«Сылаас кыһын» аахсыйаҕа кыттыҥ
«Якутия с тобой» ыстаап бу күннэргэ байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутугар көмө ыыппыттарын туһунан ыстаап хос бэрэссэдээтэлэ Анна Николаевна Ефимова санаатын үллэһиннэ:
— Биһиэхэ, ыстааппытыгар күн ахсын үлэ күөстүү оргуйар. Айыллаан Винокуров ыстааппытыгар бэрэссэдээтэлинэн үлэтин саҕалаата. Ол курдук байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар биирдиилээн туһаайыллыбыт баһыылкалар, ону тэҥэ тирэх пууҥҥа 500-түү киилэнэн икки төгүл ыыттыбыт. Бастакы ыыппыт баһыылкаларбыт Новоазовскайга тиийбиттэрэ. Онон, уолаттарбыт баһыылкаларын тутан эрэр буолуохтаахтар. Билигин «Сылаас кыһын» диэн кыһыҥҥы таҥас хомуйуутугар аахсыйа ыытылла турар. Аахсыйабыт сыл бүтүөр диэри ыытыллар. Үтүө санаалаах биир дойдулаахтарбытыттан ичигэс таҥастар киирэ тураллар. Ол курдук бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Валентина Георгиевна Слепцова уон паара наскы баайан аҕалбыта. Кини биһиэхэ хаһыс да төгүлүн наскы баайан көмөлөһөр. Горнай улууһун Маҕараһын волонтердара, Кэбээйи улууһун Лүксүгүн орто оскуолатын кэллэктиибэ наскы баайан ыыттылар. Ону таһынан 1982 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр харчынан кыттыһаннар кыһыҥҥы таҥас арааһын атыылаһан тиксэрдилэр. Билигин биһиэхэ ыччат өттө ылсан көмөлөһөн эрэрин бэлиэтиэм этэ. Устудьуоннар кыраапыгынан кэлэ тураллар. Биир күҥҥэ отуччаҕа тиийэ устудьуон кэлэн көмөлөһөр. Маны таһынан Александр Семенов диэн бэйэбит волонтербут, бэтэрээн спортсмен маскировачнай сиэккэни баайар каркас оҥорон аҕалла. Ону таҥан туруордулар. Сиэккэни икки өттүттэн баайан, биир баайыыга 3х6 кээмэйдээх сиэккэни оҥорон таһаарар кыахтанныбыт. Ииспит сыаҕа тигинэччи үлэлии турар. Байыаннай дьайыыга барар оҕолорбутун төһө кыайарбытынан таҥаһынан-сабынан хааччыйа олоробут. Ыстаап эрэ үлэтинэн муҥурдаммаппыт. Пригороднай бөһүөлэккэ Чэмэлиинэ Данилова ыҥырыытынан сылаас бэргэһэли, балаклавалары тигиигэ үөрэттибит. Кыргыттар иискэ саҥа үөрэнэ сылдьар буоланнар бастаан кыра таҥастары тигиигэ үөрэттибит. Бу күннэргэ тигэн туттарыахтара. Биһигини кытта бииргэ буолан байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө, тирэх буолар бар дьоммутугар махталбыт муҥура суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: