Сылгы өҥүн-дьүһүнүн төһө үчүгэйдик билэҕин?
Ирбэт тоҥноох, тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр сылгыны үөрдээн иитии култууратын сайыннарбыт тугунан да кэмнэммэт сүдү үтүөлээх омук диэн билинэллэр. Саха сиригэр кулун тутар 21 күнүгэр Сылгыһыт күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Дьөһөгөй оҕотун өҥүн-дьүһүнүн саха норуота хайдах көрөрүн уонна ааттыырын билиһиннэрэбит.
Сылгы дьүһүнүн быһаарыыта:
Хар — чох көмөрүн курдук өҥнөөх.
Тураҕас — сиэлэ, кутуруга, уорҕата харааран, ойоҕосторо кытаран көстөр дьүһүннээх.
Сиэр — бэйэтэ кугастыҥы дьүһүннээх гынан баран сиэлэ, кутуруга хара ардайдаах.
Көҕөччөр — көҕөрүмтүйэр бороҥ дьүһүннээх (күл курдук дьүһүннээх).
Сылгыны дьүһүннүүргэ сиэлин, кутуругун, кулгааҕын, хараҕын эмиэ болҕомтоҕо ылаллар эбит. Сиэргэ-туомҥа туттар сылгыларын өҥүгэр улахан болҕомтолорун уураллар. Холобур, былыр сахалар хатыр маҥан биэнэн абааһыларга сиэртибэ биэрэллэрэ, сүктэр кыыска маннык дьүһүннээх биэни энньэҕэ биэрбэт этилэр. Чыҥкыл маҥан сылгы туйаҕа кытары дьэҥкир буолар. Сылгыһыт саха кыраҕы хараҕынан Дьөһөгөй оҕотун хайдах мындырдаан дьүһүнүн быһар холобурун көрүҥ.
Улаан — сиэлэ, кутуруга, сиһин ороҕо, самыыта сырдаан көстөр, бэйэтэ кытархайдыҥы өҥнөөх. Кыһыл улаан, кугас улаан, саһыл улаан, сырдык улаан, улаан сиэр.
Чуоҕур — эбир курдук кыра-кыра ойуулардаах, толбоннордоох. Самыытыгар үрүҥ бөлөх-бөлөх түү толбонноох. Арааһа: хара чуоҕур, кугас чуоҕур, чуоҕур маҥан.
Буулур — Түүтүн төрдө уонна хос түүтэ туртайан, оттон төбө диэкитэ кытарымтыйан көстөр дьүһүннээх. Кыһыл буулур.
Элэмэс — бөдөҥ маҥан ойуулардаах, эриэн дьүһүннээх. Арааһа: буулур элэмэс, кыталык элэмэс, күөх элэмэс, сур элэмэс, тураҕас элэмэс, хара элэмэс
Араҕас — кутуруга, сиэлэ сырдаан көстөр, онтон атына кыһыллыҥы саһархай. Арааһа: алтан араҕас, сырдык араҕас, үрүҥ араҕас, ыыс араҕас, күдэн араҕас.
Маҥан — үрүҥ дьүһүннээх, хаар өҥө өҥнөөх. Сылгы хоҥоруутун, кулгааҕын иһинээҕи түүлэрэ, мунна, хаҥарайа, кутуругун иһэ, сүһүөхтэрин түүтэ, сиэлэ, кутуруга, сиһин ороҕо маҥан, туйаҕа дьэҥкир буоллахтарына кыыда маҥан сылгы дэнэр. Аас маҥан, хаар маҥан, куба маҥан, туус маҥан, кырта маҥан, үүт кэрэ, чыбыаскай маҥан.
Ала — ойоҕосторо маҥан эбэтэр курдуу маҥан өҥнөөх. Туос ала, кугас ала.
Кугас — кытархайдыҥы саһархай дьүһүннээх. Бүтэй кугас, кугас тураҕас, кугас элэмэс, куочай кугас, моҥул кугас, солоҥдо кугас, туос кугас, тымтык кугас, уоһах кугас, уот кугас, хоҥор кугас, чүмэчи кугас.
Саалыр — харатыҥы сиэллээх, кутуруктаах, сиһэ туртаҕар, кытархайдыҥы саһархай бороҥ.
Сур — хара ардайдаах сиэллээх-кутуруктаах бороҥ эбэтэр күрэҥниҥи.
Хоҥор — самыыта, уорҕата хараҥа араҕас аалыктаах, сиэлэ, кутуруга өлбөөдүйэн көстөр, тэбэгэйин түүтэ, өрөҕөтҕ сырдык. Хоҥор кугас.
Г.Н. Шишигина.
Сылгы өҥүн-дьүһүнүн быһаарыыта «Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыттан» ылылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: