Салгыы
Сыл устата 27 үөрэх эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ

Сыл устата 27 үөрэх эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ

17.01.2023, 18:37
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр үүммүт 2023 сылга үөрэх 27 эбийиэгин үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Ол курдук, уопсайа 4925 үөрэнээччигэ сөптөөх 21 оскуола үлэҕэ киирэрэ ситиһиллиэҕэ.

Бу туһунан “Прямой разговор” биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев «Россия 24» ханаалга иһитиннэрдэ.
— Бу сылга бырагыраамабыт киэҥ. Сыл устата биһиги уопсайа 21 оскуоланы тутан үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Маннык кирбиини ситиһии Саха сиригэр хаһан даҕаны оҥоһулла илик. Олус улахан сорук, онон олоххо киллэрэргэ бырабыыталыстыба 100 % ньиргиччи үлэлиэн наада.  Үүммүт 2023 сыл сүүрбэттэн тахса оскуоланы биир сылга үлэҕэ киллэриллибитинэн устуоруйаҕа хаалыахтаах.
Бу эбийиэктэр өрөспүүбүлүкэ араас куораттарыгар, нэһилиэнньэлээх пууннарыгар «Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн уонна РФ «Комплексное развитие сельских территорий» диэн судаарыстыбаннай инвестиционнай бырагырааматынан «Мин Саха сирэ — XXI үйэҕэ” үтүө дьыала хамсааһынынан тутуллуоҕа. Маны таһынан, 375 миэстэлээх эбии алта уһуйаан тутуллара былааннанар.

Санатар буоллахха, ааспыт 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 14 оскуола, 6 уһуйаан үлэҕэ киирбитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: