Хаартыска: Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев алтынньы 2 күнүгэр дьаһалта мунньаҕар оптуобус сылаас тохтобулларын болдьоҕун иннинэ, эрдэ арыйалларыгар сорудахтаата диэн СИА суруйар.
Уопсастыбаннай эйгэни салайар киин сылаас тохтобуллары эрдэ былааннаммытын курдук — алтынньы ый бүтэһигин диэки арыйыахтааҕа. Бу кэмҥэ күн-дьыл лаппа тымныйар, хаар түһэр.
— Сылаас тохтобуллары быйыл эрдэ арыйыахха наада. Билигин сарсыарда номнуо тымныйар буолла. Оҕолор сылаас тохтобулларга туран, оптуобустары кэтэһиэхтээхтэр, — диэн Евгений Григорьев эттэ.
Сылаас тохтобуллар аныгылыы көрүҥнээхтэр, иһигэр олорор ыскамыайкалар, оптуобус кэлэн иһэрин көрдөрөр экраннар, сорохторугар аһы-үөлү атыылыыр аптамааттар бааллар.
Дьокуускай куора дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, быйыл 10 саҥа сылаас тохтобул тутуллан, үлэҕэ киириэхтэрэ. Бу балартан үһэ үлэлииргэ бэлэм турар, уота-күөһэ холбоммут. Холобур, «Автодорожный факультет» уонна «Университет» тохтобулларга сылаас павильоннар баар буоллулар. Онон кыһыҥҥы кэмҥэ устудьуоннар абыраныыһылар.
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…