит хоту кимиилээхтик хардыылаан иһиҥ”, — диэн эттэ. Итиэннэ үүнэр көлүөнэни иитиигэ бэриниилээх, үгүс сыллаах сыралаах үлэлэрин иһин “Уһуйааччы-педагог” түөскэ иилинэр бэлиэни Кэбээйи улууһун Мастаах орто оскуолатын биологияҕа, химияҕа учуутала М.Ю.Егороваҕа, Эбээн Бытантай улууһун Кустуур орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Е.А.Гороховаҕа, “Саха сирин эрэлэ” түөскэ иилинэр бэлиэни Таатта улууһун Тыараһа орто оскуолатын устуоруйаҕа, обществознаниеҕа учуутала У.Р.Романоваҕа, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин Бочуоттаах кыраамататын Мэҥэ Хаҥалас улууһун Харатааҕы успуорт оскуолатын алын кылааһын учуутала Ю.В.Пинигинаҕа, махтал суругу Хаҥалас улууһун Төхтүр орто оскуолатын омук тылын тылын учуутала В.Е.Пахомовка туттарда.

Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт быйыл төрүттэммитэ 85 сылын туолла. Бу бэлиэ даатанан институт үлэһиттэрэ бэйэлэрин педагогическай династияларын ааттарыттан күрэс номинаннарыгар анал бириистэри туруорбуттара ураты, соһуччу уонна үөрүүлээх буолла: Окороковтар династиялара (Амма улууһа), Бугаевтар династиялара (Мэҥэ Хаҥалас улууһа), Мандаровтар династиялара (Таатта улууһа), Платоновтар династиялара (Мэҥэ Хаҥалас), Татариновтар династиялара (Уус Алдан улууһа), Алексеевтар династиялара (Хаҥалас улууһа).

Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дириэктэрин бастакы солбуйааччы Галина Алексеева сыанаҕа тахсан, кэмбиэри арыйан “Сыл учуутала-2024” күрэс сэттэ лауреатын аатын эттэ. Лауреат үрдүк аатын кимнээх ыллылар?

  1. Дарья Мельник, Алдан улууһун Ленинскэй бөһүөлэгин 5-с нүөмэрдээх оскуолатын устуоруйаҕа уонна обществознаниеҕа учуутала,
  2. Любовь Матросова, Нерюнгри куорат С.С.Каримова аатынан 1-кы нүөмэрдээх гимназия алын кылааһын учуутала,
  3. Василий Пахомов, Хаҥалас улууһун А.Д.Широких аатынан Төхтүр орто оскуолатын омук тылын учуутала,
  4. Александра Челкакова, Томпо улууһун Хаандыга орто оскуолатын математикаҕа учуутала,
  5. Виктория Афанасьева, Уус Алдан улууһун Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын математикаҕа учуутала,
  6. Алёна Иванова, Дьокуускай куораттааҕы лиссиэй биологияҕа учуутала,
  7. Юлия Пинигина, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г.Игнатьев аатынан Хара успуорт оскуолатын алын кылааһын учуутала. Призердарга сыаналаах бириистэри уонна харчынан бириэмийэлэри туттардылар.

Дьэ, күүтүүлээх-кэтэһиилээх дьоро түгэн тосхойдо. Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай, Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дириэктэрэ Ньургун Павлов биир бастыҥ учуутал аата суруллубут сабыылаах кэмбиэри арыйа сыанаҕа тахсаллар.  Толору дьонноох саала иһэ чуумпура түһэр. Миниистири солбуйааччы: “5-с оскуола, Алдан улууһа” – диэн ааҕаатын кытта саала иһэ биирдэ “ураа” хаһыынан, күө-дьаа саҥанан туола түһэр. Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс эрэгийиэннээҕи түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕынан Алдан улууһун Ленинскэй бөһүөлэгин 5-с нүөмэрдээх оскуолатын устуоруйаҕа, обществознаниеҕа учуутала Дарья Мельник буолла. Киниэхэ “Алмаасэргиэнбаан” АУо аатыттан 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти туттардылар. Лауреаттарга, кыттааччыларга барыларыгар сыаналаах, өйдөбүнньүк бэлэхтэри биэрдилэр.

Бу күрэскэ ким даҕаны хотторуулаах тахсыбата, кыттыбыт учууталлар бары кыайыылаахтар. Улууска бастыҥ учууталынан ааттанан эрэгийиэннээҕи түһүмэххэ кыттыы номнуо үрдүк таһымы, ситиһиини, билиниини туоһулуур.

+1
2
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: