Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр Ийэ сылынан сибээстээн, ийэлэргэ анаммыт интэриэһинэй тэрээһиннэр буола тураллар.
Ийэлэр болҕомтолорун тардыбыт тэрээһининэн уһуйаан иитээччилэрэ ураты сонуннук тэрийэн ыыппыт төрөппүт мунньаҕа буолла. «Сулусчаан» уһуйаан төрөппүттэрин мунньаҕар агро-оскуола иһинэн үлэлиир эдэр кэрэспэдьиэннэр кулууптарын чилиэнэ Яна Трофимова сылдьан баран, сонунун бу курдук үллэһиннэ:
— Бастатан туран, иитээччилэр ийэлэргэ анаан оҥорбут кэрэхсэбиллээх муннуктарын киһи сэргии көрөр.
Оҕолор уруһуйдаабыт «Мин ийэм» быыстапкалара — киирии истиэнэттэн саҕаланар.
Үhүс зона — хаартыскаҕа түһүү муннуга. Оттон төрдүскэ — минньигэс «шведскэй» остуол. Манна ийэлэри битэмииннээх утахтарынан күндүлээтилэр.
Кэлбит ийэлэр оҕолорун уруhуйдарын көрөн дуоhуйан, бэйэлэин астарын, оноhуктарын атыылаан астынан, хаартыскаҕа хото түhэн баран, дьэ мунньахтаатылар.
Уһуйаан сэбиэдииссэйэ Надежда Нестерева быйылгы үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар, сайын устата туох үлэ барбытын уонна уһуйаан иһинэн тэриллибит саҥа бырайыактар туһунан кэпсээтэ. Салгыы методист Нарыйа Макарова быйылгы үөрэх дьылын былаанын, уһуйаан үлэтигэр туттуллар электроннай ресурстарга туох тоҕо ирдэнэрин, ону тэҥэ быйылгы дьылга оҕолор ситиһиилэрин сырдатта. Сайдыылаах олох ирдэбилинэн сыыппара технологияларын туһанан куйаар ситимин нөҥүө Чурапчытааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Ася Макарованы кытта быһа сибээскэ холбонон, босуобуйаҕа уларыйыылар баалларын, социальнай хантараакка хайдах кыттыахха сөбүн, араас чэпчэтиилэр туһунан истэн, элбэҕи биллилэр.
Ол кэнниттэн «Виктори-Клиник» педиатрическай отделениетын сэбиэдиссэйэ, медицинскэй наука кандидата, педиатр, гематолог Елена Банщикова «быһа сибээскэ» холбонон, куйаар ситиминэн олус туһалаах иһитиннэриини оҥордо. Холобур, коронавируска хаптаран баран үтүөрбүт оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэрии, туһалаах битэмииннэр, оҕо тоҕо аһыан баҕарбатын, күөмэй ыарыыларын тугунан эмтиэххэ сөбүн уонна да араас туһалаах сүбэни биэрдэ.
Уһуйаан иһинэн тэриллэн үлэлиир «Семицветик» сулууспа төрөппүтү кытта үлэтин Елена Сивцева кэпсээтэ. Бэйэтин тус баҕатынан ыыппыт маастар-кылаастара бары өттүнэн туhалааҕын бэлиэтээн эттэ уонна төрөппүттэри буолар тэрээhиннэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар ынырда. Салгыы «Витаминизация», «Моторика» бырайыактаах төрөппүттэр бөлөхтөрө бэйэлэрин үлэлэрин кэпсээтилэр.
Бу бырайыактарга көхтөөхтүк кыттыспыт төрөппүттэргэ махталларын биллэрдилэр уонна өссө да былааннара элбэҕин эттилэр.
Мунньаҕы уһуйаан физинструктора, фитнесс тириэньэрэ Марианна Семенова этнофитнеһинэн түмүктээтэ. Төрөппүттэр аныгылыы уратытык ыытыллыбыт мунньах ис хоһоонуттан олус астыннылар, сөбүлээтилэр.
Иитээччилэр маннык ураты мунньахтары өссө да ыытыах буолан эрэннэрдилэр, ийэлэр тэрээһинтэн олус астынан тарҕастылар.
«Триумф» успуорт уораҕайыгар саҥа тренажернай саалана арыйар лиэнтэни быһыы үөрүүлээх тэрээһинигэр Арассыыйаҕа чэпчэки атлетикаҕа успуорт…
Дьокуускайга сэтинньи 16 күнүгэр Ойуунускай уулуссаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ тахсыбыт баһаар кэнниттэн үгээрдээн икки оҕо 1-кы…
Амма улууһа мас тардыһыыга Федерация Куубагын күрэҕин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандатын кытта күүстээх киирсиитин…
Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…
Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…