Сылаҥҥа бырабыыталыстыба отчуота олунньу 14 күнүгэр буолан ааста. Сылаҥ олохтоохторо үүт сыанатын, бэтэринээрийэ анаалыһын кыһалҕатын, доруобуйа харыстабылын уо.д.а. боппуруостары туруорустулар.
Николай Семенович Макаров Сылаҥ тыын боппуруоһун — гаас хаһан кэлиитин боппуруоһун көтөхтө.
Онуоха бырамыысыланнас министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Михаил Винокуров бу нэһилиэккэ гаас ситимэ тардылларын туһунан быһаарыы бүтэһиктээхтик ылыллыбытын туһунан этэн үөртэ. “Барыллаан 2024-25 сылларга гаас ситимэ Сылаҥҥа кэлиэхтээх. Онно бэлэмнэнии үлэни эрдэттэн ыыппыт ордук – бас билии боппуруостарын, докумуон оҥоруутун барытын ыйытыы үөскээбэт гына оҥорбут ордук”, — диэтэ. Ону кытта гааһы бастакы уочарат маһынан оттулла турар дьиэлэргэ тардалларын туһунан тоһоҕолоон этилиннэ.
Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Александра Иванова: “Сылаҥҥа успуорт саалата суоҕа хомолтолоох. Бу көнөтүнэн нэһилиэнньэ доруобуйатыгар дьайар, мин көрдөхпүнэ бу диэки сүһүөх ыарыыта лаппа элбээтэ. Уонна улуус күрэхтэһиилэригэр биһиги ыччаппыт син миэстэлэһэр эрээри, дьарыктанар сирдэрэ баара эбитэ буоллар, быдан ситиһиилээхтик кыттыа этэ. Уонна үүнэр көлүөнэ успуорка сыстаҕас буоларын туһугар манна саала арыллара хайаан да наада”,- диэн эттэ. Бу туруорсууга отчуоттуур бөлөх салайааччыта Мария Аргунова хоруй биэрдэ: “Успуорт саалата хас нэһилиэк аайы баар буолуохтаах. Бу туһугар эһиги нэһилиэккититтэн туруорсуу киириэхтээх – бырайыактыыр симиэтэ докумуоннарын оҥорон тустаах хайысхаҕа туттарыҥ. Оччоҕуна өрөспүүбүлүкэ инвестбырайыагар тутуллуохтаах социальнай эбийиэк быһыытынан киирэн үлэҕэ туруоҕа. Бу манан олохтоох дьаһалта дьарыктаныа дии саныыбын”.
Мунньах былааннаммыт кэмиттэн уһаан өр кэпсэтии таҕыста. Түмүгэр сылаҥнар бырабыыталыстыба үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…
Саҥа сылга үктэнээт, киин куоракка култуура кииннэригэр, тыйаатырдарыгар араас ис хоһоонноох дьон сынньалаҥар туһуламмыт тэрээһиннэр…
Тохсунньу 5 күнүгэр социальнай ситимнэринэн Кириэмилгэ Арассыыйа Дьоруойа аатынан Муома улууһуттан Сааһыыр олохтооҕун наҕараадалыахтара диэн…
Эдьигээн оройуонугар аварийнай-чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыга Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 5 күнүгэр киэһэ ыксаллаах…
Бүгүн эрэл, таптал уонна үөрүү күнэ. Чугас дьоҥҥутун кытта бииргэ буолуҥ, үтүө санааҕытын кытта үллэстиҥ.…
Бүгүн Дьокуускай куоракка Преображенскай таҥара дьиэтигэр православнай итэҕэллээхтэр мустуохтара. Бу сарсыарда 10:00 чааска Ороһуоспа иннинээҕи …