Сылаҥҥа суоппар күнүгэр «Күөх уоту, көнө суолу» тэрээһин буолан ааста
Ааспыт өрөбүлгэ Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгэр Суоппар күнэ үрдүк тэрээһиннээхтик бэлиэтэннэ. Сэбиэскэй Сойуус кэминээҕи бастыҥ үлэлээх чөмпүйүөн-суоппардарга уонна күн бүгүн хотунан-соҕуруунан айанныыр ыарахан уйуктаах массыыналар суоппардарыгар анаан «Күөх уоту, көнө суолу» күрэхтэһии ыытылынна.
Бырааһынньык күн бастыҥ үлэлээх суоппардарга өрөспүүбүлүкэтээҕи наҕараадалары, бочуотунай грамоталары, махтал, эҕэрдэ суруктары туттардылар. Суоппардар нэһилиэккэ киирии аартыктан массыыналарынан параадтаан кэллилэр. Ытык кырдьаҕас Б.П. Баишев аал уоту айах тутан, алгыс сиэрин-туомун толордо.
«Күөх уоту, көнө суолу» күрэхтэһиигэ нэһилиэкпит суоппардара түөрт хамаанданы туруоран, мындыр толкуйдарын, күүстэрин, дьулуурдарын көрдөрөн күөн күрэхтэстилэр. УАЗ-фермер массыынаны соһуу, «КамАЗ» массыына көлүөһэтин эргитии, суол быраабылатыгар тургутуктар, гайка эрийиитэ түһүмэхтэргэ “Тус хоту” хамаанда кыайыылаах аатын сүктэ. Оонньуу бириистэрин, суоппарга наадалаах күлүүс нобуордарын суоппар уолаттар бэйэлэрэ туруордулар.
Маны таһынан, аҕам саастаах чөмпүйүөн-суоппардарга муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэскэ А.Е.Сивцев тэҥнээҕин булбата. Кыайыылаахха нэһилиэк кырдьаҕас суоппара Е.А.Ноговицын-Суоппар Дьөгүөр оҕолоро, сиэннэрэ анал бирииһи олохтообуттарын туттардылар. Кырдьаҕас суоппардар бэлиэтииллэринэн, суоппардар олоҕу хамсатааччылар, туох баар сайдыы суолун саҕар эбийиэктэри, оту-маһы, бурдугу тиэйии о.д.а. үлэ араас көрүҥүн толорооччуларынан буолалларын өссө төгүл санаттылар, эрэнэллэрин биллэрдилэр.
Суоппар дьоммутугар анаммыт дьоро киэһэҕэ фуршет тэрилиннэ, нэһилиэк талба талааннаахтарын эҕэрдэлэринэн киэргэттилэр. Сылаҥтан төрүттээх тимир көлө отуттан тахса суоппаара аҕам саастаах суоппардарга махтанан истиҥ тылларын анаатылар. Силлиэ-буурҕа быыһынан, суола-ииһэ суох тайҕа сирдэринэн айан суола аргыстаах суоппар дьоммут ааспыт кэми ахта-саныы үтүө киэһэни атаардылар.
Манна даҕатан суруйдахха, өрөспүүбүлүкэҕэ сылын аайы ыытыллар ыарахан уйуктаах масссыналар суоппардарын ыһыаҕар Сылаҥ нэһилиэгэ туспа хамаанда туруоран, 2023 уонна 2024 сылларга бэрт кыра очукуонан иккис миэстэлэри ылбыта. Бары көрүҥнэргэ биһиги уолаттарбыт быһый, сыыдам-сылбырҕа буолалларын астына бэлиэтии көрбүппүт.
Айан — ураты эйгэ. Айаҥҥыт суола аргыстаах буоллун, киэҥ аартыккыт арыллан истин, үлэ-хамнас баар буоллун, түбүккүт үтүө түмүктэрдээх буоллун диэн алгыс тылбытын суоппардарбытыгар аныыбыт.
Сылаҥтан Валерия Макарова.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: