Салгыы
Сылгы идэһэ

Сылгы идэһэ

03.11.2024, 18:15
Ахсынньы саҕаланыыта — саха ата саамай уойар кэмэ. СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ, билигин сахалар сылгыны хото иитэллэр, идэһэлэнэллэр. Маныаха сылгыга сыһыаннаах оччотооҕу үгэстэри төһө тутуһабыт? Былыр сылгы төһө эмиһин хайдах быһааралларай?

Сылгыга сыһыаннаах үгэстэр

Былыр сылгы сүөһүгэ сыһыаннаах үгүс үгэс баара. “Считается грехом перешагивать через ремень, натянутый для привязывания жеребят. “Только безумный человек перешагнет через узду жеребенка” (Баһа суох киһи көҕөнү атыллыаҕа). Грех бросать на землю волосья, вырезанные из конского хвоста, их следует бросать на жеребца. Нельзя лить на пол закваску кумыса: счастье разольешь” диэн И. А. Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” кинигэтигэр суруйар.

Аны кулуну үүннээх атыылыыр үгэстээхтэр, үүнэ суох сылгы тыына суох диэн этэллэр. Ол иһин үүнэ суох атыыламмыт сылгы өлөр дииллэр эбит. Дьиҥнээх саха үчүгэй атын атыылыырыгар булгуччу ыйан-кэрдэн, үөрэтэн ыытар: “Үйэлээх саас тоххору дьоллоох сүөһүнү иит, аналлаах иччигин абааһыга биэримэ, албыннатыма! Үрдүк мындааҥ үрдүгэр илдьэ сыльльаҥҥын иччигин дьолу-саргыны көрсөр буоллун. Уһун үйэлэннин, кэтит дьоллоннун. Хатан харах уоттаах таба көрбөтүн, татаар тыллаах таба эппэтин. Миэхэ даҕаны үчүгэйдик сыльльыбытыҥ, бу да тойоҥҥор (хатыҥҥар) үчүгэйдик сырыт, Соноҕоһум, алҕаатаҕым эйигин!” — диэн алгыыр эбит. Билигин биэни, тыйы, дэҥ кэриэтэ үөрүнэн сылгыны атыылыыллар.

Аны былыр сахалар оҕоҕо сылгы кулгааҕын, хараҕын, муннун о. д.а. сиэтэллэр, оттон ынах ити чааһын сииллэрин боболлор эбит. Сылгы сүрэҕин уолаттар эрэ сииллэрэ үһү (кыргыттар ынах да, сылгы даҕаны гиэнин хайатын баҕарар).

Кымыс иһэр киһи чороонноох кымыһы үрүө суохтаах, биэлэр куттас буолаллар. Уус киһи үйэтин тухары үстэн элбэх кымыс хамсатары оҥоруо суохтаах, аньыы дииллэр. Үс бастакытын алдьаппыт эрэ буоллаҕына, оҥороро көҥүллэнэр эбит.

Идэһэлэнии

Сахалар сылгыны кыстык хаар түспүтүн, эт тоҥор буол бутун кэннэ, сылгы уойуутун ыһыктыан иннинэ өлөрөллөрө. Халлаан сылааһыгар өлөрүллүбүт сылгы этэ уһуннук барбат, саас эрдэ куурар, сүмэһинэ сүтэр, салгынныыр.

Түөртэн ордук илии хаһалаах сылгы дэҥҥэ көстөр. Үс бастакы туругу ырыганнааһыҥҥа киллэрэллэр диэн этиллэр.

Аны сылгыны соноҕоһугар, ол аата 3,5–4,5 сааһыгар диэри өлөрөллөр. Кыра сылгы этэ сиппэтэх, оттон саастаах сылгы собообут эттээх диэн ааттыыллар. Оттон билигин убаһанан идэһэлэнии киэҥник дэлэйбит кэмэ.

Урут сүгэ ончоҕунан сүүскэ биэрэн дөйүтэллэрэ. Түөрт чиккэччи тэппит атахтарын икки киһи хоннохторугар кыбытан, ыйааһыннарынан ыга баттаабыттарын кэннэ, үһүс киһи сылгы түөһүн тылынан туһаайан, быһах уһугунан, тириитин, тараһатын түөрт тарбах кэтиттээхтик быһаҕынан быһар, тарбахтарын төбөтүнэн өрөһөтүн хайа анньан, хорук тымырын быһа тардар. Үөһү тардан өлөрүүгэ сылгы этэ, иһэ ыраастык астанар, элбэх хаан ылыллар, эт уһун бириэмэҕэ харайыыны тулуйумтуо буолар диэн “Сахалар сылгыны хайдах туһаналларай?” кинигэҕэ балачча сиһилии суруллар.

Сылгыны сүүскэ биэрэн дөйүтэн баран хабарҕатын туора сотон өлөрүүгэ хаана аҕыйах буоларын ыйаллар.

Оттон И. А. Худяков суруйарынан, сүрүн атыыры (эбэтэр үөр атыыры) өлөрөллөрүгэр хаһаайын маннык алы гыннарар этиилээх: “Сүүрэр атаҕым, көтөр кынатым! Илгэлээх дьолгуттан бэрис, далгар киир!” Тыыннаах атыыры илин, кэлин атахтарыттан баайаллар уонна сиргэ охтороллор. Өрөҕөтүн быһаҕынан хайа быһар киһи кымыстаах чороону ылан иһэр. Итиэннэ быһаҕынан өрөҕөтүн түөрт гыммыт биирин быһан, илиитин уган хорук тымырын быһа тардар. Үөрүйэҕэ суох дьон хорук тымырын көрдөөн сылгыны сордууллар диэн суруйар. Өскөтүн саамай бастыҥ уонна саастаах атыыры өлөрөр буоллахтарына, ханыы гынан биэни өлөрөллөр эбит.

Сорох суруйууларга былыр сүөһүнү сүүскэ охсубакка, үрүҥ сүнньүн быһаҕынан анньан өлөрөллөрүн туһунан баар.

Эмиһин быһаарыы

Өбүгэлэрбит сылгы этин, хаһатын сии сатыыллара. Өскөтүн ынах сыата киһи этигэр-хааныгар киирэн иҥэн, тымырдары бүөлүүр эбит буоллаҕына, сылгы этэ төттөрүтүн атеросклеротическай бөлчөхтөрү үөскэтэр холестерины суурайан таһаарар буолан, атеросклероһу сэрэтэр диэн кэлин элбэхтэ этиллэр буолла. Аныгы дьон “фыы”, “фаа” диэн сылгы хаһатын, быарын сиикэйдии сиэбэттэр. Уопсайынан, кэлин олохтоох эт-ас бас быстар сыаналааҕынан уонна хос амтаннаах диэн сирэн, анемиялаах оҕо, эдэр дьон элбээбиттэр. Оннооҕор балыыһаҕа тиийэ киирэллэрэ иһиллэр.

Оттон былыр сылгы сыата, быара, этэ бастыҥ аһынан биллэр. Сылгы уойуутун букатын 12 суолга араараллара диэн суруйаллар. “Саха төрүт аһа-үөлэ” кинигэҕэ сылгы уойуутун туһунан маннык суруйаллар:

1. Ырбыт — олус көтөхтөрбүт сылгы. Куҥа, тааһа ардьайан көстө сылдьар. Доруобуйаҕа буортулаах диэн сиэбэттэр. Этэ, уҥуоҕа симэһинэ суох.

2. Уҥуоҕа бүрүллүбүт. Дьадаҥылар миинин иһэллэр, этин сииллэр. Сэниэ, баай ыаллар сиэбэттэр.

3. Уҥуоҕа биллэр. Этин, силиитин сииллэр, миинин иһэллэр.

4. Толору куҥнаах. Сыата суох, ол гынан баран этэ үчүгэй, доруобай.

5. Кыһыл сыа. Арҕаһыгар эрэ кыһыл сыалаах.

6. Тыҥа сыа. Ойоҕоһугар сыата суох. Арҕаһын сыата үрүҥ.

7. Үрүҥ тараһа (эбэтэр батыйа өнчөҕө). Тириитин аннынан чараас үрүҥ сыанан бүрүллүбүт.

8. Былыт тараһа (эбэтэр ылгын чыҥыйа хаһа). Ылгын чыҥыйа суонун саҕа халыҥнаах хаһалаах.

9. Биир илии хаһа. Биир тарбах суонун саҕа халыҥнаах хаһалаах.

10. Икки илии хаһа. Икки тарбах суонун саҕа халыҥнаах хаһалаах.

11. Үс илии хаһа. Үс тарбах суонун саҕа халыҥнаах хаһалаах.

12. Түөрт илии хаһа. Түөрт тарбах суонун саҕа халыҥнаах хаһалаах.

Түөртэн ордук илии хаһалаах сылгы дэҥҥэ көстөр. Үс бастакы туругу ырыганнааһыҥҥа киллэрэллэр диэн этиллэр. Дьээбэҕэ, бэйэҕит сылгыгыт төһө уойбутун бу манан сирдэтэн тэҥнээн көрөөрүҥ.

Маны билэҕин дуо?

Сылгы сүөһү сааһынан аата

Кулун — жеребенок по первому году жизни, в первую весну до 6–7 месяцев

Убаһа — жеребенок в первую зиму до одного года

Тый — жеребенок с одного года до двух лет

Эмньик тый — жеребенок-сосун

Ханчааһын тый — жеребенок, отделенный от матери

Тиҥэһэ соноҕос (атыыр соноҕос) — молодой жеребец от двух до трех лет

Тиҥэһэ кытыт — молодая кобылица от двух до трех лет

Кытыылыыр соноҕос — молодой жеребец от трех до четырех лет

Кытыылыыр кытыт — молодая кобылица от трех до четырех лет

Түөртээх соноҕос — жеребец от четырех до пяти лет

Түөртээх кытыт — кобылица от четырех до пяти лет

Биэстээх соноҕос — жеребец от пяти до шести лет

Биэстээх кытыт — кобылица от пяти до шести лет

Кытыт биэ (4–5 саастаах) — молодая кобыла

Тиҥэһэ биэ — (3 саастаах) — трехгодовалая кобыла

Атыыр — жеребец-производитель

Толуу атыыр — старый крупный жеребец

Ат — жеребец холощеный, мерин

Биэ — кобыла

Туҥуй биэ — кобыла первожеребая

Буос биэ/уулаах биэ — жеребая кобыла

Үтүрүм биэ — ожеребившая кобыла

Кытарах биэ — яловая кобылица

Баайтаһын биэ — (төрөөбөтөх эмис биэ) яловая, упитанная кобыла

Миҥэ — объезженный, ездовой (о конном скоте)

Сүүрүк ат — беговая лошадь, скакун

Сылгы — конный скот, находящийся на пастбище, тебеневке.

(“Биология терминнэрин нууччалыы-сахалыы тылдьыта”, Дьокуускай, 1993 с.; Ойуу тылдьыт, Дьокуускай, 1998 с.)

СИА хаартыската

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: