Салгыы
Сылдьыбыт сырыыларыттан, истибит чахчыларыттан

Сылдьыбыт сырыыларыттан, истибит чахчыларыттан

12.03.2024, 13:58
Хаартыска: Мордовская Н.И.
Бөлөххө киир:

«Үйэлээх өйдөбүл» диэн сиэрийэҕэ 2019 сыллаахха улаханнык сэҥээрэр, киэн тутта саныыр олоҥхоһутум Алексеев Роман Петрович – Бөҕө Арамаана суруйан хаалларбытын сиэнэ Шелковникова Любовь Гаврильевна хомуйан “Сылдьыбыт сырыыларым, истибит чахчыларым” диэн бэртээхэй кинигэни таһаартарбытын истибитим уонна саҥа булан аахтым. 300 эрэ ахсаанынан тахсыбыт буолан оччолорго тиксибэтэҕим.

Арамаан Алексеевы урут улахан олоҥхоһут быһыытынан уонна эһэбин кытта Уус Алдан промкомбинатыгар бииргэ үлэлээбитин  билэр эбит буоллахпына, билигин туох да бэртээхэй кэпсээнньит, бэйиэт, саха эр киһитэ сатыахтааҕын барытын сатыыр, кыайыгас-хотугас, киэҥ интэриэстээх, билиилээх-көрүүлээх, таһыччы мындыр киһи олорон ааспытын бар дьоҥҥо кэпсээн ааһыахпын санаатым. Эһиил 2025 сылга Арамаан Алексеев төрөөбүтэ 125 сыла буолар, онтон фольклорист-учуонай Пухов Иннокентий Васильевич быйыл төрөөбүтэ 120 сыла. Бу дьону туох сибээстиирий?

Олоҥхо, улуу олоҥхо… Аан дойдутааҕы М. Горькай аатынан литэрэтиирэ үнүстүүтүгэр үйэ чиэппэрэ үлэлээбит Иннокентий Пухов Арамаан Алексеев үс үйэлээх “Алаатыыр Ала Туйгун” олоҥхотун олус үрдүктүк сыаналаабыта, тыла-өһө ылбаҕайын, уус-уранын, ис хоһооно кэрэтин, кэпсэнэрэ уһунун… Ол эбэтэр, бу олоҥхо кээмэйэ уһунунан аан дойду эпостарын ортотугар төрдүс миэстэҕэ турар. Бу икки киһи суруйсубут суруктара Бөҕө Арамаанын сиэннэрин архыыптарыгар бааллар уонна П.А. Ойуунускай аатынан литэрэтиирэ түмэлин үлэһитэ Аммосова Р.Т. хомуйан таһаарбыт “Р.П. Алексеев. Үс үйэлээх “Алаатыыр Ала Туйгун” олоҥхото уонна И.В. Пухов” диэн кинигэтигэр киирбиттэрэ. Бу сүдү олоҥхону бэйэтин кэмигэр И.В. Пухов бэчээттэтэр туһугар күүскэ турууласпыта биллэр, ол туһуттан олоҥхоһут кыыһа, сиэн аймахтара көмөлөөн суруйбуттара, дьаныардаахтык үлэлээбиттэрэ. Оннук үлэ түмүгэр бэрэпиэссэр В.В. Илларионов уонна кини кыыһа Илларионова Т.В. үлэлэһэн таһаарар “Саха боотурдара” сиэрийэ үс бастакы туомугар бэчээттэнэн тахсыбыттара. Ити туһунан кылгастык билиһиннэрэн баран Любовь Гаврильевна таһаарбыт кинигэтигэр төннөбүн.

Хаартыска: Мордовская Н.И.

Манна олоҥхоһут Бөҕө Арамаана оҕо сааһын суруйуута олус кэрэхсэбиллээх, ииппит ийэтэ өлөн хаалан, ииппит аҕатыгар эдьиийдэринээн олус дьадаҥытык олорбуттар. Таҥараҕа тиксии туһунан киһи күлүөх курдук кэпсээниттэн оҕо сааһын суруйар. 1915 с. 1-кы Өспөх нэһилиэгин Үчүгэй Үрэх диэн кэрэ алааһыгар нэһилиэк баайдара Афанасьев Н.Ф. уонна Матвеев Миичэ (Дмитрий эбитэ буолуо. М.Н.) буоланнар ыһыах ыһалларын туһунан сэргэх кэпсээн сайылыктарынан, ыалларынан тарҕаммыт. Ону истэн Арамаан, 15-тээх уол хайаан да барарга санаммытын эдьиийдэрэ саба саҥаран кэбиспиттэр: “Таҥаһа-саба суох хайдах ыһыахха бараары гынаҕын?”, – диэн буолбуттар. Уол таҥаһа диэн ийэтэ бокуонньук эргэ ырбаахытыттан тигиллибит баккы уонна ырбаахы дуомнаах эбит. Этэрбэһин орон анныттан булан таһаарбыта, хаттаччы хатан хаалбытын үлтү сүллүгэстээн сымнаппыт, эргэ сукуна сэлээппэттэн чөрөйбүт гына бэргэһэ оҥорон биэрбиттэрин булан кэппит уонна күнү быһа таһырдьа сылдьыбыт, ыытыахтара суоҕа диэн. Атын сайылык оҕолоро ааһан истэхтэринэ барсардыы кэтэспит, ол курдук барсыбыт. Оҕолор бары киһилии таҥастаахтар эбит. Икки көстөөх сиргэ бэс ыйын сырдык түүнүгэр сатыы хааман тиийбиттэрин, айылҕа дьикти кэрэтин, чыычаах уһуктар ырыатын барытын хоһуйан суруйбут. Халдьаайы диэки балаҕаҥҥа баран өҥөйөн көрбүтэ, олоҥхо истэ олороллор эбит, дьон көхсүлэринэн аттаан тиийэн олоҥхоһукка чугаһаабыт уонна тугу да көтүппэккэ иһиттэрбиэн, уус-уран тылыттан иҥэриннэхпиэн диэн олорбут. Ол туһунан суруйар: «… Олоҥхо омуннаах-төлөннөөх, күүстээх-уохтаах, күрүлгэннээх-үлүскэннээх, үгүс элбэх дэбилгэннээх кэпсээнэ кулгаахпар курулуйа устан, дохсун сүүрүк курдук тохтообокко ааһан истэ. Онтон иҥэринэн хаалар аҕыйах буолаары гынна. Бу киһи маннык үлүгэрдээх баһаам балысхан кэпсээни төһөттөн үөрэнэн идэтийэн, бу курдук этэ-саҥарар буолбута буолуой?», — диэн умсугуйа санаатым. Бу курдук буолар эбит, оҕо олоҥхоҕо тардыһыыта, уһуйуллуута. Онтон сотору олоҥхоһут тохтообут, утуйа түһэн баран түһүлгэҕэ киириэн туһунан этээт, тахсаары гыммытыгар, дьон: “Чабырҕахта ааҕан иһитиннэр эрэ”,—диэн буолбуттар. Киһилэрэ эргиллэ биэрбит да суккуйбутунан барбытын Арамаан маннык суруйбут: “…сир дойду кэрэтин, кыыл-сүөл үтүөтүн, киһи-сүөһү бастыҥын, быһыйы-күүстээҕи, араас идэлээҕи аҕырыаҕа тиспит курдук, чочуллубут уус-уран тылынан иһиттээх ууну иҥнэри аспыт курдук тыһыынчанан тылы аҕыйах мүнүүтэҕэ тоҕо суккуйан ааҕан биэрдэ уонна тахсан барда.

— Алаата, обургу, хаһааҥҥыттан этиэм диэн мунньан сылдьара буолла? Тугун сүрэй? Идэлээх киһи туспа да буолар эбит, — дэсиһэн дьон сөҕөн, бэркиһээн кэпсэттилэр. Мин онно билбитим, дьон олоҥхону, ырыаһыт идэлээх киһини биһирииллэрин, кэрэхсииллэрин. Онно бэйэм кыра идэбин салгыы дьарыктыырга баҕа санаа дириҥник иҥпитэ».

Ити Арамаан уол истибит чабырҕахсыт ырыаһыта Лөгөй нэһилиэгин аатырбыт олоҥхоһута Бөтүкүөп Наһаар эбит. Арамаан уол бу ыһыахха сылдьан олоҥхо, чабырҕах истэн, атах оонньуутун, бөҕөстөр хапсаҕайдарын көрөн, кымыска да, эккэ да тиксибэккэ икки суукка хам аччык сылдьыбытын кэрэйбэккэ, улаханнык дуоһуйан-астынан кэлбитин ааҕар дьикти. Оннук буолар эбит, аһыыр аска, таҥнар таҥаска болҕомто уурбакка, кута-сүрэ норуот уус-уран тылынан айымньытыгар умсугуйбут урукку саха оҕотугар.

Бөҕө уола Арамаан салгыы кэпсээннэриттэн ойуччу киһини умсугутар кинигэ иккис түһүмэҕэр киирбит “Буолбут чахчылартан кэпсээннэр” диэн. Манна кини кимтэн, хас сыллаахха истибитин чопчулаан ыйар, эмиэ киһини умсугутар үтүө кэпсээннэр киирбиттэр. Суруйуутугар билигин туттуллубат буолбут, умнуллубут тыллар бааллар, ол эмиэ кэрэхсэбиллээх. Уонна дьон аатын өйдүүрэ, күрэхтэһиигэ хас хамсаныыларын, туттууларын-хаптыыларын ураннык бэлиэтии көрөн хаалбыта, оннооҕор таҥна сылдьар таҥастарын ойуулуура дьикти. Оччотооҕу дьоннор нууччаттан киирбит ааттарыгар хайаан да аҕаларын таптал аата сыһыарыллар буолар эбит. Холобура: Туомуска уола Көстөкүүн, Тыҥай уола атыыһыт Дьаахса, Лэкээрин уола Лаһыанай Дьөгүөр, Тэлээкэп уола Бүөчэ, Төбөкө Дайыыкката, Бүөтүчээн Баһылайа, Көҥдөй Миисикэтэ о.д.а. Атын да сахалыы ааттаах дьону өйдөөн сурукка тиспитэ кэрэхсэнэр: Харахаан Өлөксөөндүр, Лиһигир Бүөтүр, Өйөөбүт Миитэрэй, Кыбыас Мэхээлэ, Хооной Хонооһой о.д.а. ааттары ааҕа олордоххо хараххар оччотооҕу дьон көстөн кэлэргэ дылылар. Былыргы саха барахсан арааһа нуучча аатын астыммакка хайаан да сахалыы состороонньо ааттанара суруллубатах “сокуон” быһылаах, оччотугар эрэ кини дьиҥ саха урааҥхай буоларын туоһута буолар эбит буоллаҕа.

Сити курдук, ааттаах олоҥхоһут Бөҕө уола Арамаан – Роман Петрович Алексеев, төрөөбүтүнэн Соловьев, политсыылынай Странден Николай Павлович сиэнэ суруйан хаалларбытын кинигэтин булан аахтаргыт элбэҕи билиэ, сэҥээриэ этигит, “Алаатыыр Ала Туйгуну” аахтаххытына, саха буоларгытыттан киэн тутта үөрүө этигит диэн тураммын суруйуубун улуу олоҥхоһут тылларынан түмүктүүбүн.  “Ханнык да кыра омуктар, норуоттар бэйэлэрин төрүт тылларын сайыннарарга баҕалаахтар, умнубут норуот суох. Ол курдук саха норуотун эдэр көлүөнэтэ эмиэ бэйэтин төрөөбүт төрүт тылын, олоҥхотун, тойугун салгыы сайыннарыахтара диэн эрэл санаа баар. Ол даҕаны урут идэтийэн сылдьыбыт кырдьаҕас дьон биһиги тылбыт-өспүт, айымньыбыт кэннибитигэр хаалан туһаҕа турдун диэн эрэйи харыстаабакка, сыралаһан туран үлэлэһэбит”.

Наталья МОРДОВСКАЯ, төрүт култуура педагога.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: