Салгыы
“Сыл учуутала-2024”  уонна “Миссис Россия-2022”

“Сыл учуутала-2024”  уонна “Миссис Россия-2022”

21.12.2024, 15:00
ХААРТЫСКА: ДАРЬЯ МЕЛЬНИК ТУС АРХЫЫБЫТТАН.
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕа, Алдан улууһун Ленинскэй бөһүөлэгин 5-с нүөмэрдээх оскуолатын устуоруйаҕа, обществознаниеҕа учуутала, “Миссис Россия-2022” куонкуруска “Народная Миссис” үрдүк ааты ылбыт Дарья Мельниги кытта сэһэргэһиибитин ааҕыҥ. 

 Учуутал буоларбын эрдэттэн билэрим

– Дарья Александровна, учуутал буолуом диэн хаһааҥҥыттан быһаарыммыккыный?

– Учуутал идэтин таларбын номнуо оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан, ахсыс кылаас­тан билэрим. Ийэм Ольга Спиридоновна Сивцева нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала. Алдан, Дьааҥы, Аллараа Халыма улуустарыгар 40-тан тахса сыл учууталлаан баран, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Онон ийэм, учууталларым сабыдыалларынан эбитэ дуу, ханнык даҕаны атын идэни көрө барбакка, тута устуоруйа бакылтыатыгар туттарсыбытым.

Ленинскэй – нуучча оскуо­лата. Онон нуучча оҕолоругар сахалыы, эбэҥкилии тылы, култуураны тэҥҥэ дьүөрэлээн үөрэтэр толкуйдаах үлэлиибин. Оскуолабар соҕотох сахалыы тыллаах учууталбын, сахалыы саҥарар оҕо суох, ол иһин ханнык баҕарар уруокпар, тэрээһиҥҥэ куруук икки култуураны бииргэ тутан үөрэтэр соруктаахпын.

– Сорох сонуну тарҕатар ситимнэр эйигин үс тылынан саҥарар учуутал быһыытынан иһитиннэрбиттэрэ. Үһүс тыл ханныгый?

– Сахалыы, нууччалыы саҥарарым таһынан, эбэҥкилии син билэбин.Эбэм ийэ тылынан ыраастык саҥарара, киниэхэ тиийбэтим чахчы.  Ол эрээри, Хатыыстыыр оскуолатыгар үөрэнэр сылларбар эбэҥки тылын туспа биридимиэт быһыытынан үөрэтэллэрэ олус туһалаах эбит. Ол саамай ылынар кэммэр сүрүнүн сомсон хаалбыппын. Билигин сорук туруорунан ол билиибин хаҥатарга дьулуһабын. Алдаҥҥа эбэҥкилэр элбэх буолан, эбэҥки култууратын, итэҕэлин, таҥаспытын-саппытын тута сылдьабыт. Ону саха култууратын кытта түгэн тосхойдор эрэ өрүү дьүөрэлиибин. Оҕолор бэйэлэрэ даҕаны сыыйа сэҥээрэн ыйыталаһар буолан эрэллэр.

Оҕо саас

– Сыл бастыҥ учуутала бэйэтэ оҕо эрдэҕинэ хайдах үөрэнээччи этэй?

– Учуутал оҕото, туйгун үөрэнээччи буолан олус дьиссиппилиинэлээх этим. Ол эрээри, оҕо эрдэҕинээҕи доҕотторум: “Куруук биһигини кытта тэҥҥэ сылдьарыҥ, оонньууруҥ, дискотекалыырыҥ дии. Хайдах барытын ситиһэр этигиний?” – диэн сөҕөллөр. Ити да сырыттарбын, төрөппүттэрим модьуйбатахтарын да иһин, олох кырабыттан үөрэҕи өрүү инники күөҥҥэ тутарым. Бастатан туран, сахалыы, нууччалыы кинигэлэри күннэтэ ааҕан тылым баайын да хаҥатарым, билиим-көрүүм да кэҥиирэ. Оскуолаттан кэлээт да күннээҕи былааммын олоччу аттарынарым. Ити үөрү­йэҕим билигин олус туһалыыр. Күннээҕи, ыйдааҕы, сыллааҕы былааммын оҥостобун. Сыалбын-сорукпун  ситистэҕим аайы сотон иһэбин. Бу күннээҕи бириэмэни аттарынарга уонна уһун кэмнээх соругу ситиһэргэ олус көмөлөөх. Учуутал бириэмэтэ суох курдук эрээри, дьиэ кэргэнигэр, тус олоҕор хайаан даҕаны бириэмэ булуохтаах. Сылайбакка, илистибэккэ салгыы үлэлииргэ күүс эбэр, туһалаах.

Уустук тургутуулаах үс ый

– Аан маҥнай ыыппыт уруоккун өйдүүгүн дуо? Хайдах ааспытай?

– Университет кэнниттэн Дьокуускай куораттааҕы 7-с нүөмэрдээх профессиональнай лиссиэйгэ үлэлии киирбитим. Дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан ытыктабыллаах учуутал, уһуйаач­чы С.Е.Горохова олорбута. Бастакы паарам үһүс куурус­тарга гаас идэтигэр үөрэнэр уолаттарга этэ. Кинилэртэн аҕыйах эрэ сылынан аҕабын, бука, тэҥнээхтэрин курдук көрдөхтөрө, олох истибэтилэр. Устудьуоннар истибэттэр, кыайан үлэлиэ суохпун, уурайыы­һыкпын диэн икки ый устата хаста даҕаны киирэн мэтэдиистэрбэр, салалтабар эппитим. “Эн кыаххын көрөбүт, барытын ылынан иһэҕин. Бу түһүмэҕи мүччү көттөххүнэ, ханнык баҕарар оскуолаҕа тиийэн үлэлиир кыахтаныаҥ” диэбит тылларын күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүбүн. Саҥа дьыл кэнниттэн оннуларын булбуттара. Билигин ыал ийэтэ, аҕата буолан олороллор, истиҥник ахталлар. Лиссиэйгэ 2019 сылга диэри преподавателинэн, старшай мэтэдииһинэн үлэлээбитим. Орто үөрэххэ идэ ылар дьон үөрэнэллэрэ, ол өртүгэр болҕомтолорун уураллара. Биир үтүө күн устуоруйа уруогун иҥэн-тоҥон оскуола оҕолоругар үөрэтиэхпин баҕаран дириэктэрбэр киирэн эппиппин, салалтам өйдөөбүтэ. Кэллиэгэлэрим көмөлөрүнэн министиэристибэ саайтыгар киирэн вакансиялары көрдүбүт, оруобуна бэйэм үөрэммит оскуолабар устуоруйа учууталын миэстэтэ баар эбит. Тута резюмебын ыытааппын кытта, сарсыныгар дириэктэрим: “Дарья Александровна, эйигин күүтэбит, усулуобуйа оҥорон биэрэбит”, – диэн төлөпүөннээтин кытта хомунан, ийэм ал­­ҕаан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын. Оскуолаҕа тиийбит бастакы нэдиэлэбиттэн “дьэ, чахчы бэйэм миэстэбин буллум” диэн санаа киирбитэ.

Күрэс кэнниттэн санаалар

– Куонкурус туһунан туох санаа хаалла?

– Бастатан туран, өрөспүү­бүлүкэбитигэр олус талаан­наах, күүстээх учууталлар баалларыттан үөрдүм. Иккиһинэн, күрэс саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри бэрт истиҥ атмосфералаах ааста. Араас күрэстэргэ кыттан көрбүт буолан, ити уратытын тута бэлиэ­тии көрдүм – бэйэ-бэйэни кытта күрэстэһии диэн санаа биир да күн суоҕа. Бары өйөһөн, сүбэ-ама бэрсэн күрэстэстибит. Оҕо туһугар, кинини сырдыкка тардар соруктаах биир санаалаахтар түмсүүлэрин түмүгэ быһыылаах диэн көрөбүн. Аны 18 учуутал финалга тахсыбыппыт да кэннэ мин туспар  “ыалдьар” учууталлар баалларыттан олус сөхпүтүм. Кэлэн: “Хайдах ааста? Тугунан көмөлөһөбүт?” – диэн ыйыталаһаллар. Дьиҥэр, миигин кытта тэҥҥэ финалга киирэн кытта сылдьар учууталлар буоллаҕа. Кыайбытым кэннэ, оттон бэйэҥ да көрдөҕүҥ дии, хайдах курдук үөрүүбүн тэҥҥэ үллэс­тибиттэрин, эҕэрдэлээбиттэрин.

– Саамай долгутуулаах түһүмэх ханнык этэй?

–  Арааһа, “Брифинг” блиц-турнир буолуо. Тоҕо диэтэххэ, уруогу күн ахсын ыытабыт, маастар-кылааска бэйэбит сатабылбытын көрдөрөбүт, интервьюга хайдах баарынан кэпсиибит. Оттон блиц-турнир хамаанданан үлэ этэ. Дьүүллүүр сүбэ хамаанда учууталлара бэйэлэрин икки ардыларыгар үлэлэрин, балыһыанньаттан тахсалларын, биир түмүккэ кэлиилэрин барытын көрөллөр уонна бу биэрбит ыйытыыларыгар, сорудахтарыгар толкуйдуур бириэмэ биэрбэккэ тута хоруйдуур, сөпкө быһаарар ирдэнэр буолан уустук соҕус этэ. Мантан учуутал төһө дириҥник, ис хоһоонноохтук толкуйдуура эмиэ көстөр.

Тус олох

– Дарья Александровна, ааҕааччыларбытыгар бэ-­йэҥ тускунан билиһиннэрэн ааһарыҥ буоллар.

– Алдан улууһун Хатыыс­тыыр бөһүөлэгэр төрөөбүтүм, алын кылаас кэнниттэн Ленинскэй бөһүөлэккэ көспүппүт, оскуоланы манна кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Салгыы 2013 сыллаахха ХИФУ устуоруйаҕа бакылтыатын бүтэрбитим.

Биһиги дьиэ кэргэммит интернациональнай, мин омукпунан эбэҥкибин, кэргэним – нуучча, оскуолаҕа бииргэ үөрэммиппит. Үс оҕолоохпут.

Дьиэ кэргэним, олоҕум аргыһа саамай тирэҕим буолаллар. Үлэбэр, уопсастыбаннай түбүкпэр, тэрээһиннэргэ кыттарбар барытыгар оҕолору, дьиэни-уоту көрүү-истии барыта кэргэммэр сүктэриллэр. Кэргэним өйөбүлэ суох биир да кыайыы ситиһиллиэ суоҕа этэ диэн уруккуттан этэбин, махталым муҥура суох.

– “Сыл учуутала” күрэс иннинэ Арассыыйаҕа баран кытта сылдьы­быттааххын. Ааҕаач­чыларбытыгар санатан ааһыахха. 

–  2022 сыллаахха “Миссис Алдан Якутия” эрэгийиэннээҕи куонкуруска кыайбытым. Салгыы Москваҕа “Миссис Россия-2022” кыттар бырааптаммытым. Онно Саха сирин дьоно барыта куоластаан, ТОП-10 киирсэн “Народная Миссис Россия” номинацияны ылбытым.

– Дойду таһымнаах куонкурус хайдах ыытылларын номнуо билэҕин, уопуттааххын.

– Оннук эрээри, кэрэ сэбэрэ, көстүү куонкуруһун дьон сыанаҕа тахсан хаамыы эрэ курдук өйдүүр, ону ааһан, сороҕор, идэбэр мэһэйдиир да курдуга. Бу “Сыл учуутала” күрэс­кэ кыайыыбынан, тус бэйэбэр кэрэ көстүү уонна өй өрүү бэ­­йэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэ­рэллэр диэн дакаастаатым дии саныыбын.

Оччолорго оҕобун көрөн олорор кэмим этэ. Ийэ үлэтигэр да, уопсастыбаннай олоххо да ситиһиилээх диэн көрдөрөр соруктаах кыттыбытым. Биллэн турар, эмиэ бу сырыыга курдук бастыам дии санаабатаҕым. Кыайыы тус бэйэбэр эбии көҕүлүүр күүс буолбута. Куонкуруска кыттан арыллан, салгыы уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанабын.

– Ханнык хайысхаларынан?

– “Бастакылар хамсаа­һыннарыгар” оҕолору кытта дьарык­танабыт. Волон­тердааһыҥҥа үлэлэһэбин, “Дари добро” уопсастыбаннай тэрилтэ иһинэн араас тэрээһиннэри ыытабыт. Бу иитинэн дьиэ иһинээҕи кырык­таах сыһыан, атаҕастаныы туһунан тэрийээччи, спикер курдук сырдатабын, кэпсии­бин. Тус олохпор ыараханы көрсүбүт киһи быһыытынан, кэрэ аҥаардарга кистээбэккэ кэпсээҥ, көмөтө көрдөөҥ, салгыы олох кэрэтин билэн олоруҥ, сайдыҥ диэн көрдөрөбүн. Улуус иһинэн махтанар кыргыттары, ийэлэри көрөн уларыйыы, сыҕарыйыы баарыттан үөрэбин.

– Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?

– Чөл олоҕу тутуһабын, чугас дьоммун, үөрэнээччилэрбин эмиэ сирдиибин. Улахан оҕобут 8-с кылаас­ка үөрэнэр, сүүрэр. Кинини кытта нэдиэлэҕэ үстэ тренажернай саалаҕа эрчиллэбин. Кыыспыт 2-с кылаас үөрэнээччитэ, үҥкүүнү сэҥээрэр. Биир устуудьуйаҕа (кини норуот аныгы үҥкүүтүгэр, мин – бачата) үҥкүүлүүбүт. Кырабыт 3 саастаах, хайыһарга холонон эрэбит. Алдан – хайыһардьыттары бэлэмниир киин, туох баар усулуобуйа барыта баар, оҕолору бэрт кыраларыттан дьарыктыыллар. Усулуобуйа үрдүгэр олорон мүлчү тутар табыллыбат.

Өрөбүл күн – суруллубатах быраабыланан дьиэ кэргэн күнэ. Ийэлээх аҕа бу күнү  олоччу оҕолорбутун кытта атаа­рабыт. Кэргэним бастакы идэтинэн асчыт. Онон бары түмсэ түһэн ас астыыбыт, киинэ көрөбүт эбэтэр ханна эрэ баран сынньанан кэлэбит. Биир эмэ күн бассейҥҥа, катокка сылдьабыт.

“Сыл учуутала-2024” муҥутуур кыайыылааҕа Дарья Мельник ити курдук эргиччи талааннаах, сайдыылаах, киэҥ көрүүлээх. Арассыыйа түһүмэҕэр ситиһиилэри!

+1
7
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: