“Сылаас чэйи сырылатыы”
Бүгүн бассаабынан бэрт сэргэх ис хоһоонноох сурук уонна хаартыска тарҕанна.
“Уолаттар оттуу сылдьан хаһан эмит Ил Дарханы кытта чэй иһэ-иһэ сэлэспиккит дуо? Биһиги, Күбэйи отчуттара, бүгүн сарсыарда Ил Дархаммыт Айсен Николаевы кытта атах тэпсэн олорон сылаас чэйи сырылатыы”, — диэн.
Кырдьык, бу Амма улууһун 2 Чакыр нэһилиэгин “Кэскил” хаһаайыстыбатын хоһуун отчуттара эбит. Кинилэр отторун рулоннаан ыраатыннарбыттар. Окко былааннарын уон бырыһыанын хайыы үйэ толорбуттар.
Манна уруккута “Амма” сопхуос Чакырдааҕы отделениетын баазатыгар сүөһү иитэн олороллор. Саҥа хотон тутуллубут. Онон отчуттар сыл тахсар отторун күнү-дьылы баттаһа бэлэмнииргэ туруммуттар. Кинилэри кытта Ил Дархан көрсүһүүтэ оттооһуну өссө тэтимирдиэҕэ.
Хаартысканы: Р.Федотов ыытта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: